Бэрэбиэркэ түмүгэ: харгыстары туоратарга
Ааспыт субуотаҕа куорат баһылыга Евгений Григорьев “Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри кэрчиккэ Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ” эбийиэккэ оробуочай бөлөх мунньаҕын ыытта. Манна Дьокуускай куорат прокурора Антон Николенко, “Главстрой” МХТ уонна Автодорожнай уокурук салалталара, ону сэргэ атыы-эргиэн эбийиэктэрин бас билээччилэрэ кытыннылар.
Суол үлэтин сакаасчыта – “Главстрой” муниципальнай хааһына тэрилтэтэ суол тутуутугар, бырайыакка киирбит тупсарыы үлэтин ыытарга харгыс буолар, мэһэйдиир атыы-эргиэн эбийиэктэрэ, павильоннар, тимир олбуордар, гараастар турар сир учаастактарын туһунан иһитиннэриини оҥордо.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл кулун тутар ыйтан суол-иис сулууспалара Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн иккис түһүмэҕэр киирбиттэрэ – Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри кэрчиккэ үлэ саҕаламмыта. Ол эрээри бэлисипиэт суолун, тротуары оҥорорго уо.д.а. кэккэ эбийиэктэр мэһэйдииллэрэ бэлиэтэммит. Ону сэргэ, сатыы дьон сылдьарыгар, суолу туорууругар күчүмэҕэйдэри үөскэтэллэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн дьиэни тутааччылар сир учаастагын көҥүлэ суох ылбыттара билиннэ.
Строд уулуссатыттан Чепалов уулуссатыгар диэри кэрчиккэ, Ленин проспегын биир өттүгэр тимир олбуордаах сир учаастактара бааллар, олор тротуары уонна бэлисипиэт суолун оҥорорго харгыс буолаллар.
Аны туран Дежнев уулуссатыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчиккэ, проспект ити этиллибит өттүгэр бетон олбуор тротуары тутарга мэһэйдии турар.
Мунньахха Евгений Григорьев “кыһалҕалаах” учаастактар тула туох быһаарыы ылыллыбытын иһитиннэрдэ. Онуоха бэлисипиэт суолун, тротуардары оҥоруу уонна көҕөрдүүгэ сыһыаннаах үлэ график быһыытынан ыытыллыаҕа. Бэлиэтээн эттэххэ, ити үлэлэр бэс ыйын 1 күнүттэн саҕаланыахтара. Маны сэргэ, куорат баһылыга Олохтоох дьаһалта туһааннаах салааларыгар кэккэ миэрэлэри ылалларыгар соруйда.
Көһө сылдьар мунньах биир эбийиэгинэн Вилюйскай переулокка муус устар 8 күнүттэн үлэлээбит хаары мунньар полигон буолла. Онно куорат прокурора Антон Николенко эмиэ сылдьыста. Манна даҕатан эттэххэ, бу сир урут ити сыалга туттуллар этэ. Ол саҕана 300 тыһ. куб. миэтэрэ хаар дьапталҕаланан тиэйиллэр буолара.
Хаары кытта охсуһуу туһунан сиһилии хаһыат 15-с балаһатыгар ааҕыҥ.