13.02.2021 | 11:51

БЭЛЭХПИТТЭН АККААСТАНЫМА ДУУ...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күн чаҕылыччы тыган, таһырдьа таҕыстахха киһи хараҕа саатар буолбут. Хаар кыырпахтара күн уотуттан араас өҥүнэн дьэрэлиһэ оонньууллар. Бүгүн бээтинсэ. Онон Нина оҕотун дьыссааттан эрдэ ылыахтаах. Кыл тыынынан үлэтиттэн кэлээт, салааска соспутунан билэр ыллыгын устун хааман-сиимэн курбалдьыта турда. Аны оһоҕун оттуохтаах, хайытыллыбыт маһа бүтэн эрэрэ. Төннөн иһэн таайыгар киирэн тахсыыһы. Кэлэн маһын хайытар ини. Киэһэ миин буһаран, оҕотун кытта аһыахтара, тэлэбиисэр көрөн, иккиэн оонньоон баран ыбылы куустуһан утуйуохтара.

Нина, күннээҕи түбүгүн саныы-саныы, иһигэр киҥинэйэн ыллыы иһэн, эмискэ иннигэр киһи баар буола түспүтүттэн соһуйан: “Уой!” — диэбитинэн тохтуу биэрдэ.

– Уойар санаам суох. Иннигин көрбөккө, киһини түҥнэри көтөн аaha сыстыҥ дии, — диэн бу ыллыгынан эмиэ төттөрү-таары хаамар ыала Бииктэр таҥнары көрөн турар эбит.

– Кыыспын дьыссааттан ыла баран иһэбин, хойутаары гынным. Сырыы аайы мин эрэ оҕом бүтэһик хаалан ыллыы олорор буолааччы.

– Ии, барахсаны, олуп-чолуп көрөн үкчү ийэтин курдук. Оттон бардаҕыҥ дии, сэлэһэ туруохпут дуо? Хата, киэһэ сэһэргэһэ киирэ сылдьыам. Күөскүн бэлэмнээр, – диэн Бииктэр дьиэтин диэки аа-дьуо ааһа турда.

Аны киэһэ ыалдьыттанар буоллулар. Чэ, киирдин. Бииктэр туох да дьиэгэ суох, олус көнө барахсан. Биэс сыллааҕыта кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлөн, билигин соҕотох уолунуун иккиэйэҕин олороллор. Нина дьүөгэлэрэ Бииктэргэ сыбыы сатыыллар, эн диэки бэрт үчүгэйдик көрөр, сааскыт олус ыраата илигинэ ыал буолуҥ диэн хаайаллар. Ама да Нина эр киһи кэтит санныгар өйөнүөн, дурда-хахха оҥостуон баҕарбытын да иһин, куруук ыаллаһа, эн-мин дэсићэн олорбут Бииктэрдиин чугас сыһыаннаныан баҕарбат уонна кэргэнэ Ританы ытыктаан атыҥҥа санаммат даҕаны.

Бииктэрдээх Рита оҕо саастарыттан тэҥҥэ улаатан, биир кылааска үөрэнэн, оскуола эрдээҥи доҕордоһуулара тапталга кубулуйан уруу тэрийбиттэрэ. Рита үрдүкү кылаастарга сылдьан ыарытыйар буолбута. Куп-кубаҕай кыыс оскуола кэнсиэртэригэр үҥкүүлээн олус имигэстик хамсанара-имсэнэрэ, Бииктэрдиин олус барсар пааралар этэ. Дьон бары ымсыыра, сорох-сорохтор ордугургуу да көрөллөрө. Оскуоланы бүтэрээт, Бииктэр аармыйаҕа, кыыс үөрэххэ киирбитэ.

Ританы уолаттар эккирэтиһэ сатаан, араастаан сурук суруйан, сибэкки бэлэхтээн көрөллөрө да, Рита Бииктэрин күүтэн икки сыл ханна да сылдьыбатаҕа, дойдутугар кэллэҕинэ Ниналыын эрэ сибээстэһэрэ, Бииктэр суруктарын, киниэхэ анаан айбыт хоһооннорун, хаартыскаларын көрдөрөрө. Уопсайынан, Ниналаах Рита иккиэн уу тэстибэт дьүөгэлиилэр буолбуттара. Төһө да Рита Нинаттан балачча сыл аҕа да буоллар, иккиэн сытыары-сымнаҕас майгылаах, олус үлэһит, онно-манна сырсыаласпат кыргыттар этилэр. Ол иһин биир тылы булан, Рита өлөр өлүүтүн охтуор диэри Нина кини иннигэр-кэннигэр түсүһэн, киирэ-тахса дьуһуурустубалаһан, дьонугар көмөлөһөн атаарбыта. Рита өлөөрү сытан Нинаттан: “Дьоммун көрө сылдьаар, Бииктэрбин эн илиигэр хаалларабын”, — диэн иккиэйэҕин хаалбыттарыгар тыын быһаҕаһынан тыына сытан этээхтээбитэ. Онтон ыла Нина дьүөгэтин кэриэһин толорон Бииктэрдээххэ куруук көмөлөһө, уол уруоктарын ааҕарыгар, арааһынай маскараат, кэнсиэр таҥаһын тигэргэ күүс-көмө буолар. Сэмэнчик ийэтэ суох буолуоҕуттан улахан киһи курдук дьоһуннанан, үөрэҕэр олус кыһаллан, билигин тохсус кылаас буолла. Аҕатыныын олус тапсаллар, Нина кыыһын Аннушканы ылан көрөллөр, уолчаан олох балтын курдук саныыр. Бииктэр Ритата өллөҕүн утаа тэмтэрийэн аһыы утахха ыллара сыспыттаах. Ол кэмҥэ Сэмэнчик Ниналаахха элбэхтэ хонон турбута. Дьиэлэрэ-уоттара ыһыллан, ыал аатыттан ааһа сыспыттара. Ынырыктаах аһыыны тулуйбакка, тапталлаах Ритатын сүтэрэн, Бииктэр киһини утары көрбөт гына сирэйэ-хараҕа дарбайан, таҥастыын-саптыын бүтэ сыспыта. Табаарыстара ирдэһэ сатаан сороҕор Ритатын уҥуоҕуттан булан ылаллара.

Сэмэнчик үөрэҕэр мөлтөөн барбыта, аҕатын абааһы көрөн, биирдэ ытыы-ытыы: “Бу кэриэтэ эн өлүөххүн, ийэм баара буоллар мин эйигин үҥсэн биэриэм этэ, арыгыгын бырахпат буоллаххына, мин атын ыалга оҕо буола барыам”, — диэбитигэр Бииктэр ыарахан уутуттан уһуктубут курдук эмискэ өйдөнө түспүтэ. Онтон ыла арыгыны мас-таас курдук бырахпыта, Нинаны, аймахтарын көмөлөһүннэрэн дьиэтин-уотун сууйан-тараан, сайын өрөмүөннээн, кырааскалаан кэбиспиттэрэ. Ыал ыһыллыаҕын кыракый Сэмэнчик ким эрэ кикпитин курдук эппит тыллара эмискэ улахан уларытыы киллэрбиттэрэ.

Нина, дьыссаат аанын аһан киирээт, аҕыйах оҕо хаалбытыгар кыыһын көрдүү сатаата. Атын хоско киирбитэ буолуо диэн кэтэһэ турдаҕына, кыракый Петенька кэлэн: «Надюшка барбыта», — диэтэ.

– Бай, ол ханна, ким ылбытай? – диэн Нина соһуйан кип-киэҥинэн көрөн кэбистэ.

Ол кэмнэ баспытаатал Ольга Ивановна тахсан:

— Надюшканы Сэмэнчик кэлэн ылан барбыта. Эйигин оскуолаҕа мунньахха олорор диэбитэ, – диэн уоскутта.

Нина, хап-сабар эргиллэ биэрээт, кэлбит суолунан дьиэтин диэки ойдо. Сэмэнчик, ол аата директорскайга мунньахтыы олороллорун көрөн, Надюшканы куруук хойут ылылларын билэн, бэйэтэ дьаһанан илдьэ бардаҕа. Кини көрдөспөтөҕө эбээт, уопсайынан, дьонтон көрдөһөрүн, оҕону соруйарын олох сөбүлээбэт. Арба, таайыгар сылдьыахтаах этэ дии. Ээ, чэ, буоллун, бүгүн оттор мастаах ини. Бииктэр маскын хайытыам диирин олох сөбүлээбэт. Дьиҥинэн, аккаастаныа суоҕа этэ, мууһун-маһын барытын дьаһайыан баҕарар да, Нина таайыгар да этэрин улахаҥҥа уурар. Бэйэтэ эмиэ дьиэлээх-уоттаах киһи киниэхэ кэлэн үлэлии сылдьыа дуо. Соруннаҕына бэйэтэ да маһы хайытааччы. Ону таайа барахсан кэлэн мөҕөн-этэн үлэтин барытын үлэлээччи.

Эмиэ харса суох хааман истэҕинэ, аны утары Бииктэрэ бу иһэр эбит. Дэлби ыксаабыт, тиритэн бэргэһэтин өрө анньыбыт.

– Тиийбитим, Надюшка, хата, Сэмэнчиктиин уруһуйдуу олороллор эбит. Бастаан кыһамматым, онтон өй ылан эйигин ыксаатаҕа диэн бу утары баран иһэбин, — диэн хаамыытын бытаардан, иккиэн кэпсэтэ-кэпсэтэ дьиэлэрин диэки бардылар.

– Хайа, Сэмэнчик, баһыыба, ол эрэн этиэҥ этэ буоллаҕа дии, — Нина киирээт аргыыйдык унаарыччы саҥарда.

– Эйигин хойутуура буолуо диэбитим, — диэн Сэмэнчик буруйдаах курдук тутунна.

– Чэ, ничего, хата, оҕом тућалаабыт. Ол эрэн, ылар буоллаххына аныгыскыга сэрэтээр.

– Оччоҕо аны мин куруук ылар буолабын дуо? Билигин халлаан сылыйда дии, мин да салаасканан баран ылыам, эрдэ бүтэбин ээ, — диэн Сэмэнчик сэргэхсийэ түстэ.

 — Баһыыба, Сэмэнчик, ыксаатахпына, хойутуур буоллахпына эрэ, сөп? Оччоҕо эрдэттэн сэрэтэр буолуом. Чэ, Надюшка тахсыахха, оһохпутун оттон, аспытын буһарыахпыт, таҥын.

– Биһиэхэ аһаабаккыт дуо? Күөспүт бэлэм ээ, — диэн аны Бииктэр көрдөстө.

– Кэбис, оттон эн ыалдьыттыы тахсыах буолбутуҥ дии. Биир-икки чааһынан биһиги күөспүт бэлэм буолуо, — диэн Нина кыыһын таҥыннарбытынан барда.

Ити курдук саамылаһан кыыһыныын дьиэлэригэр таҕыстылар. Нина таҥаһын уларыттан маһын көтөҕө тахсыбыта, арай дьиэтин кирилиэһигэр мас бөҕөтө кыстанан турар эбит. Кыыһыныын кэпсэтэригэр буолан киирэн иһэн өйдөөн да көрбөтөх. Таайым кэлэ сылдьыбыта дуу, Бииктэр бэлэмнээбитэ дуу диэн таайа сатыы-сатыы, маһын көтөҕөн киллэрэн оһоҕун тигинэччи оттон кэбистэ. Ити киэһэ Бииктэрдээх Сэмэнчик киирэн ону-маны кэпсэтэн, күлсэн, оҕолорун кытары хаартылаан, арааһынайы барытын оонньоон бириэмэлэрин билбэккэ хааллылар. Дьахтар күнүгэр эһиги биһиэхэ киирэҕит, ыалдьыттыы кэлэргитин күүтэбит, — диэн Бииктэр мас-таас курдук этэн, эппиэт да истибэккэ тахсан бардылар.

Онон кэлэр субуоталарыгар Нина дьахтар күнүн оскуолаҕа бэлиэтээн баран (өссө Сэмэнчик анаан-минээн ыҥырыы аккырыыкка онорбут этэ), дэлби киэргэнэн, бэйэтэ оҥорбут туордун илдьэ ыалдьыттыы таҕыстылар.

Киирбиттэрэ, дьоно остуол хотойорунан ас бэлэмнээбиттэр, араас салааттара, соркуойдара, оннооҕор бэрэски кытары баар.

– Тыый, туох ааттаах астаатыгыт? Эчи, сыта минньигэһин, — диэбитинэн Ниналаах саалаҕа аастылар.

 — Чэ, кыргыттар олоруҥ, мааны ыалдьыт буолуҥ, — диэн

Бииктэрдээх Сэмэнчик долгуйбут курдук тутуннулар. Төрдүөн остуолга олорон аһаабытынан бардылар.

— Күндү баар-суох дьоммут, кыраһыабай кыргыттарбыт, эһигини Аан дойду дьахталларын күнүнэн эҕэрдэлээн туран, бэйэбит сэмэй бэлэхпитин туттарабыт, — диэн Бииктэр эҕэрдэлээбитин кэннэ, Сэмэнчик кыбыста-кыбыста, хоско киирэн бэлэхтэрин таһаарда. Надюшка харса суох бэлэҕин арыйан, дьэрэкээн былаачыйалаах куукуланы хостоон таһаарда. Оттон Нина бэлэҕин сүөрэн баран, тылыттан матан турда. Арай кыһыл хоруопка иһигэр күлүмүрдэс таастардаах кыһыл көмүс ытарҕа буолан биэрдэ. Хайыан да билбэккэ, маннык бэлэҕи ылабын дуу, суох дуу диэн саныы турдаҕына, Бииктэр:

– Нина, бука диэн бэлэхпититтэн аккаастаныма. Биһиги Сэмэнчиктиин талан-талан ылбыппыт. Соһуйума дуу, баһаалыста, кулгааххар кэтэн кэбис, — диэтин кытары Сэмэнчик Надюшканы сиэтэн хоско киирэн хааллылар.

— Бииктэр, тоҕо маннык сыаналааҕы ылаҕытый? Мин бэлэҕэ да суох бырааһынньыктаан барыам этэ буоллаҕа.

– Нина, өйдөөбөтүҥ тугун сүрэй? Мин эйигин таптыыбын эбээт. Ыал буолан, холбоһон олоруохха. Сэмэнчик эйигин маама оҥостуон олус баҕарар. Уруккуттан хаайар, хайдах эмэ гынан Нинаҕа таптыыргын эт дии сатыыр.

– Бииктэр, соһуччута бэрт дии. Мин да эйигин куһаҕаннык санаабаппын, ол эрэн ыксаамыахха, хата оҕолорбутун ыҥыран бырааһынньыктыахха, — диэн баран, Нина, долгуйа-долгуйа, ытарҕатын кэттэ.

Сэмэнчик хайдах эрэ кыбыстыбыт курдук иккиэннэрин сирэйдэрин-харахтарын кэтэстэ, онтон дьоно туох да буолбатаҕын курдук тутталларын көрөн, Надюшканы аттыгар олордон аһаабытынан бардылар.

Муус устар саҥатыгар Нина сыта-тура толкуйдаан баран, Бииктэрдээххэ көһөн киирбитэ. Надюшка тута Бииктэри «паапа» диэн ыҥырбыта, Сэмэнчик үөрэнэ түһэн баран биир күн “ийээ” диэн Нинаны дэлби долгуппута. Ити курдук икки дьиэ ыала биир ыал буолан, эһиилигэр Сэмэнчиктээх Надюшка бырааттаммыттара. Бииктэр үөрүүтүттэн Нинатын көтөҕө эрэ сылдьыбыта, роддомтан тахсарыгар дьиэтин барытын хонуу сибэккитинэн толорбут этэ. Билигин үс оҕолоох Хаабыһаптар нэһилиэк биир биллэр-көстөр, тарбахха баттанар ыала буолан ньиргийэн олороллор. Сэмэнчик үөрэҕин бүтэрэн Дьокуускайга үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар, өрөбүл аайы балтылаах быраатын ахтан, дьонугар тахса турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....