Бэдэрээтчит эппиэтинэһин өйдүөхтээх
Ыам ыйын 29 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Россия 24” ханаалга “Прямой эфир с городом” биэриигэ ыалдьыттаата, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата. Быһа эфиргэ суол үлэтин, тиэргэннэри тупсарыы, дьиэ тутуута, көҕөрдүү, баһаартан сэрэтэр үлэ уо.д.а. боппуруостар иһилиннилэр. Салгыы ол туһунан сиһилии ааҕыҥ.
267 мөл. солк. = 7,3 км суол
Дьокуускай куоракка “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии салҕанар. Бу иннинэ Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын хамыыһыйата өйөөн, федеральнай бүддьүөттэн 267 мөл. солк. эбии харчы көрүллүбүтүн туһунан сонуннарга суруйбуппут.
“Быйыл 22 км усталаах суолу үлэҕэ киллэриэхпит диэн былааннаммыт эбит буоллахпытына, 30 км кэриҥэ усталаах суолу оҥорор кыахтанныбыт. 267 мөл. солк. харчы 7,3 км суолга тэҥнэһэр. Бу – Дьокуускай куоракка улахан кыайыы”, – диэн бэлиэтээтэ куорат баһылыга уонна СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаевка өйөбүлүн иһин махталын тиэртэ.
Евгений Николаевич быйыл куорат суолларын аспааллааһын үлэтэ хаһааҥҥытааҕар да эрдэ – ыам ыйыттан саҕаламмытын кэпсээтэ. Билиҥҥи туругунан Поярков уулуссатыгар (Дзержинскэй уулуссатыттан Октябрьскай уулуссатыгар диэри кэрчик), Ленин проспегар, Можайскай уулуссатыгар, Винокуров уулуссатыгар, Вилюйскай переулокка суол үлэтин араас көрүҥэ ыытыллар.
“Бэс ыйын ортотуттан Лермонтов уул. уонна Вилюйскай переулок быһа охсуһууларын нэдиэлэ кэриҥэ сабарга күһэллэбит. Бу эбийиэккэ гаас ситимин уларытан тутуу оҥоһуллар. Куорат олохтоохторо өйдүөхтэрэ диэн эрэнэбин”, – диэтэ баһылык. Маннык үлэ Быковскай уулуссатыгар (Можайскай уул. кытта силбэһэр сиригэр) ыытыллара былааннанар, бу ый ортото суол сабыллыаҕа. Ону сэргэ, Челюскин уулуссатыгар, “Севернай” дьоҕус түөлбэҕэ (9 км суол) үгүс үлэ күүтэр.
Евгений Григорьев кэпсээбитинэн, эбии үбүлээһининэн Аржаков уулуссата, Оҕо сэллигин санаторийыгар, Хаан кутуу станциятыгар киирии суоллар, Табаҕаҕа Центральнай уулусса (2,7 км, нэһилиэнньэ туруорсубута ыраатта) оҥоһуллуохтара.
Билиҥҥи туругунан Ленин проспегар уонна Бабушкин уулуссатыгар тырааныспар сырыыта хааччахтаах.
Суол дьаамаларын өрөмүөннээһин ыам ыйыттан саҕаламмыта. Баһылык быйыл хаһааҥҥытааҕар да эрдэлээбиттэрин, барыта биэс бэдэрээтчит үлэлиирин, суол өрөмүөнэ урукку дьыллардааҕар 2-3 төгүл тэтимнээхтик баран иһэрин бэлиэтээтэ.
Ыам ыйын бүтүүтэ үлэ кээмэйэ 7 тыһ. кв. миэтэрэҕэ тэҥнэстэ, бэс ыйыгар үлэ салҕаныаҕа, бу көрдөрүүнү быһа холоон 15 тыһ. кв. миэтэрэҕэ тиэрдэр сорук турар. Бэдэрээтчиттэр бары (“Дорисс” ПАУо-тан ураты) гарантийнай эбэһээтэлистибэнэн итэҕэстэри туораталлар.
Биир көрөөччү эрийэн, Чернышевскай уулуссатыгар суол-иис туруга лаппа мөлтөҕүн үҥүстэ. Санатан эттэххэ, былырыын бу эбийиэккэ “Водоканал” тэрилтэ 3 нүөмэрдээх канализация коллекторын уурар үлэни ыыппыта. Евгений Николаевич бэдэрээтчит суол бүрүөһүнүн чөлүгэр түһэриэхтээҕин, ыйыллыбыт итэҕэстэри туоратыахтааҕын иһитиннэрдэ.
“Водоканал” салгыы суол эргиириттэн ДСК диэки үлэ иккис түһүмэҕин ыытар. Маныаха куорат баһылыга Чернышевскай уулуссата түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтиллиэхтээҕин эбэн эттэ.
Тиэргэннэри тупсарыы – баһылык кыраҕы хараҕынан
Бу сааскыттан Евгений Григорьев былырыын тупсарыллыбыт эбийиэктэри кэрийэн көрөр, бэрэбиэркэлиир. Быһа эфиргэ баһылык 75 тиэргэҥҥэ барытыгар сылдьар санаалааҕын эттэ.
“Бастатан туран, үлэ хайдах толоруллубутун, төһө хаачыстыбалааҕын илэ харахпытынан көрүөхтээхпит, нэһилиэнньэ санаатын истиэхтээхпит, туох боппуруос баарын чуолкайдыахтаахпыт. Салгыы бэдэрээтчит гарантиянан итэҕэстэри туоратар болдьоҕун кэпсэтэбит. Иккиһинэн, балаһаакка хайдах үлэлии турарын көрөбүт”, – диэтэ.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай куоракка “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн”, СӨ Ил Дарханын биллэрбит “Мин тиэргэним” бырагыраамаларынан, Тупсарыы үс сылын чэрчитинэн үлэ ыытыллар. Эрдэ оҥоһуллубут боротокуолларга олоҕуран, усулуобуйа быһыытынан, өрөмүөн түмүктэммитин кэннэ тупсарыллыбыт тиэргэннэр турар сирдэринэн олорор дьиэлэр балансаларыгар киириэхтээх, салгыы эбийиэктэри Салайар хампаанньалар үлэлэтиэхтээхтэр.
“Хомойуох иһин, 6 тиэргэн эрэ көрүллэр-истиллэр эбит. Атыттарга боппуруос сытыытык турар, ону быһаарыахпытын наада. Салайар хампаанньалар үлэлэрин кэтээн көрүөхпүт”, – диэтэ Евгений Николаевич.
Быйыл 38 аадырыска 21 тиэргэн тупсарыллыаҕа. Билигин бэлэмнэнии, олохтоохтор уонна туһааннаах тэрилтэлэр кыттыылаах бырайыактары ырытыы бара турар.
“Бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннар бэлэм буоллахтарына, хас биирдии тиэргэҥҥэ тиийэ сылдьыаҕым, көҕүлүүр уонна хонтуруоллуур бөлөхтөрү тэрийиэхпит. Бу – нэһилиэнньэни кытта үлэ, бэдэрээтчит эппиэтинэһин өйдүөхтээх”, – диэн эбэн эттэ баһылык.
Көҕөрдүү, ыраастааһын, баһаар, оптуобус сырыыта
Быйыл сайын киин куоракка 11 тыһыынча мас уонна сэппэрээк, 1 мөл. 577 тыһыынча сибэкки олордуллара былааннанар. Манна даҕатан эттэххэ, 8 тыһыынча хаа сибэкки сиэмэтэ үөрэх тэрилтэлэригэр, уһуйааннарга тиэрдиллибит.
Евгений Григорьев аҕыйах хонуктааҕыта Гагаринскай уокурукка “Өйдөбүнньүк саада” аахсыйа ыытыллыбытын кэпсээтэ, бу күннэргэ Ленин проспегар көҕөрдүү үлэтэ күүһүрдүллүбүтүн бэлиэтээтэ.
“Дьокуускайга баһаартан сэрэтии үлэтэ хайыы үйэ саҕаланна, кэккэ хааччахтар киирдилэр. Билигин тыаллаах уонна кураан күннэр тураллар. Тырааныспар (анал тиэхиньикэттэн ураты) тыаҕа тахсара бобуулаах. Нэһилиэнньэ ойуурга сылдьара хааччахтанна. Билиҥҥи туругунан икки ойуур баһаара умуруорулунна, этиҥ этэ илик, онон уот турбутугар киһи буруйдаах буолуон сөп”.
Дьон тутуу бөҕүн мээнэ быраҕара – олоххо баар көстүү. Хомойуох иһин, кэнники кэмҥэ көҥүлэ суох сыбаалка элбии турара сытыы кыһалҕаҕа кубулуйда. Куорат баһылыга былырыын 12 тыһ. куб. миэтэрэ кэриҥэ маннык бөх тиэйиллибитин, онно 7 мөл. солк. кэриҥэ харчы туттуллубутун кэпсээтэ. Евгений Николаевич иһитиннэрбитинэн, мантан ыла анал камералар туруоруллуохтара.
Тырааныспарга – ураты болҕомто
Ыам ыйын 25 күнүттэн киин куоракка ыарахан уйуктаах тырааныспар сырыыта хааччахтанан турар. Салгыы бу боппуруос тула үгүс ырытыы, тутааччылар, суол үлэһиттэрэ, тустаах тэрилтэлэр кыттыылаах кэпсэтии ыытыллара күүтүллэр.
“Кырдьык, куоракка ыарахан уйуктаах тырааныспар биллэ аҕыйаабыта көстөр. Инникитин ириэрии муҥутуур кэмигэр итинник хааччахтааһыны киллэрэр буолуохпут”, – диэтэ баһылык.
Маны таһынан, быһа эфиргэ куорат баһылыга Дьокуускайга пассажирдары тиэйиини кэтээн көрөр, хонтуруоллуур систиэмэ үлэлиирин, оптуобустар сырыылара, графиктара кыраҕытык бэрэбиэркэлэнэрин кэпсээтэ.
«Звезднай» туһунан кылгастык
Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, “Звезднай” дьоҕус түөлбэҕэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү ыытыллар, 32 кыбартыыра тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан бэриллиэҕэ.
Тутуу бастакы түһүмэҕэр суол ситимэ оҥоһуллуохтаах. Маны сэргэ, 990 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киирэрэ, спорт комплекса, уһуйаан тутуута былааннанар.
Хаартыскалар yakutskcity.ru сайтан ылылыннылар.