05.08.2022 | 16:00

Бэлисипиэт спордун күнэ тэриллиэҕэ

Дьокуускайга бэлисипиэт спордун тарҕатааччылар түмсүүлэрэ таһаарыылаахтык үлэлээн эрэр. Аҕыйах хонуктааҕыта кинилэр куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта куоракка Бэлисипиэт спордун күнүн ыытарга сүбэлэстилэр.
Бэлисипиэт спордун күнэ тэриллиэҕэ
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

Бэлисипиэт спордун киэҥ араҥаҕа билиһиннэрэр сыаллаах тэрээһин Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананыаҕа уонна балаҕан ыйыгар ыытыллыаҕа.

Көрсүһүүгэ бэлисипиэттээх дьон кыттыылаах суол саахала тахсара сыл аайы элбээн иһэрэ бэлиэтэннэ. Куорат суолларыгар бэлисипиэттээх дьон эчэйиитэ элбээтэ, бу көлөҕө саҥа олорооччулар суол быраабылаларын үөрэппэттэрэ, анал бэлиэлэри билбэттэрэ, харыстанар тэриллэри кэппэт буолаллара эмиэ баар суол.

«Куорат салалтата, биллэн турар, бэлисипиэттээх дьон билиилэрин кэҥэтэллэригэр ураты интэриэстээх. Биирдиилээн тэрээһиннэри ыытан, оскуолаларга оҕолору көрсөн элбэҕи кыайбаппыт. Дьон таптаан туттар көлөтүгэр, бэлисипиэт спордугар ситимнээх пропаганда үлэтэ наада буолла. Ол иһин биһиги быйыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыытыллар тэрээһини дьүүллэстибит.

Дьокуускай киин улууссаларынан бэлисипиэттээхтэр парааттара буолуоҕа, онно ким баҕалаах барыта кыттарын хааччыйыахпыт. Икки көлүөһэлээх көлөнү таптааччылар уонна саҕалааччылар бырааһынньыктара буолуоҕа”, - диэн санаатын үллэһиннэ баһылык Евгений Григорьев.

Балаҕан ыйын 10 күнүгэр, Куорат күнүгэр, Ленин проспегын устун бэлисипиэттээхтэргэ критериум-сүүрдүү тэриллиэҕэ.

Бүлүү суолун 126 – 26 км шоссейнай сүүрдүү, Птицефабрикаҕа уонна Чочур Мырааҥҥа хайа бэлисипиэтинэн күрэхтэһии ыытыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...