19.06.2023 | 15:12

Бэс ыйа – Үрүҥ тунах ыһыаҕа

Орто Аан ийэ дойдуга улуу тунах кэмэ эргийдэ. Үрүҥ Айыы Тойон илэ бэйэтинэн илгэлээх тыынын түһэрэр. Ийэ сир төрөөн-ууһаан эппэҥнин тыынар. Күөх сайын барахсан күөгэйэ сайар. Тыыннаах айылҕа барыта сайар, сайа тыынар, сайда үүнэр-үксүүр.
Бэс ыйа – Үрүҥ тунах ыһыаҕа
Ааптар: Галина Попова-Санаайа “Төгүрүк сыл түһүлгэтэ, Дьокуускай, 2003 кинигэттэн, “Эйгэ” интэриниэт сайтан ылылынна
Бөлөххө киир

Ыhыах диэн саха Саҥа дьылын күнэ уонна сайын, айылҕа тыллыытын бэлиэ күнэ. Ыһыах ыйа — бэс ыйа. Биэлэри тутан, кымыс көөнньөрөллөр. Ыһыах түһүлгэтигэр ыраахтан, чугастан кэлбит ыалдьыттар уохтаах кымыһы иһэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлэнэллэр. Илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэллэр, оhуохай дьиэрэйэр, ырыа дэлэйэр. Ат сүүрдүүлэрэ ыытыллаллар.

Былыр былыргыттан ыhыах төрүкү күн сайыҥҥы туруутугар буолара, ол эбэтэр бэс ыйын 21–22 күннэригэр. Билигин араас улуустарга, нэhилиэктэргэ уонна сирдэргэ бэс ыйын 10–25 күннэригэр ыытыллар.

Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн, ыһыах Саҥа сылы көрсүү бырааһынньыга буолбатах — күнү көрсүү, Үөһээҥҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэригэр түбэһиннэрэн, Үөһээҥҥи Айыыларга сүгүрүйэр итэҕэл күнэ дииллэр.

Саха киһитэ сылы быһа кэтэһэр кэтэһиитэ – ыһыах. Ыһыах дьолу түстүүр түһүлгэ диэн өйдөөн улаатар. Ыһыах күнэ – күн сайыҥҥы туруута. Мунутуур уһун күн, дьиҥнээх өрөгөй үөрүүлээх Дьоро күн. Ыһыах ыйын аналлаах аһа – кымыс. Биэ кымыһа. Биэни тутан ыыр буолан эрэбит. Ол аата кырдьык сахатыйан эрдэхпит. Оннук эрэ буоллун.

Бэс ыйын бэлиэтэ Ытык бэлиэ күөрчэх ойуу, күн ойуу диэн аҕыс сарадахтаах төгүрүк. Ытыйар, эргитэр, төгүрүтэр суолталаах. Сирдээҕи олох күнтэн тутулуктааҕын көрдөрөр.

Дьэ аны бу ыйга хас саастаах оҕоҕо анаан туом толороллоруй, бэлиэ охсоллоруй? Икки саастаах оҕоҕо эбит. Айылҕа иккилээх буолан төрүүр-ууһуур. Туох барыта иккилээх.

Бу ыйга төрөөбүт киһи идэтэ кэрэ эйгэтигэр сыһыаннаах буолар дэнэр. Айыы дьиҥнээх, айдарыылаах киһи диэн кини буолар. Ол иһин айылгыта аһаҕас. Сайаҕас, сайдарга аһаҕас.

Бу кэмнэ көтөр уйаланар кэмэ. Кус-хаас, мас көтөрүн, чыычаах, тураах эҥин уйаларын тыытар сатаммат, аньыы буолар диэн сиэрбит салҕана туруохтаах. Уйаны алдьатар аньыыта дириҥ. Бобор, кытаанахтык бобор үгэс ол иһин баар. Бобуулааҕы оҥорор туһунан өй оҕо өйүгэр да киириэ суохтаах. Оччоҕо санаата буолбат, айаҕар батарбат, илиитэ барбат. Аньыы диэн бобор тыл. Дьайыы утума диэн баар. Өй – санаа – саҥа – дьайыы. Бу ситимҥэ: "Маннык гынар аньыы!" диэн оҕо өйүн баайан кэбиһэллэр.

Ыйбыт аһа кымыс диэтибит. Ону тэҥэ саха киһитэ сайын үрүҥ аска көһөр. Балыгынан аһылыктанар. Эти сиэбэт. Ыһыахха итиэннэ окко киирэргэ эрэ сүөһү тутталлар, хара сииллэр. Кымыс иһэр сиэрэ туспа култуура. Маны ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэн, тутуһан, ыһыахха наҕылыччы түһүлгэлээн олорон кымыс иһэр – ол аата алгыһы иҥэринэр ньыма. Киһи наҕылыччы сэһэргэһээри гыннаҕына, хайаан да тугу эмэ иһэр идэлээх. Биһиги кымыспытын иһэр сиэри сүтэрэммит атыҥҥа көһөн сылдьабыт. Кымыстан киһи иһээччи буолбат. Ыһыах түһүлгэтигэр кымыс иһэ-иһэ дуоһуйа сэһэргэһэр, хардарыта ыалдьыттаһар олус үчүгэй. Онтон туран, хомунан-ньиминэн баран, дьэ, оһуокайдыыгын. Барыта саас-сааһынан тахсан иһэр. Туох да олуоната суох. Үгэс курдук.

Ыһыаҕы киһи ыраас көрсүөхтээх. Бу – сиэр. Туох баар киргин-хоххун, куһаҕан санааҕын суох оҥороҕун. Ыһыах күнэ – тупсар күн, өстөспүттээх буоллахха. Алгыс оччоҕо ордук иҥэр. Ыһыах сиэрэ-туома, алгыһа, оһуокайа, күнү көрсөр туома – идэлээх дьон дьарыга. Манна барытыгар туора турбакка кыттар куолу. Мантан туоруур аньыы. Алгыстан матар аанньа буолбат.

Ыһыах киэргэлэ, арчыта – салама. Оттон саламаҕа туос оонньуурдары ыйыыллар. Ыаҕайалары, томторуктары. Ыһыах саламатын ис өттүгэр сылдьар куолу. Бу арчыламмыт, ыраас, алгыһы иҥэриммит сир. Ыһыахпытыгар түмсэммит саха эбиппитин билинэбит. Үйэлээх үгэстээхпитинэн киэн туттан, дуоһуйан, уруурҕаһан ылабыт. Оҕо ыһыахха үтүөнү эрэ көрүөхтээх. Ону хааччыйар иэстээхпит. Үлэ, айар талаан, күүс-уох, быһыы-майгы, сиэр-туом өрөгөйүн көрөн оҕо-ыччат сөҕөр-махтайар, сүгүрүйэр, үтүктэр, умсугуйар, үлүһүйэр, абылатар, уһуйуллар.

Бэс ыйа – Үрүҥ Айыы ыйа

От-мас үп-үрүҥ сүүмэхтэрэ сир үрдүгэр хаар курдук тарҕана көтөр кэмнэрэ Улуу Тунах дэнэр. Улуу Тунах сайыҥҥы күн муҥутаан уһуур кэмигэр буолар. Бу былыргынан бэс ыйын саҕаланыыта. Улуу тунаҕы сайыҥҥы күн туруутун көрсө тэриллэр тойук ыһыах диэн ааттанар. Бэс ыйыгар Үрүҥ Айыы чугаһаан, Айыы аартыга арыллар. Айыы аартыгын бата алгыс көтөҕүллэр. Үрүҥ ойуун сиэри ситэрэн, туому толорон этэр алгыһа дьон үтүө санаатын, дьулуурун түмэн Айыыларга таһаарар. Онно иитиллэн, күүһүрэн, өйгө-сүрэххэ күүс угар, куту-сүрү бөҕөргөтөр. Маны таһынан киһи айылҕаҕа алгыс көмөтүнэн бэйэтин туһаайыытын, тосхолун биэрэр.

Бэс ыйыгар төрөөбүттэр

Хаһаайыстыбаннай, куруутун тугу эмэ хаһаанар түбүктээх. Тыа сиригэр олорор буоллаҕына, дэлэгэйдик оҕуруот аһын үүннэрэр, сүөһү тутар, от-мас үлэтинэн дьарыктанар. Туох баар дууһатын ууран, утуйар уутун умнан туран үлэлиир киһи. Атын киһи дьаһайарын, хамаандалыырын олох сөбүлээбэт. Туохха барытыгар сэрэхтээхтик сыһыаннаһар, билбэт киһитигэр итэҕэйэн быстыбат. Иирсэри-этиһэри ончу сөбүлээбэт. Айыыларга сүгүрүйэр  күүстээх итэҕэллээх, айыылартан көмүскэллээх. Дьоҥҥо хаҕыс сыһыаны, албыны-түөкэйи сөбүлээбэт. Айылҕаҕа сылдьарын ордорор, отонньут, тэллэйдьит. Көнө, аһыныгас майгылаах. Санаата иэйдэҕинэ, көрдөөх, көрүдьүөстээх. Олоххо сөптөөх суолу тутуһа сатыыр эрээри, сымнаҕас майгылаах буолан, олох устун дьыл-хонук хайдах салалларынан сирдэтэр. Кыһалҕа тирээтэҕинэ, эрэйи көрөр, хайдах тугу гыныан чопчу билбэт, түргэнник быһааран быстыбат. Ол гынан баран, бытааннык да буоллар, дириҥ өйүнэн хорутан, кэмигэр сөптөөх толкуйга кэлэр.  

Бэс ыйыгар төрөөбүт эр дьон

Элэккэй, көрсүө майгылаах. Киһини бэйэтигэр тардар ис киирбэх дьүһүннээх, кэрэ аҥаардары абылыыр минньигэс мичээрдээх. Кини ис дууһатынан чиэһинэй, онон тулалыыр дьонуттан истиҥ сыһыаны эрэйэр, хомойдоҕуна, аһаран быстыбат, саҥата суох сүрэҕэр тута сылдьар. Бытааннык да буоллар санаабытын толорор. Кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, дьону сүрдээҕин бэйэтигэр тардар. Кыыс-дьахтар аймахха ылбаҕай тылынан, ис киирбэх дьүһүнүнэн сөбүлэтэр. Олоҕор хас да тапталы көрсүөн сөп.  

Бэс ыйыгар төрөөбүт дьахталлар

Туораттан көрдөххө туохха да наадыйбат, таптал диэни билиммэт, барыны бары көрө-истэ сылдьар курдук. Ис киирбэх дьүһүнүнэн, долгулдьуйа хаамарынан, тырымнас мичээринэн эр киһи сүрэҕин уулларыан сөп. Дьиҥинэн, олус сэмэй, нарын, холку майгылаах, уйан сүрэхтээх. Ис санаатын, туохтан хомойорун, санаарҕыырын ыһа-тоҕо сылдьыбат. Соҕотох хааларыттан олус куттанар, онтукатын кимиэхэ да биллэрбэт. Кэргэн таҕыстаҕына, ирдэбилэ элбэх, чугас дьонун кэрэҕэ-сырдыкка, ырааска угуйар. Сир дьахтар бэлиэтин дьолун саамай чыпчаалынан дьиэ кэргэн иллээх, туруктаах олоҕо буолар.  

Бэс ыйыгар төрөөбүт оҕо

Кыратыттан олоҕу өйдүүр курдук, өйө-санаата сырдык. Барытын болҕомтолоохтук сыныйан көрөн баран биирдэ дьоҥҥо, оҕоҕо чугаһыыр. Улахан киһи тугу гынарын, хайдах туттан-хаптан кэпсэтэрин кэтээн көрө сылдьар. Үөрэҕи бастаан ыараханнык ылынар. Ол гынан баран кыһаллар буолан, түргэнник өрө тахсар. Үчүгэй психолог, айылҕаны, оту-маһы чинчийэн үөрэтэр дьон буолуохтарын сөп.  Бэс ыйыгар төрөөбүт дьон үөстэрэ, куртахтара, оһоҕосторо, төбөлөрө, систэрэ, атахтара моһуоктуон сөп. Сыһыы куохалаһа, ымыйах, суорат от, уһун сэбирдэхтээх лоһуор, кыһыл собо тыла үүнээйи эмп буолаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...