01.03.2021 | 05:24

БЭЙЭҔЭ ЭРЭНИИ ДУУ, ТЭРИЛТЭТТЭН КУОТУУ ДУУ?

БЭЙЭҔЭ ЭРЭНИИ ДУУ, ТЭРИЛТЭТТЭН КУОТУУ ДУУ?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кэнники кэмҥэ дьон тоҕо эрэсиимнээх үлэттэн куотар, тэрилтэтэ, кимтэн да тутулуга суох үлэлии сатыыр буоллулар? Туох да социальнай гарантията суох үлэҕэ тоҕо талаһалларый? Бэйэҕэ эрэ эрэнии төһө өр барыан сөбүй?

Бу тиэмэ тула бүгүн кэпсэтиэхпит.

Биһиги көлүөнэ дьон сэбиэскэй иитиилээх, оччотооҕу кэмҥэ үөскээбит, олорбут, үөрэммит буоламмыт икки кэми тэҥнии тутабыт. Мин биир бэйэм ыстатыйаларбар үксүн ол кэми таарыйан, кыбытан биэрэбин.

Сэбиэскэй Сойуус саҕана киһи барыта үлэлиир этэ. Үлэлээбэт киһи диэн тарбахха баттанара, ол эбэтэр доруобуйатынан эбэтэр арыгыһыт, иһээччи буолан. Оннук дьону “тунеядецтар” диэн ааттыыллара, тутан ылан арыгыларын эмтэтэ ЛТП (лечебно-трудовой профилакторий) диэҥҥэ ыыталлара. Манна барбыт дьон көнөн кэлэн салгыы үлэлииллэрэ.

Оччолорго тэрилтэ, былаас өттүттэн көмө элбэх этэ. Кыахтаах тэрилтэлэр үлэһиттэрин олорор дьиэнэн буор босхо хааччыйаллара, профсойуус нөҥүө санаторийдарга босхо эмтэнии, араас харчынан көмө, бастыҥ үлэһиттэр Москваҕа баран ВДНХ көрөн кэлэллэрэ, араас курортарга сынньаналлара, тас дойдуларга кытта баран кэлэллэрэ. Манна суоппар буол, салайааччы буол, ыанньыксыт, үрдүк көрдөрүүлээх үлэһит буол – путевка бэриллэрэ. Этэргэ дылы, “хотонтон Москва чугас” диэн күлэн этэллэрэ. Киһи барыта үтүө суобастаахтык үлэлиирэ, пятилетканы тутабыт, коммунизмҥа үктэниэхпит диэн ыра санаалаахтара.

Онтон Сойуус ыһыллан 90-с сыллар саҕаламмыттара. Дьон барар-кэлэр сирдэрэ суох буолан мунан, туран хаалбыттара. Мантан дьэ саҕаламмыта бэйэ дьыалатын арыныы, тэрилтэтэ суох үлэ, кимтэн да тутулуга суох буолуу.

Киһи чэпчэкигэ түргэнник үөрэнэр да, талаһар даҕаны. Эрэсиимнээх үлэни билигин үгүстэр ыараханнык ылынар буоллулар. Көҥүл сылдьыы, түргэнник уонна элбэх харчыны өлөрүү билиҥҥи олохпут биир арахсыспат аргыһа буолла. Эн тэрилтэтэ суоххуттан ким да соһуйбат. Тоҕо атын киһиэхэ хамначчыт буолуохтаахпыный диэн үгүс киһи этэр. Эмиэ да сөп ээ. Хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлээн 30 тыһыынча хамнас өлөрүөҥ дуу, аҕыйах кэм иһинэн бэйэ дьыалатынан дьарыктанан, ыйга сүүһүнэн тыһыынчаны оҥоруоҥ дуу.

Көҥүл киһи дьоллоох

Урукку кэмҥэ үлэ киһини киэргэтэрэ, оттон билигин киһи үлэттэн куотар курдук. Тоҕо оннук буолла? Үйэбит уларыйыыта дуу, систиэмэ уларыйыыта дуу? Үйэбит атын сүүрээнин көрдөхпүтүнэ, билигин көҥүл кэм кэллэ курдук. Ол эрээри дьон син биир хабалаҕа олорор, ипотека, кирэдьиит хара баһаам.

Ол туһунан дьон санаатын истиэҕиҥ.

Сандаара:

–Билигин киһи эт мэйиитинэн толкуйдаан, дьоҕурдаах илиитинэн оҥорон таһаарар үйэтэ кэллэ. Аҥаардас тэрилтэҕэ үлэлээн ханнык да кирэдьиити, ипотеканы да кыайан төлөөбөт эбиккин. Бүддьүөт тэрилтэтэ сотору-сотору үлэһиттэрин сарбыйар, эн хас да сыл биир тэрилтэҕэ үлэлээбит буол, хас да оҕолоох буол, хас да суума ипотекалаах, кирэдьииттээх буол, тэрилтэ эйиэхэ хамнас эрэ биэрэр, эн тус кыһалҕаҕар кини наадыйбат. Ол иһин көҥүл үлэҕэ барбытым. Урут уһуйааҥҥа үлэлии сылдьыбытым, билигин дьиэбэр олорон сакааска таҥас тигэбин. Хата, онтукабын сөбүлээтим. Ыйга ааҕан таһаардахха, тэрилтэ хамнаһыттан быдан элбэҕи өлөрөр эбиппин. Саха дьахтарыгар дьарык элбэх – иис диэтэххэ иис  арааһа, баайыы, кыл, оҕуруо. Оҕолорбор да көмө буолабын, икки улаханым устудьуоннар, икки оскуола үөрэнээччилэрэ, онон күһүн аайы оскуола тэрээһинэ, үп-харчы онно да барар. Бу тэрилтэттэн көҥүл бараммын быдан уларыйдым диибин, дьиэбэр баарбын, уоскулаҥнык сылдьабын. Тэрилтэҕэ сотору-сотору биирдии-иккилии чаастаах мунньахтар, оруобуна чааскар баар буолуу ирдэнэр, ардыгар чааһыҥ таһынан да үлэ син биир баар, ол хамнаскар эбиллибэт, аны тэрилтэҥ ыйга биирдэ эрэ хамнастыыр.

Бу көҥүл үлэни бэйэм бэйэбэр тэриммитим, ким да миэхэ тэрийэн биэрбэтэҕэ, инньэ гынан  айылҕаттан сатабылбын, дьоҕурбун таба туттан, дьоҥҥо туһаны оҥоробун. Манна кимиэхэ да хаалар кумааҕы отчуота оҥорбоккун, ким да илиитин-атаҕын манаабаккын, үлэҥ чааһа, оҥорон таһаарарыҥ – барыта бэйэҥ аттаран таһаараргыттан тутулуктаах буолар эбит. Онон, көҥүл үлэһит оҥорон таһаарыыта да элбэх, дьоҥҥо туһата да баһаам диэн сыаналаан олоробун.

Акулина, айар үлэһит:

–Мин 2012 сыллаахха, нууччалыы эттэххэ, “осознанно” тэрилтэ диэнтэн бүппүтүм. Тэрилтэ диэн 20 киһиттэн 100 киһиэхэ тиийэ, онтон да элбэх киһилээх кэлэктиип буолар. Омуннаан эттэххэ, сорох тэрилтэлэргэ эн бииргэ үлэлиир киһигин сирэй билбэт да буолуоххун сөп. Аныгы тэрилтэлэр, мин санаабар, киһиэхэ хайдах эрэ «робот» курдук сыһыаннаһар өрүттэрэ баара. Мин ону олох сөбүлээбэтэҕим. Бу үлэһит олорор сирэ чугаһа-ырааҕа, хас оҕолооҕо, туох кыһалҕалааҕа – тэрилтэ ону билбэт, билэ да сатаабат буолбута уонна биһиги социальнай тэрилтэ буолбатахпыт диэн эппиэт биэрэллэрэ баар суол. Дьэ, оннук быһыы-майгы киһини киһиттэн тэйитэр эрэ. Мин көҥүл  үлэлиир буолбутум, бу быйыл оруобуна онус сыла эбит. Биллэн турар, хас биирдии киһи дьоҕурдаах, талааннаах, тугу эрэ бэйэтэ оҥорон таһаарыан баҕалаах. Мин дьоҕурум – суруйуу-бичийии, былыргы аатынан суруксуппун. Эҕэрдэ суруктан саҕалаан, кинигэҕэ тиийэ барытын суруйан оҥоробун, дьон билигин аймаҕын-төрдүн ахтара-саныыра элбээтэ, ол эрээри ол туһунан уустаан-ураннаан суруйар киһи, суруйааччы аҕыйах.

Уонча сыллааҕыта “фрилансер” диэн омук тылын улаханнык билбэт этибит, билигин киһи үксэ көҥүл үлэлээх буолууга талаһар буолла. Мин бу суругум үлэтигэр сакаасчыттары бэйэм булабын, сыанабын хас биирдиилэрин кытта кэпсэтиинэн аттарабын, онно үлэ хаачыстыбата, ис хоһооно, сакаасчыт ылынара, кини баҕата барыта  ымпыгар-чымпыгар тиийэ көрүллэр, толкуйданыллар. Аны ардыгар олох ыксаллаах эҕэрдэлэр, ахтыылар кэлэллэр, ону түүннэри да олорон суруйан ыытабын. Бу көҥүл үлэбин олус сөбүлүүбүн, манна миэхэ тойон-хотун суох, ким да мин күммүн-дьылбын, бириэмэбин күөмчүлээбэт, хамнаскын аччатыам диэн куттаабат, үлэтэ суох хаалларыам диэбэт, олох көҥүлбүн. Турунан элбэх үлэни, сакааһы оҥордоххо, биллэн турар, хамнас добуочча буолар. Төһөнү оҥороҕун – оччону ылаҕын. Дьону да үөрдэҕин, бэйэм да дьон махталын ылар төһөлөөх үөрүүнү, үлэлииргэ өссө күүһү биэрэрин толору билэн олоробун.

Фрилансер диэн хайысха киһи ыратын олоххо киллэрэригэр кыах, көҥүл биэрэр, онтон ырата туолар киһи дьоллоох киһи буоллаҕа. Дьон өйө-санаата билигин кирэдьиит, ипотека адаҕатыттан тахсыбыт киһи диэн, ол эрээри тэрилтэҕэ эрэ үлэлээн, өссө ол үлэҕин сөбүлээбэт буоллаххына туһата кыра, охсуута элбэх буолуон сөп. Ол иһин мин көҥүл баран, бэйэм дьаһанан дьоҥҥо туһаны аҕаларбыттан дьоллоохпун. Дьоллоох киһи күүстээх. Күүс, кыах диэн үпкэ-харчыга буолбатах, күүс Көҥүл буолууга баар!

Мария Нафанаилова, психологическай наука кандидата, актыыбынай дьоҥҥо коуч: 

–Мин санаабар, бу барыта бэйэҕэ эрэллээх буолууну, бэйэҥ кыаххар эрэниини кытта улахан сибээстээх. Уопсастыба сыаннаһа уларыйа турар. Бастакы былааҥҥа бэйэ иннин көрүнүү, ситиһии уонна баҕа санааҕын олоххо киллэрии сыаннастара тахсаллар. “Бэйэ иннин көрүнүү” диэн этиим, бу киһи эгоистыы сыһыана буолбатах. Бастатан туран, бу киһи сиппитэ-хоппута, сайдыбыта, бэйэтин көрүүтүн туруулаһара, бу орто дойдуга миэстэтин булар баҕа санаата.

Маны таһынан, фриланска талаһыы атын, этэргэ дылы, арыый ураты, “ситиһиилээх дьону” үтүктүүнү, батыһыыны кытта сибээстээх буолуон сөп. Социальнай ситимнэргэ блогердар, фрилансердар, экспертэр уонна бизнес эйгэтин дьоно бэйэлэрин кэрэхсэбиллээх, киһини тардар олохторун таһаараллар, кэпсииллэр. Бу дьон олохторугар көҥүл өй-санаа, быһыыланыы уобараһа көстөр, үптэн-харчыттан тутуллубаттар, тугу саныылларын аһаҕастык көрдөрөллөр, хайдах баҕаралларынан олороллор. Бу барыта чуолаан эдэр дьон интэриэһин уһугуннарар. Экспертэр бөлөхтөрө туһунан чорбойор. Бу – бэйэлэрин салааларыгар профессионаллар. Кинилэри интэриэһинэй соруктар, бэйэлэрин сатабылларын, билиилэрин тургутуу матыыптыыр, кимтэн да тутулуга суох буолуу кинилэргэ инники миэстэҕэ турар, офис, хонтуора бигэ тирэҕэ, мэктиэтэ наадата суох.

Мин санаабар, фриланска бэйэ бириэмэтин таба туттар, салайар дьоҕурдаах, араас дьону кытта биир тылы булар, кэпсэтэр, бэйэлэрин өҥөлөрүн сатаан атыылыыр дьон уһуннук сылдьыахтарын сөп. Бу дьон позитивнай көрүүлээхтэр (ханнык баҕарар ыарахаттары сатабыллаахтык туорууллар, ситиһиилээхтэр) уонна ис туруктарын сатаан хонтуруоллууллар (бэйэтигэр эппиэтинэһи сатаан ылынар, олоҕун сөпкө салайынан олорор курдук сананар). Маны таһынан, фриланска туора дьоҥҥо итэҕэйэр уонна бэйэлэригэр сөптөөх эйгэни сатаан оҥорор дьон бэйэлэрин туйгуннук сананаллар (холобур, коучтарга, психологтарга, ментордарга туһаайар, санаатын этэр киһи).

Коучинг (англ. coaching - тренировка) — тренировка ньымата, “коуч” диэн ааттанар киһи (нууччалыыта – тренер), үөрэтэр киһитигэр олоххо эбэтэр профессиональнай сыалын ситиһэргэ көмөлөһөр. 

Фрила́нсер (англ. freelancer, көҥүл худуоһунньук) — көҥүл үлэһит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...