Бэйэҥ быраапкын төһө билэҕин?
Үлэҕэ эрдэ тахсыахха сөп
2024 сыл саҕаланыаҕыттан төрөппүттэр оҕо көрөн олорор уоппускаларыттан үлэлэригэр эрдэ тахсар түгэннэригэр, ыйдааҕы босуобуйалара быһыллыбат буолла.
Саҥа быраабыланан, толорута суох үлэ күнүгэр эбэтэр дистанционнай дьиэттэн олорон үлэҕэ тахсыбыт төрөппүттэр кытта хапсаллар. Маны тэҥэ төрөппүт оҕо көрөн олорор уоппускатыгар атын тэрилтэҕэ үлэлии таҕыстаҕына, босуобуйата быһыллыбат.
Бэлиэтээн эттэххэ, оҕо төрөөбүтүн кэннэ балтараа сааһыгар диэри уоппусканы ийэ эрэ буолбакка, аҕа, атын чугас аймах эбэтэр эппэкиин кытта ылыан сөп.
Босуобуйаны үлэҕэ тахсан баран салҕыы ылар туһугар үлэҕит тэрилтэтин салалтатыгар сайабылыанньа суруйаҕыт.
Биир кэлим босуобуйаны ааҕыы эмиэ уларыйыаҕа
Бэс ыйын 1 күнүттэн биир кэлим босуобуйаны аныырга элимиэн харчытын ааҕыыга уларыйыы киириэҕэ.
Элимиэн уопсай сууматын туһунан суут быһаарыыта баар буоллаҕына, дьиҥнээхтик (фактическайдык) киирбит суума эрэ учуоттаныаҕа. Суут быһаарыыта суох буоллаҕына, сайабылыанньаҕа эбэтэр сөбүлэҥҥэ ыйыллыбыт суума суоттаныллыаҕа.
Орто хамнас түөрт гыммыт биирэ – биир оҕоҕо, үс гыммыт биирэ – икки оҕоҕо эбэтэр аҥаара – үс уонна онтон элбэх оҕоҕо. Бу уларыйыылар бэс ыйын 1 күнүттэн киирээри тураллар.
Биир кэлим босуобуйаны биэрбэтэхтэринэ
Босуобуйаҕа аккаас кэллэҕинэ, онлайн ньыманан үҥсүү суруйуохха сөп.
Бастатан туран, аккаастаабыт биричиинэлэрин билиэхтээххит – судаарыстыбаннай өҥө порталыгар тус кабинеккытыгар аккаастаабыт суруктарыгар төрүөтүн хайаан да ыйаллар.
Аккаас биричиинэтин туоратар кыахтаах буоллаххытына, сайабылыанньаҕытын көннөрөн, ситэрэн-хоторон, хаттаан ыытаҕыт.
Сайабылыанньаны ый аайы да биэриэххэ сөп.
Аккаастаабыт биричиинэлэрин олоҕо суох, биһиги хапсыахтаахпыт диэн суоттанар буоллаххытына, үҥсүү суруйуоххутун сөп. Онуоха судаарыстыбаннай өҥө порталыгар “досудебное обжалование” диэн салааны булаҕыт.
«Дьиэ кэргэн» ипотеката уһуоҕа
“Дьиэ кэргэн» ипотеката диэн чэпчэтиилээх судаарыстыбаннай бырагыраама бу 2024 сыл устата салҕыы үлэлиир.
Бырагыраама болдьоҕо 2024 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэн этэ, ол эрэн билигин РФ Бырабыыталыстыбата бырагырааманы уһатар суоллары тобулан эрэр.
Дьиэ кэргэн ипотеката – сыллааҕы бырыһыана 6 (5 бырыһыан – Уһук Илин эрэ олохтоохторугар).
2023 сыл ахсынньытыгар киирбит уларыйыыга олоҕуран, дьиэ кэргэн ипотекатын биир бырагырааманан, үйэҕэ биирдэ эрэ туһаныахха сөп. Ол эрэн 2023 сыл ахсынньы 22 күнүгэр диэри ылыллыбыт кирэдьииттэр аахсыллыбаттар, ол иһин бу бырагырааманан өссө биир заем ылыахха сөп.
Улаатар дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыныан баҕарар буоллаҕына бэриллэр. Ол аата “Дьиэ кэргэн” ипотекатын ылыахха сөп: дьиэ кэргэҥҥэ өссө биир оҕо төрөөбүт буоллаҕына; ылыллар кыбартыыра урукку кыбартыыратааҕар (кирэдьиитэ сабыллыбыт буолуохтаах) улахан иэннээх түгэнигэр.
Бырагыраамаҕа маннык дьиэ кэргэттэр хапсаллар:
– 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт бастакы эбэтэр онтон кэлэр оҕолоох дьиэ кэргэннэр.
– Инбэлиит оҕолоохтор.
Кирэдьиит муҥутуур суумата – 6 мөл. солк. регионнарга, 12 мөл. солк. Москва, Санкт-Петербург куораттарга, Москва уобалаһыгар.
Элбэх оҕолоох ийэлэргэ
Элбэх оҕолоох ийэлэр биэнсийэҕэ туох чэпчэтиинэн туһаналларый? Үстэн элбэх оҕону төрөппүт, иитэн таһаарбыт ийэлэр оҕо көрөн олорбут сыллара уопсай ыстааска холбонор уонна биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптаналлар.
Үлэ ыстааһыгар элбээбитэ балтараатыгар диэри саастаах түөрт оҕону көрөн олоруу уоппуската эбиллэр. Дэкириэккэ хас биирдии сыл иһин биэнсийэ коэффициенэ эбиллэр:
– Бастакы оҕоҕо – 1,8;
– Иккискэ – 3,6;
– Төрдүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо – 5,4.
Биэнсийэҕэ болдьоҕун иннинэ тахсыан баҕарар элбэх оҕолоох ийэ 15 сылтан кырата суох үлэ ыстаастаах буолуохтаах.
Биэнсийэҕэ тахсар:
57 сааһыгар – үс оҕону төрөппүт, ииппит ийэ;
56 сааһыгар – түөрт оҕону ииппит, үөрэттэрбит;
50 сааһыгар – 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыал ийэтэ.
Ийэ хапытаалын дьиэ тутуутугар туһаныы
— Оҕо 3 сааһын туолбутун эрэ кэннэ Ийэ хапытаалын дьиэни туттарга туһаныахха сөп. Ипотекаҕа эбэтэр тутууга туһуламмыт кирэдьииккэ туттуллара көҥүллэнэр;
— Сертификаттаах киһи бас билэр сир учаастактаах буолуохтаах. Маныаха даача, саад сирэ эмиэ барсар;
— Ийэ хапытаалын бастайааннай олорор дьиэни туттууга эрэ туһанар көҥүллэнэр, даача, саад сайыҥҥы дьиэтин туттубаккыт;
— Дьиэни бэдэрээччик тутар буоллаҕына, Социальнай пуонда харчыны кини счетугар түһэрэр. Маныаха дуогабар куопуйатын Социальнай пуондаҕа илдьэн туттарыахтааххыт;
— Бэйэҕит күүскүтүнэн дьиэ туттар буоллаххытына, ийэ хапытаалын 50 бырыһыанын бастаан ылаҕыт, тутуу түмүктэннэҕинэ – хаалбыт 50 бырыһыана бэриллэр;
— Дьиэни хайаан да бэйэҕит олорор региоҥҥутугар туттар ирдэммэт. Дьиэ Арассыыйа сиригэр-уотугар турар эрэ буолуон наада;
— Тутуллубут дьиэҕэ дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр өлүү быһыллыахтаах.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ
Элбэх оҕолоох ыалга федеральнай таһымҥа маннык чэпчэтиилэр бааллар:
– 18 сааһын туола илик үс оҕолоох, олортон кыралара 14 сааһын туола илик буоллаҕына, төрөппүттэр хаһан баҕарар уоппуска ылар бырааптаахтар;
– 8 саастарын туола илик үстэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэннэр 600 кв.м. иэннээх сир учаастагар нолуок төлөөбөттөр. Өскөтүн учаастак иэнэ 800 кв.м буоллаҕына, бу ыал 200 кв.м иһин сир нолуогун төлүөхтээх. Бу чэпчэтии биир эрэ учаастакка бэриллэр.
– Дьиэ-уот нолуогар чэпчэтии төрөппүт хас биирдии сокуоннай сааһын туола илик оҕотун ахсынан, кыбартыыра 5 кв.м иэнигэр бэриллэр, чааһынай дьиэҕэ олорор буоллаҕына – 7 кв.м.
– Ипотеканы сабарга 450 тыһ. солк. субсидия көрүллэр.
– Ыйдааҕы нолуок вычета:
1 400 солк.— бастакы уонна иккис оҕоҕо;
3 000 солк. — үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо;
12 000 солк. — I эбэтэр II группалаах 18 сааһын туола илик инбэлиит оҕо төрөппүтүгэр, 6 000 солк. — эппэкиинигэр, попечителигэр, иитэ ылбыт приемнай дьиэ кэргэҥҥэ.
– Ийэ биэнсийэҕэ эрдэ тахсар бырааптанар.
Оскуолаҕэ кэтэр таҥаска көмө харчы көрүллэр
2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн оскуола форматыгар элбэх оҕолоохторго сылга биирдэ бэриллэр компенсацияҕа сайаапка тутуу саҕаламмыта.
Бу көмө сайаапканан эрэ бэриллэр. Сайабылыанньаны ыам ыйын 31 күнүгэр диэри ыытыахха сөп. Компенсация 4,5 бырыһыан индексацияланан турар.
Бэс ыйын 1-26 күннэригэр компенсация харчыта түһэр. Дьокуускайга бу компенсация кээмэйэ – 4302 солк.
2024 сылга оскуолаҕа уларыйыылар киирэллэр
Саҥа үөрэх дьылыгар Арассыыйа үөрэхтээһинигэр кэккэ уларыйыылар киирэллэрэ күүтүллэр:
— 5-9 кылаас үөрэнээччилэригэр саҥа учуобунньук, «Основы безопасности и защиты Родины» диэн саҥа биридимиэт киирэллэр. Урукку ОБЖ уруоктарыгар маарынныыр буолуоҕа.
— Англия, ньиэмэс, испания уонна да атын омук тылларыгар ВПР ыытыллыбат буолуоҕа;
— Саҥа үөрэх дьылыттан орто кылаастар историяҕа биир кэлим учуобунньугунан үөрэнэн саҕалыахтара;
— Ахсаан ОГЭ-гэр калькуляторы уонна справочниктары туһаныы көҥүллэниэҕэ. Балары сорудаҕы кытта тэҥҥэ биэрэр буолуохтара;
— Уруок кэмигэр гаджеттар кытаанахтык бобуллуохтара;
— Үлэ уруога оскуола бырагырааматыгар киириэҕэ;
— Оскуолалар дьиссипилиинэҕэ сыһыаннаах бэйэлэрин ирдэбиллэрин киллэрэр кыахтара кэҥиэҕэ.