Бэйэни кыайыы эбэтэр олох гимнэ
Мин куоракка оҕолорбор, кыракый сиэммин көрө таарыйа, сыллааҕы уоппускам аҥаарын ылан кэлбитим нэдиэлэ буолла. Дойдугар үлэ үөһүгэр сүүрэ-көтө, мөхсө сылдьыбыт киһи эмискэччи тохтоон олороруҥ уонна иккис сылын салҕанар аан дойдуну хамсаппакка хам ылбыт ыарыыттан сэрэнэн, кимиэхэ да эрийэн кэпсэтэриҥ хааччахтааҕа киһи кутун-сүрүн баттыыр. Бу тула буола турар олоҕу таһыттан эрэ көрө сылдьар курдуккун, дьиҥнээх олох эйигиттэн сабыылаах кэриэтэ. Ким кими да кытта уу хараҕынан утары көрсөн кэпсэппэт, санаа-оноо атастаспат. Онон бэйэҥ бэйэҕэр бүгэн сылдьаҕын. Бэйэлээх бэйэҥ айбыт "мин" диэн ааттаах аан дойдугар. Дьэ, манна биллэр өрөөбөккө иннин диэки дьулуруйар саҥа күҥҥэ үҥэр-сүктэр туох туһугар олорор киһи барахсан кутун-сүрүн уйана-хатана. Ол эрээри Сиргэ кэлбиккэ сүрэх тэбэрин тухары олох салҕанар. Хамныыр, тыынар устата кэми-кэрдиини билиммэт, үрдүккэ-кэрэҕэ ыҥырар күүстээх санаа суола кимиэхэ да аһаҕас. Сырдык хараҥа солбуһан, тыҥ хаттар, им сүттэр, эн, ханнык да күҥҥэ, түгэҥҥэ төбөҕүн өрө көтөҕөн, бэйэҕин эрэ сүтэрбэтэргин инниҥ диэки баран иһиэх тустааххын. Кими да үтүктүмэ, киһи-эн, хайдах бааргынан кэрэҕин, дьиктигин эбээт. Сир олоҕор Дьол, Кэрэ диэн дьоҥҥо бэйэлэригэр эрэ баар. Ханна да атыыламмат, уларсык, иэс ылбаккын. Оннук, кэмэ суох Кэрэ, уостубат Дьол, Дьикти арай дьахтар баар ээ. Итинник санаам субу бэҕэһээ аҕай Аан дойду дьахталларын күнүн иннигэр ыытыллыбыт бары ватсаап бөлөхтөрүн айар куттаахтарын түмэр көрсүһүүлэрин НКО «Көҥүл иэйии» (сал. И.И. Афанасьев ) уонна ыытааччы Ульяна Скрябина-Умсулҕан Хотун тэрээһиннэригэр сылдьан эбии бөҕөргөөтө. Ханнык эрэ көстүбэт тоҕойго хаайтаран, харгыстанан турбут көмүөл мууһа төлө барбытыныы төһөлөөх өр көрсүспэккэ тэйсэн, муна-тэнэ, муунтуйа сылдьыбыт дьон туохха да хотторбот, уҕараабат үөрүүтүн, тапталын кэмэ суох олох улуу байҕалыгар умсаахтаан, угуттанан ыллым. Хас көрсүбүт билэр-билбэт киһиҥ бары олох туох эрэ кистэлэҥин билбиттии сирэйдиин-харахтыын сырдыырын көрөн киэн туттар дуоһуйуу саҕа кэрэ суох. Бу тэрээһиҥҥэ сылдьыбыт дьон бары даҕаны, дьэ кырдьык били эппиттэринии: “Киһи саамай улахан кыайыыта - киһи бэйэтин кыайыыта”, - диэни эттэринэн-хааннарынан, өйдөрүнэн-санааларынан билбит курдук бары кыайыылаахтар. Махтал тылларын аныыбын эһиэхэ барыгытыгар, ис кэрэҕит сырдыгар, ырааһыгар! Намтан: «Отуу уота» Надежда Азарова - Алаас Илгэ, Екатерина Никифорова - Куо, Елена Ильина – Намчы. Горнайтан: «Сыккыс” айар түмсүү, салайааччы Аталина Олесова, Ангелина Захарова, Екатерина Александрова - Ылдьаа кыыһа Кээтии уонна Александра Капитонова. Бүлүүттэн НКО сүрүннээччитэ Елена Сивцева – Талбаана. Хаҥаластан- Айтыына Уран, НКО сүрүннээчитэ Саргылаана Федорова - Сайын уонна Илья - Ылдьаа Хоточчу. Кэбээйи Мукучутуттан «Кырдал” айар түмсүүттэн Вера - Итэҕэл, Уус Алдантан – «Уһуктуу” айар түмсүүттэн Галина Аммосова, эдэрдэр түмсүүлэрэ салайааччы Диана Сутакова, Ираида Коркина - Чугдаара. Кириэс Халдьаайы Томпотуттан - Сэгэлдьийэ Чээлэй. Сунтаар “Ньургуһуннар” айар түмсүүттэн Елена Антонова-Күн Сиккиэрэ. Ону таһынан Дьокуускай куораттан «Хоһоон Хонуута”, «Сахалыы тыынынан”, “Дьүөгэлэр”, “Көҥүл иэйии” айар түмсүүлэрэ. Кылгас бэлиэтээһиммин поэт Альберт Бүлүүйүскэй тылларынан түмүктүөхпүн баҕарабын:
"Кэннибэр хаалбыт Кэнчээри ыччаттар Кэрэхсээн ааҕаарыҥ тиһэх тылларбын: Сир да кээрэннэр, күн да бараннар, Син биир барыны кыайар баламат күүс баар! Ол таҥара - Дьахтар! Ол таҥара - Таптал! Ол таҥара - Ийэ - Кыыс - Дьахтар!".
Елена Антонова- Күн Сиккиэрэ