Бэс-Күөл сэлиэнньэтин олохтоохторо дьиэлэрин күлүүһүн туттулар
Алтынньы 18 күнүгэр Горнай улууһун Бэс-Күөл сэлиэнньэтин өссө 14 олохтоохторо саҥа тутуллубут дьиэлэрин күлүүһүн туттулар. Ити курдук, бу сайын ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит 34 ыал кыстыгы көрсө бары саҥа дьиэлэригэр киирдилэр.
«Бүгүн Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр 2021 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр дьиэлэрэ умайбыт дьоҥҥо саҥа тутуллубут дьиэлэрин күлүүстэрин туттардыбыт. Сорох дьон итэҕэйбэтэҕэ да буоллар эппит тылбытын толордубут диэн үөрэбит. Саҥа дьоҕус оройуону уон хампаанньа тутан таһаарда. Дьиэлэри туттубут эрэ буолбатах, барыларын толору хааччыллыылаах оҥордубут, туох ирдэнэринэн хааччыйдыбыт. Билигин сэлиэнньэҕэ суол үлэтэ барыта түмүктэннэ, дьиэлэргэ түргэн тэтимнээх интэриниэт холбонно, саҥа хотоннор тутулуннулар, 100 төбө сүөһүнү аҕаллыбыт», – диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Баһаартан эмсэҕэлээбит Бэс-Күөлү чөлүгэр түһэрэргэ өрөспүүбүлүкэ барыта кытынна, олохтоохторго Саха сириттэн уонна дойду атын регионнарыттан волонтердар кэлэн көмөлөстүлэр. Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи добровольческай штаб үлэлээн элбэх киһи харчынан көмө оҥордо.
«Барыгытыгар улахан махтал! Дойду бэрэсидьиэнигэр Владимир Владимирович Путиҥҥа, Уһук Илиҥҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Петрович Трутневка көмөҕүт иһин махтанабын!», — диэтэ Айсен Николаев.
Санатан эттэххэ, сэлиэнньэ олохтоохторугар өрөспүүбүлүкэ улахан тэрилтэлэрэ көмөлөспүттэрэ, ол иһигэр «АЛРОСА» 200 мөлүйүөн солкуобайы ыыппыта, Роснефть - 25 мөл. солк..