25.01.2021 | 08:17

Биһиги буойун аҕабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги аҕабыт Дмитрий Ананьевич Петров – Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сахалартан соҕотох "Албан Аат” уордьан толору кавалера. Кини 1945 сыллаахха муус устар 20 күнүгэр Берлинтэн 60 көстөөх Хоенштейн диэн нэһилиэнньэлээх пуун иһин кырыктаах кыргыһыы кэмигэр улаханнык бааһыран госпитальга киирбитэ. Онно эмтэнэ сытан Кыайыы күнүн көрсүбүт.

Госпитальга балтараа сыл сытан эмтэнэн баран, 1946 сыллаахха  дойдутугар эргиллэр. Кэлэн да баран дойдутун балыыһатыгар салгыы эмтэнэр. Ол кэмҥэ балыыһаҕа поварынан үлэлии сылдьар Бүлүүттэн төрүттээх Осипова Александра Гаврильевнаны көрсөн 1948 сыллаахха ыал буолаллар.

Ийэм убайа Петр Гаврильевич Осипов баһаарынай чаас начальнигынан ананан, кэргэниниин Ивановскай уобаластан төрүттээх нуучча кыыһа Агриппиналыын  уонна аҕабыт эдьиийэ Мария күтүөтэ Василийдыын  дьоммутугар кыра сыбаайба тэрийбиттэр.

Дьоммут алта оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, бэйэлэрин удьуордарын салҕаан, билигин биһиги халыҥ аймах буоллубут.

Аҕабыт бииргэ төрөөбүт суос соҕотох эдьиийэ – Мария Ананьевна Будикина. Кини Будикин Василий Михайловичтыын ыал буолан, 4 оҕону төрөппүттэрэ. Эдьиийбит улахан кыыһа Ефросинья Васильевна куоракка олорор, 3 оҕолоох, элбэх сиэннээх, биэнсийэҕэ тахсан баран, хоһоон  хомуурунньугун таһаарбыта. Икки уола Василий, Прокопий – Ытык Күөл олохтоохторо.  

Биһиги аҕабыт оҕолорун  бэйэтэ ааттаабыта диир этэ ийэбит. Улахан убайбытын аҕатын аатынан Ананий диэбит. Үс кыыһын сибэкки аатынан ааттаабыт – Астра, Лилия, Азалия. Оттон икки кыра уолаттарын ийэм аҕатын аатынан Гаврил уонна кыра бырааппытын ийэм убайын аатынан Петр диэн сүрэхтээбит.

Оччотооҕу кэмҥэ төрөппүттэрбит сарсыарда эрдэ үлэлии бараллара уонна киэһэ биирдэ кэлэллэрэ.  Онон  биһигини кыра эрдэхпитинэ ийэбит ийэтэ Агафья оҕолоон улаатыннарбыта. Оччолорго төрөөбүт дьахталлар баара-суоҕа биир ый дьиэҕэ олорон баран үлэҕэ тахсаллар эбит. Инньэ гынан, ийэбит иккис ыйыгар барбыт оҕотун ийэтигэр хаалларан баран үлэтигэр тахсар эбит.

Төһө да ыарахан усулуобуйаҕа сырытталлар, биһигини харыстаан ииппиттэрэ, ханнык да үлэттэн толлубат буоларга, барыны бары сатыырга үөрэппиттэрэ. Аҕабыт,  салайар үлэҕэ үлэлиир буолан, сарсыарда эрдэ тахсан барара, киэһэ хойут араас мунньахтар кэннилэриттэн арыт түүн да кэлэр эбит этэ. Оччолорго  сэрии кэнниттэн олох ирдэбилэ да буоллаҕа буолуо.

Аҕабыт хаҥас илиитэ улаханнык бааһыран такыр этэ, кыайан үөһэ көтөхпөт, аллара түһэрбэт, наар такыччы тутта сылдьар буолара.  Киэһэтин оҕолор аҕабыт ыалдьар илиитин наар уочаратынан массаастыырбыт. Ол  кэммитигэр остуоруйа кэпсиирэ, сурунааллартан ааҕара. Бэйэтэ иллэҥ кэмигэр утуйаары сытан хаһыат, сурунаал ааҕара, араас политлекцияларга бэлэмнэнэн, суруксуттаан тахсара. Олус чөкө буолара, араас докумуоннарын барытын "скоросшиватель" паапкаҕа барытын кичэллээхтик килиэйдээн, сыһыаран уурара. Олор билигин да миэхэ бааллар.

Өрөбүллэргэ аҕабыт салайыытынан оҕолор бары субуотунньуктуу тахсарбыт. Маһы бэрэстээккэ уураммыт солбуһа сылдьан эрбээн аҕай биэрэрбит. Кыһынын дьиэ тэлгэһэтин  хаарын барытын олорчу күрдьэрбит, аны санаатахха, тиэргэни барытын күртэрэр этэ. Күрдьүк хаар өрөһөлөнөн турарыгар бырааттарым, убайым окуоппа оҥостор буолаллара, арааһа, аҕабыт үөрэтэн оннук оҥостоллоро эбитэ  буолуо. Муус ылыытыгар убайбытын, бырааттарбытын илдьэ барааччы. Сааһын кырыыһаттан хаар түһэрэрбит, күөлтэн салаасканан, тэлиэгэнэн туттар уубутун таһарбыт. Аҕабыт биһигини "мин илиилэрим уонна атахтарым" диэн таптаан ааттыыра. Хаһан да мөхпөт этэ.

Төбөбүтүттэн имэрийэрэ уонна  сыллыыра.

Сайынын оччолорго моой оттууллар этэ, онно убайбыт Ананий уҥа, хаҥас илиитэ буолан, сүрүн көмөлөһөөччүтэ, от охсооччута  буолара.

Аҕабыт бултуурун олус сөбүлүүрэ. Күһүн, саас куска, куобах күрэҕэр, балык муҥхалааһыныгар  дьону түмэн, салайан илдьитэлиирэ.  Уолаттарын эмиэ кыра эрдэхтэриттэн саанан ытарга, бултуурга уһуйбута. Оччолорго булка барарыгар биһиги, оҕолор, бары ботуруон иитиитигэр субуотунньуктуурбут. Ким эрэ ботуруоҥҥа бөстүөн угара, ким эрэ доруобунньук кутара, ким эрэ буорах кутара уонна пыш быһарбыт.

Аҕабыт наһаа аймаҕымсах этэ. Тастыҥ бырааттарыгар, балтыларыгар күүһэ, кыаҕа тиийэринэн көмөлөһөрө, сүбэ-ама буолара.

Сэбиэскэй Аармыйа күнүгэр уонна Кыайыы күнүн бырааһынньыга киниэхэ олус долгутуулаах буолар эбит этэ. Уордьаннарын, мэтээллэрин кэтэн,  араас көрсүһүүлэргэ, тэрээһиннэргэ барарын субу баардыы өйдүүбүн. Киэһэттэн эрдэ бэлэмнэнэн: "Тукаам, ити уордьаннарбын үчүгэйдик ыраастаан кылабачыт", – диэн миэхэ биэрэн ыраастатара. Урут "Особый" диэн  сухой бороһуок баара. Ону кутан баран сукуна таҥаһынан  күлүмүрдүөр диэри ааларым, ол кэннэ көстүүмүгэр иилинэрэ.

Улаханнык ыалдьа да сытан санаатын түһэрбэт, олох үтүөрүөм диирэ.  Биирдэ мин илиитин массаастыы, имэрийэ олордохпуна эппитэ: "Тоойуом, эйигин ахсыс кылааһы бүтэрдэххинэ, Бүлүү педучилищетыгар илдьэн үөрэххэ киллэриэм", – диэбитэ.

Аны санаатахпына, оҕолорго сыстаҕас соҕуспун бэлиэтии  көрөн, учуутал дуу,  иитээччи дуу буолуон сөп эбит диэн эппитин оччолорго соччо аахайбатах эбиппин. Билигин кэлэн олоххо суолбун булунарбар салайбыт эбит  дии саныыбын. Москубаҕа улахан эпэрээссийэни ааһан баран дьиэтигэр кэлэригэр барыбытыгар кэһии бөҕөтүн аҕалбытын өйдүүбүт. Ону кэлин саныыбыт ээ, кини нэһиилэ сылдьан маҕаһыыннары кэрийэн бүтэһик кэһиилэрин атыыласпытын. Кыайан аһаабат буолан, аһаҕас бааска трубка уган аһатар этибит. Олох быстаары сытан биирдэ да айакалаабакка, ыһыытаабакка, аймаммакка, биһигини куттаабакка  күн сириттэн күрэммитэ. Билигин хайдахтаах курдук кытаанах, модун санаалаах, дьиҥнээх буойун, саллаат буолан биһиги кэккэбититтэн чиэстээхтик туораабыт эбит дии саныыбыт.

Аҕабыт сырдык мөссүөнэ биһиэхэ барыбытыгар суолдьут сулус буолан сүрэхпитигэр мэлдьи баар.

Кыра кыыһа Азалия Дмитриевна Софронова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, үрдүк категориялаах "Березка" уһуйаан иитээччитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...