27.09.2021 | 16:30

Бэрэбиэркэни ааспыт ырысыаптар

Бэрэбиэркэни ааспыт ырысыаптар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Үтүө күнүнэн, күндү ааҕааччыларым!
Көрсүбэтэх, кэпсэппэтэх ыраатта, уһун уоппуска кэнниттэн ахтылҕаннаах үлэбэр дьэ таҕыстым. Бүгүн куолубунан аҕыйах кэмҥэ муспут, бэйэм астаан көрбүт, бэрэбиэркэни ааспыт ырысыаптарбын эһиэхэ анаан бэчээттиирбин көҥүллээҥ.

Королевскайдыы салаат

Туох наадата:

200 грамм краб палочката;

4 сымыыт;

Кукуруза – бааҥка аҥаара;

Туус, майонез.

Астаргытын кубиктыы кырбаан баран туустаан, тумалаан майонезтыыгыт. Бэрт судургу, оҥорорго түргэн салаат.

Хаһаайкаларга сүбэ быһыытынан эттэххэ, краб палочкаларын маҕаһыынтан ылан тоҥорон хаһаанан кэбиһэргит ордук, хаһан баҕарар наада буоллаҕына ойутан таһааран салаат да оҥоруохха, ыһаарылыахха да сөп.

«Минутка» салаат

Туох наадата:

Тууһаммыт оҕурсу;

Сибиэһэй оҕурсу;

Теркаламмыт сибиэһэй моркуоп;

Ветчина;

Горох+кукуруза (үстүү остолобуой ньуоска);

Майонез.

Көрөргүт курдук, бу салаакка тугу да буһарар наадата суох. Онон уонча мүнүүтэнэн бэлэм буолар. Барытын кубиктыы кырбыыгыт, устуукатын төһө киһини аһатаргытыттан бэйэҕит көрөн кутуҥ. Уопсайынан, харах холуйан көрүүтэ диэн баар. Үгүс хаһаайка ону билэр уонна хараҕынан көрөн, амсайан бэйэтэ холоон үгүстүк астыыр буолуохтаах. Сорох ырысыапка эбэн-сабан, көҕүрэтэн, тупсаран да биэрдэххэ бааламмат.

Помидортан уонна лууктан сокууска

Туох наадата:

Помидор – 5 устуука;

Эриэппэ луук – 3 устуука;

Чеснок – 4 өлүүскэ.

Соуска: 1 ост. нь. мүөт+0,5 ч. нь. туус+кыһыл биэрэс ньуоска төбөтүгэр+0,5 ч.нь. базилик.

Араҥанан уурабыт: помидордар + луук + чеснок + соус.

Манна дьэ оруобуна бу ырысыап курдук оҥоро сатааҥ. Мин иккистээн оҥорорбор элбэх киһини аһатаары, ахсаанын аһара элбэтэммин бастакым курдук табыллыбатаҕа. Дьиҥинэн, олус үчүгэй, минньигэс сокууска.

Кабачоктан бэрэски

Туох наадата:

Кабачок – 1 устуука;

Бурдук – 3 ост. нь.;

Кефир – 3 ост. нь.;

Сымыыт – 1 устуука;

Туус, биэрэс, укуруоп, 1 өлүүскэ чеснок.

Кабачоктары чараас гына төгүрүктүү кырбаан баран туустуубут, 20 мүнүүтэ туруорабыт.

Дириҥ миискэҕэ аҕыйах ньуоска кефир кутабыт, 1 сымыыт, күөх тума, туус, биэрэс, чеснок эбэбит.

Бурдуктаан баран хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри булкуйабыт.

Кабачокпутун ылабыт, уутун-хаарын тоҕобут. Бастаан бурдукка булкуйабыт, онтон тиэстэҕэ төкүнүтэбит.

Көмүстүҥү, араҥас өҥнөнүөр диэри арыыга икки өттүттэн ыһаарылыыбыт.

Оҕурсуттан сокууска

Туох наадата:

Сибиэһэй оҕурсу – 3 киилэ;

Мас арыыта – 250 мл;

Уу – 125 мл;

Саахар – 180 г;

Туус – 1,5 ост. нь.;

9 бырыһыаннаах уксуус – 100 мл;

Бэйэ сөбүлээн сиир кетчуба – 200-250 г.;

Чили кетчуп (мин “традиционнай” диэни туттубутум) – 200-250 г.;

Чеснок – 12 өлүүскэ, илдьиритэҕин.

Улахан тааска, миискэҕэ маринад оҥороҕун:

Уу + уксуус + саахар + мас арыыта + туус + икки араас кетчуп кутан баран булкуйаҕын. Бу кэннэ оҕурсуларгын тарбах саҕа гына эбэтэр бэйэ сөбүлүүрүнэн бысталыыгын.

Маринадтаах миискэҕэр оҕурсуларгын уураҕын, тэппитин кэннэ 20-25 мүнүүтэ оргутаҕын. Чеснок кутан баран эбии 10 мүнүүтэ тэптэрэҕин.

Бу сокуусканы мин быйыл үһүс төгүлүн оҥордум. 5-6 бааҥка тахсар. Үчүгэйэ, түргэнэ диэн бааҥкаларгын көннөрү итии, оргуйбут уунан сайҕаан ылаҕын, хаппахтарын эмиэ. Ол кэннэ оҕурсугун итиилии кутан баран умса ууран, нөҥүө күнүгэр тымныы сиргэ хаһаанаҕын. Дьиэлээхтэрим олус сөбүлээбиттэрэ, ыалдьыттарым буспут оҕурсу диэн дьиибэргииллэр, сиэн баран астыналлар.

Дьаабылыкаттан алаадьы

Туох наадата:

Бурдук – 1 ыстакаан;

Кефир – 250 мл;

Саахар – 2 ост.нь.;

Сымыыт – 2 устуука;

Дьаабылыка – 3 устуука;

Суода – 0,5 ч.нь.;

Туус;

Мас арыыта – 2 ост.нь.

Кефир + суода + туус = булкуйабыт.

Сымыыт уонна саахар эбэбит.

Бурдугу сиидэлээн кутабыт.

Дьаабылыканы сиэмэтиттэн ыраастаан, кубиктыы кырбаан баран кутан барытын булкуйабыт.

Мас арыытыгар ыһаарылыыбыт.

Мин бу алаадьыны, сахалыы алаадьыттан ураты буоллун диэн оҥорбутум. Биллэн турар, арыыны оборор, ол эрээри олус минньигэс, сымнаҕас буолбута, оҕолор да сөбүлээбиттэрэ.

Сүбүөкүлэ сэбирдэҕиттэн кэтилиэт

Туох наадата:

Сүбүөкүлэ сэбирдэҕэ – 15 устуука;

Луук – 2 устуука;

Чеснок – 1 өлүүскэ;

Сымыыт – 2 устуука;

Бурдук, туус, тума.

Сүбүөкүлэ сэбирдэхтэрин уонна луугу бытархай гына кырбыыгыт, чеснок эбэҕит (илдьиритэҕит).

Булкуйан баран бурдуктуугут. Туус, тума, сымыыт кутаҕыт.

Мас арыытыгар икки өттүттэн ыһаарылыыгыт.

Мин оруобуна маннык ырысыабынан оҥорбутум. Ол эрээри үүт кутар наада эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Билигин ыал аайы сүбүөкүлэ үүннэ, дьон сэбирдэҕин быраҕан кэбиһэр, сүөһү да сиир. Онтон сатабыллаах хаһаайкалар кыһын кэтилиэккэ диэн анаан 15-тии устуука сэбирдэҕи кырбаан тоҥорон кэбиһэллэр эбит. Дьиҥэр, олус ураты, минньигэс кэтилиэт буолар, онон астаныҥ, дьиэлээхтэргитин күндүлээҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...