Бэйэ мороженайа олус минньигэс!
Фрукта муус
- Уу – 150 мл;
- Фрукта – 200 г;
- Саахар – 2 ост. нь;
- Лимон сүмэһинэ – 2 ч. нь.
Маҕаһыыҥҥа атыыланар “фруктовай лед” курдук, ол эрэн барыта бэйэ киэнэ буолан ордук туһалаах, битэмииннээх уонна туох да кырааската, химия эбилигэ суох.
Минньигэс мууһу оҥорон тоҥорорго ордук киви, клубника барсар, ол эрэн ханнык баҕарар фруктанан солбуйуохха сөп.
Саахарбытын ууга кутабыт, лимон сүмэһинин эбэбит уонна саахара суураллыар диэри сылытан ылабыт.
Фруктабытын пюре курдук биилкэнэн ньыһыйабыт.
Ньыһыллыбыт фруктабытыгар саахардаах уубутун эбэбит.
Тоҥорор форма быһыытынан биирдэ туттуллар ыстакааннар барсаллар. Аҥаарынан кутан баран, морозильникка тоҥоро угабыт, хам тоҥо илигинэ, бөһүйбүтүн кэннэ, мас палочка угабыт итиэннэ састааппытын толору кутан биэрэбит.
2-3 чаас устата дөйө тоҥуор диэри туруорабыт.
Форматтан хоҥнорорго сылаас ууга уган ылыллар. Атын-атын фрукта пюрелэрин уочаратынан кутан дьэрэкээн өҥнөөх муустары тоҥоруохха сөп.
Сүөгэй мороженай
- Сүөгэй – 200 г;
- Сгущенка – 120 г.
30 бырыһыантан үрдүк сыалаах сүөгэй үчүгэйдик ытыллар. Холодильникка туруоран сойутан баран ытыйар табыгастаах.
Миксеринэн бастаан бытааннык, сыыйа түргэтэтэн ытыйабыт.
Сгущенкабытын эбэбит. Сгущенканы бороһуок үүтэ суоҕу атыылаһар ордук. Сгущенка хаачыстыбатыттан мороженайбыт амтана тутулуктаах.
Хаппахтаах иһиккэ кутан морозильникка тоҥоробут. 3 чаас буола-буола таһааран булкуйан биэрэбит. 4-5-тэ оннук гынабыт. Сырыы аайы мороженайбыт хойдон иһиэхтээх.
Бу мороженайга ханнык баҕарар отону, фруктаны, сакалааты, эриэхэни эбиэххэ сөп.
Клубника щербет
Натуральнай йогурт – 500 мл;
Клубника – 300 г;
Саахар – 200 г.
Уу – 2 ост. нь;
Ваниль.
Клубниканы сууйан баран кырбыыбыт. Онтон саахардаах ууга кутан, хобордооххо буһарабыт.
15 мүнүүтэ буһара түһэн баран сойута уурабыт. Онтон сиидэлиибит, сиидэ нөҥүө ньыһыйабыт.
Сиидэлээбит маассабытыгар йогуртпутун кутабыт. Морозильникка тоҥоробут.
Бастакы икки чаас устата 30 мүнүүтэ буола-буола булкуйан биэрэбит.
Банан мороженай
Банан – 3 уст;
Үүт – 250 мл;
Саахар – 50 г;
Лимон сүмэһинэ – 1 ост. нь.
Банааммытын кырбаан баран морозильникка уган тоҥорон ылабыт. Онтон блендеринэн үлтүрүтэбит.
Үүтү, саахары, лимон сүмэһинин эбэн булкуйабыт.
Формаларга кутан 5-6 чаас тоҥоробут.
Бэйэҕит баҕаҕытынан ханнык баҕарар отону, сакалааты үлтүрүтэн эбиэххитин сөп.
«Үс сакалаат»
- 33 бырыһыаннаах сүөгэй – 300 мл;
- Маҥан, “молочнай”, “горькай” сакалааттар – 100-түү г;
- Саахар – 50 г;
- Сымыыт – 3 уст;
- Туус – 1 г.
Сүөгэйбит уонна сымыыппыт холодильниктан саҥа тахсыбыт сөрүүн буолуохтаахтар.
Сымыыт уоһаҕын уонна үрүҥүн араарабыт. Уоһаҕы саахары кытта булкуйабыт.
Сүөгэйбитин ытыйабыт. Онно саахардаах сымыыт уоһаҕын эбэбит.
Сымыыт үрүҥүн ытыйабыт. Иһитин таҥнары туттахха тохтубат гына кытаанах күүгэннэниэхтээх.
Барытын холбоон сэрэнэн булкуйабыт. Үс тэҥ чааска араарабыт.
Үс араас сакалааты уулларан, хас биирдиилэригэр уочаратынан кутабыт. Бастаан маҥан сакалааты уулларан кутабыт, силикон формаҕа кутан 30 мүнүүтэҕэ морозильникка угабыт.
Ол кэмҥэ “молочнай” сакалааты уулларан кутабыт. Тоҥмут мороженайбытын таһааран үрдүгэр кутабыт. Эмиэ отучча мүнүүтэҕэ морозильникка утаарабыт.
Үһүс дьапталҕата – “горькай” сакалааттаах мороженай.
Тоҥмутун кэннэ бүлүүһэҕэ хоҥнорон ылабыт. Бырааһынньык остуолугар саахар пудратынан, мятанан киэргэтэн биэриэххэ сөп. Туспа креманкаларга тоҥоруохха эмиэ сөп.