07.03.2024 | 16:00

Бэйэбит буруйдаахпыт. Көннөрүнүөххэ.

Бэйэбит буруйдаахпыт. Көннөрүнүөххэ.
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Сахалыы тыыннаах уһуйааҥҥа сылдьыбат, оннук оскуолаҕа үөрэммэт куорат оҕото, баҕарбатаҕын да иһин, кыра сааһыттан нууччалыы эйгэҕэ улаатар. Ол эрээри «оҕом сахалыы өйдөөбөт, нууччалыы эрэ саҥарар» диэн баран тугу да гыммат табыллыбат. «Уһуйааммыт, оскуолабыт нууччалыы, хайыыр да кыах суох» диэн сапсыйан кэбиһэр – куотунуу, чэпчэки суолу батыһыы, оҕо дьылҕатын санаабат буолуу, инники кэскилин сарбыйыы.

Сахалыы кылаастар эрэ нэдиэлэҕэ алта күн үөрэнэллэрэ – тэҥэ суох быһыы. Ити – төрөппүт, оннооҕор улуустан куоракка көһөн кэлбит ийэ, аҕа оҕотун нууччалыы кылааска биэрэ сатыыр биир төрүөтэ. Аныгы төрөппүт субуотатын харыһыйар... Оҕотун кытта алтыһар бириэмэтин харыһыйар буолуон эмиэ сөп.

Дьиҥнээх сахалыы эйгэ сайылыкка баар!

Саха сирэйдээҕи уун-утары көрөн туран тоҕо нууччалыы кэпсэтэбитий? Бэйэбит буруйдаахпыт, баҕаран туран нууччатымсыйа сатыыбыт... 

 

Кулун тутар 5 күнүгэр  «ИЙЭ ТЫЛ-2024» форум чэрчитинэн А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар  «Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» түһүлгэҕэ дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии, санаа атастаһыыта буолан ааста. Тэрээһини СӨ Наукаларын академиятын Төрөөбүт тыллары чинчийэр, сайыннарар киинин салайааччыта, педагогика билимин доктора Феодосия Габышева иилээн-саҕалаан ыытта. Барыта 70-ча киһи кытынна: ол иһигэр оскуолалартан – 26, уһуйааннартан – 34, ону сэргэ хаһыат, наука уонна национальнай гимназия үлэһиттэрэ, төрөппүттэр.

Феодосия Васильевна этэринэн, оскуолаҕа сахалыы тыыннаах эйгэни тас көстүүттэн саҕалаан бары кыаҕы туһанан тэрийиэххэ сөп, ол эрээри сүрүн болҕомто үөрэхтээһин ис хоһоонугар ууруллуохтаах, ону кыайан аттаран киллэрбэт буоллахха, балачча уустук.

“Кыттааччылар бары оҕону дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тылынан иитии улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Уһуйааннарга уонна оскуолаларга сахалыы тыыны уонна эйгэни олохсутуу кыһалҕатыгар сүрүн болҕомтону уурдулар. Билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа киирэр оҕолортон аҥаардарын кэриҥэ төрөөбүт тылынан саҥарбат. Төрүт өй, ийэ тыл, төрүт билии тыа сирин оҕотугар төрүөҕүттэн баар, айылҕаттан бэриллэр. Онон кини төрөөбүт тылынан сайдарыгар тирэхтээх буолар, ол кыах арыллыахтаах уонна сайдыахтаах”, – диэтэ Феодосия Габышева.

Түһүлгэҕэ этиллибит аҕыйах санааны, билиҥҥи кэмҥэ тыын суолталаах ыйытыылары сурукка тиһэн таһаарабыт.

 

Эйгэ элбэҕи быһаарар

Дьокуускай куорат национальнай гимназията хара тэриллиэҕиттэн сахалыы тыыннааҕынан биллэр. Ол эрээри аныгы үйэҕэ төрөөбүт тылынан саҥарбат, нууччалыы эрэ чуопчаарар оҕо ханна баҕарар элбэҕэ кимиэхэ да кистэл буолбатах.

Марияна Винокурова этэринэн, учууталлар сыралаах үлэлэринэн куорат усулуобуйатыгар сахалыы эйгэ тэриллэрин ситиһиэххэ сөп.

– Биһиги  куораппытыгар төрөөбүт тылын билбэт саха оҕото улам элбээн иһэр. Бу сыллар тухары алын сүһүөх кылаастарга кэтээн көрүү үлэтин ыытан кэллибит. Ол түмүгэ маннык: гимназияҕа киирэр оҕо 30-ча % төрөөбүт тылын билбэт. Ити иһигэр сахалыы тыыннаах уһуйааҥҥа иитиллибит оҕо элбэх. Ол да буоллар, кэтээн көрүү түмүгүнэн, учууталлар сыралаах үлэлэринэн оскуоланы бүтэрээччилэр саха тылыгар өйтөн суруйууларын үчүгэйдик толороллор. Ол аата сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлиир, табыгастаах усулуобуйаны тэрийэр эбиппит дии саныыбыт. Төрөөбүт тылга, литератураҕа хас чаас бэриллэрэ улахан тугу да быһаарбат, эйгэ элбэҕи быһаарар, – диэн санаалаах.

 

Сирэйин-хараҕын олоруута да атын

Ольга Семенова, Дьокуускай куорат 31-с №-дээх орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала:

– Биһиги оскуолабыт куорат үрдүнэн саамай элбэх үөрэнээччилээх, 2400 оҕолоох. Билиҥҥи уопсай кыһалҕабыт барыбытыгар биир – саха кылааһыгар сахалыы билбэт оҕо киирэрэ. Сыллата 8-тыы, 9-туу маҥнайгы кылаас арыллар, онтон биирэ эрэ – сахалыы. Холобур, мин бастакы кылааһы ыларбар Буукубаарга баара-суоҕа 1 эрэ чаастааҕым. Нэдиэлэҕэ биир чааска оҕону хайдах сахалыы аахтарыаххыный? Ити – биир кыһалҕа. Быйыл төрөөбүт тылга да, литератураҕа да чааспыт эбиллэн биэрдэ.

Аны туран, биһиги учебниктарбыт кыра оҕоҕо олус ыарахаттар. Ол туһунан куорат, өрөспүүбүлүкэ учууталлара түмсэн мунньахтаабыппыт, уларытыы киллэрэргэ бэйэбит этиилэрбитин киллэрбиппит.

Сахалыы тыыннаах оскуолаҕа үөрэнэр оҕо, кырдьык, сирэйин-хараҕын олоруута, толкуйа, саҥата да атын. Кэтээн көрдөххө, кини математикаҕа, тылга да ураты дьоҕурдаах буолар.

Төрөппүт саха кылааһыгар оҕотун тоҕо биэриэн баҕарбатый? Тоҕо диэтэххэ биһиги нэдиэлэҕэ алта күн үөрэнэбит. Аныгы төрөппүт өйө-санаата атын, субуотаҕа өрүөн, сынньаныан баҕарар. СанПиН ирдэбилинэн кыаллыбат диэн буолар. Өссө “сахалар эрэйдээхтэр” дииллэр.

Ольга Дмитриевна үөрэнээччилэрин, эбэлэри, эһэлэри мунньан, сыл аайы хаарга аналлаах бырааһынньыгы тэрийэр, хаарынан ыраастаныыны көҕүлүүр үтүө үгэстээҕин үллэһиннэ. Онно эбэлэр хаар туһунан хоһоон хоһуйан кэлэллэр, тэрээһини оҕолуун-улаханныын күүтэллэр эбит. Кини: “Бу олорон оскуолабытыгар эбэлэр, эһэлэр түмсүүлэрин тэрийиэххэ диэн толкуйдаатыбыт, олоххо киллэриэхпит дии санаатыбыт”, – диэтэ.

 

Сахалыы уһуйааҥҥа оҕо 52-53%-на нууччалыы саҥарар

Дьокуускай куорат “Кэскил” уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Сардаана Захарова этэринэн, оҕону иитиигэ оскуола иннинээҕи кэми мүччү тутуо суохтаахпыт.

– Сахалыы тыыннаах уһуйааннарга үчүгэй исписэлиистэр, саамай кыахтаах иитээччилэр сүүмэрдэнэн үлэлиэхтээхтэр. Ол бүгүн биһиэхэ кыаллыбат, баар вакансияларбытын көннөрү исписэлиистэринэн да толорорбут олус күчүмэҕэй.

Үөрэх-методика тиһигэр (УМК), бырагыраамабытыгар балаһыанньабыт кэнники сылларга арыый тупсан эрэр курдук. Ол эрээри ирдэбил уларыйа турар. Онно сөп түбэһэр, бырагыраамаларбытын ситимниир үнүстүрүмүөннээх буолуохпутун наада. Итэҕэстэрбитин бэйэбит билэн-көрөн олоробут.

Босуобуйаларбыт тупсалларыгар практиктарбыт сүрдээҕин үлэлэстилэр. Уус-уран кинигэ, босуобуйа, хартыына, оонньуу, оонньуур дэлэйдэ, исписэлиистэр да, төрөппүттэр хамаҕатык  туһанар буоллулар.

Саамай сүрүн кыһалҕабыт – дьиэ кэргэҥҥэ оҕону ийэ тылынан иитии. Биһиэхэ уһуйааҥҥа тылламмыт оҕолор кэлэллэр. Кэтээн көрдөххө, онтон 52-53%-на нууччалыы саҥарар. Дьиҥэр, биһиги уһуйааммыт национальнай диэн, толору, 100% сахалыы тыллаах оҕону ылыахтаах этибит... 

Вера Старостина, 86-с №-дээх “Колокольчик” уһуйаан бэрэстэбиитэлэ:

– Биһиги 12 бөлөхтөөх уһуйааммытыгар түөрдэ эрэ сахалыы. Нууччалыы уһуйааннарга сахалыы бөлөх тиийбэтэ – биир сүрүн кыһалҕабыт. Иккиһинэн, сахалыы иитэр-үөрэтэр методическай комплектар тиийбэттэр. Үсүһүнэн, иитээччилэр нууччалыы бөлөхтөрү ордороллоро сахалыы иитэр-үөрэтэр матырыйаал аҕыйаҕыттан буолуон сөп. Ол да буоллар араас бырайыактары толкуйдаан үлэлии сатыыбыт.

 

Инники кэскилин, дьылҕатын санааҥ!

Кэнники кэмҥэ улуустарга, нэһилиэктэргэ ютуб “иитэн” таһаарар, нууччалыы эрэ саҥарар оҕо элбээбитэ кистэл буолбатах. Ол эрээри, туох да диэбит иһин, тыа сиригэр ийэ тыл эйгэтэ баар. Куоракка ол кэмчи. Онон тыаҕа олорор эһэлээх, эбэлээх куорат оҕото – дьоллоох оҕо. Сахалыы эйгэтэ кэҥиир, төрүт өйө уһуктар, ийэ тыл илгэтин иҥэринэр сирдээх. 

Василий Бурнашев Уус Алдан Хомустааҕар олорор. Түөрт оҕолоох аҕа, элбэх сиэн эһэтэ оҕону иитиигэ көрүүлэрин сэргии иһиттибит. Василий Васильевич биэс сыл Москваҕа үөрэммит, алта сыл Томскайга үлэлээбит, 20 сыл төрүт култуура учууталынан үлэлээбит.

– Оҕолорум бары сахалыы саҥараллар, сахалыы ииппитим, сиэннэрим эмиэ төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр. Биэс сиэним Москваҕа олорор, онтон түөрдэ сахалыы саҥарар, биир оҕо тыллана илик, кыра. Ону хайдах ситистиҥ диэххит.

Мин сайын аайы оҕолорбун, сиэннэрбин илдьэ 20-чэ буолан Хомустаахтан балтараа биэрэстэлээх сиргэ, өбүгэлэрбит сайылыктарыгар тахсабын. Дьиҥнээх сахалыы эйгэ онно баар! Оҕолорум онно төрөөн-үөскээн улааппыттара. Сайылыкпытыгар уруккуттан уоттаахпыт, пиэримэ баар буолан. Ол үрдүнэн хара бастакыттан тэлэбиисэри илдьэ тахсыбатаҕым, оҕолорбор көрдөрбөтөҕүм. Билбэтим... төрүт өйүм үлэлээбитэ дуу, хайдаҕа дуу. Ол оннугар күммүтүн тэлгэһэбитигэр оонньоон, сүүрэн-көтөн атаарарбыт. Оҕолорум оннук иитиллибит, улааппыт буоланнар, бэйэлэрин оҕолорун эмиэ оннук үөрэтэллэр. Төлөпүөн биэрэр да буоллахтарына, бириэмэлээх, ылан туттаран кэбиспэттэр. Оттон сайылыкка ким да төлөпүөннүү олорбот, ол гаджет диэннэрин ким да тута сылдьарын көрбөппүн. Арай ардахтаах күн көмпүүтэри холбуохтарын сөп. Баҕар, ити өттүгэр тугу эрэ таппытым дуу дии саныыбын.

Ханна эрэ аахпыппын кэпсиим. Нууччалыы тыллаах, нууччалыы иитиллибит саха оҕото 30-40 сааһыгар диэри син дьон тэҥинэн сылдьар, тугу эрэ ситиспит курдук буолар, онтон салгыы кэхтэн барар. Баҕар, биир эмэ киһи күөрэйэн тахсыа. Оттон төрүт өйдөөх-санаалаах, куттаах оҕо ордук ситиһиилээх буоларын туһунан бары билэҕит, дакаастыы сатаабаппын.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын да ылан көрдөххө, төрөөбүт тылларын илдьэ сылдьар, сахалыы эйгэлээх, үүтээҥҥэ, булка уһуйуллубут буоланнар, ханнык да балаһыанньаттан тахсаллар, туохха барытыгар дьоҕурдаахтар. Ити барыта хааммытыгар сытар.

Бэйэм холобурбуттан өссө биири кэпсиим. Биир кыыһым кэргэнин кытта 4-5 сыл Айхалга олорон үлэлээбиттэрэ. Уоллара  нууччалыы уһуйааҥҥа киирбитэ. Арай сайын биһиэхэ кэллилэр, сиэним букатын нууччалыы эрэ тыбыырар. “Хайдах гыныах бэйэбиний?” диэн улахан толкуйга түстүм. Онтон кыыспар: “Харчы бүгүн баар, сарсын – суох. Өскөтүн оҕоҥ инники кэскилин саныыр буоллаххына, көһөн кэлиҥ”, – диэтим. Билигин ол сиэним “Сахат” оскуолаҕа ситиһиилээхтик үөрэнэр. Итинэн оҕо дьылҕатын көрүөхтээхпит, ханнык эрэ харчыны батыһар наадата суох диэн этиэхпин баҕарабын.

Быйыл куорат балыыһаларын балачча кэрийдим. Ол сылдьан, кыратык нууччатымсыйбыта буолан, дьонтон нууччалыы ыйытабын. Онтон кэлин толкуйдаатым: саха сирэйдээҕи уун-утары көрөн туран тоҕо нууччалыы кэпсэтиэхтээхпиний? Сахалыы ыйыттаххына, балыыһаҕа, уулуссаҕа буоллун, 70-80% сахалыы хоруйдууллар ээ. Итиннэ бэйэбит буруйдаах эбиппит дии санаатым. Төһө кыалларынан сахалыы кэпсэтэ сатыахха!  

***

Сахалыы эйгэни уһуйааҥҥа уонна оскуолаҕа хайдах тэрийиэххэ?

ОДНКР (Основы духовно-нравственной культуры России) диэн саҥа предмети саха оскуолаларыгар киллэрэр булгуччулаах дуо? Учууталлар, төрөппүттэр бу предметтэн тоҕо дьиксинэллэр?

Төрөөбүт тыл, литература, төрүт тыл учууталлара тугу туруорустулар? Ол туһунан сиһилии «Киин куорат» аныгыскы нүөмэригэр ааҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...