07.10.2020 | 17:39

Бэлисипиэтинэн умнуллубат айан

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөбүл күннэри  киһи сынньанаары, сиппэтэҕин ситэрээри, санаатын сааһылаары кэтэһэр. Ол курдук, биһиги, велосканди бөлөх кыргыттара: Яковлева Нюргустана Павловна, Яковлева Мария Егоровна, Петрова Домна Егоровна сааскыттан ыра санаа оҥостубут биир идеябытын олоххо киллэрдибит. Ол курдук, Ньурба-Түүкээн хайысханан бэлисипиэтинэн  айаннаан кэллибит.

Халлааммыт туран  биэрэн, суолбут тупсан, айанныырга үчүгэй, харгыһа суох сырыттыбыт. Ньурбаттан сарсыарда 6 чааска хоҥнубуппут. Чаппанда, Дьаархан, Марха муостатыгар, бэлиэ сирдэргэ тохтоон, сирбитин-уоппутун аһатан, айылҕа кэрэ көстүүлэрин хаартыскаҕа түһэрэн, Хаҥаласка эбиэккэ тиийбиппит.

Нюргустана дьонугар, саха сайдам ыалыгар Афанасьевтарга ыалдьыттаабыппыт. Сатабыллаах хаһаайка Афанасьева Маргарита Иннокентьевна көрсөн, кучу чэйинэн, араас морсунан, оҕуруот дэлэгэй аһынан, сир аһын араас көрүҥүн барыанньатынан, сибиэһэй сүөгэйинэн, арыылаах алаадьынан күндүлээбитэ.

Хаҥаластар бэрт интэриэһинэй музейдаахтар диэни истибиппит да, көрө илик этибит. Ыал  аҕа баһылыга Ариан Афанасьев бэрт түргэнник музей дириэктэрин кытта кэпсэтэн, көрө барар буолбуппут. Варвара Андреевна Петрова аатынан краеведческай музей дириэктэрэ Зинаида Васильевна үөрэ-көтө  көрсүбүтэ.

Бары ытыктыыр киһибит Варвара Андреевна олоҕун кэпсиир экспонаттары, хаартыскалары, үлэлээн ааспыт сылларын кэпсиир ахтыылары, бу дьоҕус гынан баран, олус суолталаах музейга сэргээбиппит. Уу чуумпуга Зинаида Васильевна наҕыллык, хас биирдии экспонат туһунан истиҥник кэпсээбитэ. Хос хос туһунан тематикалаах. Манна – Сата уустара урут тутта сылдьыбыт тэриллэрэ, оҥоһуктара, туттубут иһиттэрэ. Биһиги билбэтэхпитин билэн, история кэрэһитэ буолан турар урукку тэриллэри, иһиттэри, оһуордары сөҕө-махтайа көрбүппүт. Айаннаан иһэрбитин да умнан ылбыппыт.

Норуоттар икки ардыларынааҕы "Фестиваль Вудфордской печи" тимир уустарын онлайн бэстибээлин кыттыылааҕа, элбэх куонкурус кыайыылааҕа, призера Ариан Васильевич Афанасьев оҥоһуктарын, оҕолор үлэлэрин кэрэхсээбиппит. Хомустара,  эчи, нарынын, оһуордара намчытын. Быһахтара сытыытын! Эр киһи курун оһуора туспа кэпсиир суолталааҕын бэркэ интэриэһиргээбиппит.

Ариан Васильевич уус кыһатыгар оҕолору эбии үөрэтэр, дьарыктыыр эбит. Оҕолор улахан киһиттэн итэҕэһэ суох олус мындыр  оҥоһуктаахтар. Харах хайгыы эрэ көрөр. Аны таһырдьа тахсан Ариан Васильевич тимири уһаарар оһоҕу көрдөрбүтэ, соторутааҕыта буолан ааспыт тимир уустарын бэстибээлин туһунан кэпсээбитэ.

Истиҥ кэпсэтии, талааннаах дьоннуун алтыһан, үлэлэрин көрөн, ситиһиилэрин кэрэхсээн, санаабытыгар, өссө күүс-уох эбинэн айаммытын салҕаабыппыт.

Хаҥаластан тахсыыбытыгар мохсоҕол көтөр олорорун көрбүппүт. Айаммыт мэлдьи аргыстаах буолар диэн үөрбүппүт.

Бэлисипиэппит көлүөһэтэ сыыйыллан тыаһыыра эрэ иһиллэрэ. Кыргыттарым харахтарыгар сөҕүү, киэн туттуу... Суолбут ырааҕын, онон-манан оллур-боллур да түһүүлээҕин-тахсыылааҕын билбэккэ, Хаҥаластан Түүкээҥҥэ диэри бэрт түргэнник айаннаабыппыт.

Бу айаммыт дьоһун-мааны дьоннуун билсиһиини бэлэхтээтэ, кинилэр талааннарыгар өссө сүгүрүйдүбүт. Ариан Васильевич, талааныҥ өссө арыллан истин, ситиһии кынаттан!

Санаа... Киһини кынаттыыр, сырдыкка, кэрэҕэ угуйар сүдү күүстээх. Уһун айаммытыгар бииргэ сылдьыбыт, биир санаанан салайтарбыт кыргыттарбар махтанабын. Биһиги чугастааҕы дэриэбинэлэргэ тиийэн, тыыммытын эрчийэн, тапталлаах Куочайбытыгар көнүл бэлисипиэттээн, эрдэттэн дьарыктаах буолан, сыалбытын ситистибит.

Дьэ, итинник айаннаан икки улууһу ситимниир Түүкээммит саҥа муостатыгар тиийэ сырыттыбыт.

Домна Петрова, Ньурба

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...