Байыастары кытта иһирэх көрсүһүү
Кинилэр ортолоругар Покровскайдааҕы единоборствоҕа Олимпийскай эрэл оскуолатын каратэҕа, тхэквондоҕа тренердэрэ, бэйэлэрин кэмнэригэр өрөспүүбүлүкэ биллиилээх спортсменнара Андрей Артамонов, Михаил Абрамов, Иван Самсонов бааллар.
Өрөспүүбүлүкэ физическэй кулутураҕа уонна спорка үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын салайааччыта Гаврил Сивцев этэринэн, бу ааспыт күһүн алтынньы ыйыгар военкомат бэбиэскэтинэн уонна бэйэлэрин баҕаларынан анал байыаннай дьайыыларга 13 үлэһиттэрин атаарбыттар. Министиэристибэ, профсоюзнай тэрилтэ уонна спортоскуола өттүлэриттэн кинилэргэ үбүнэн-харчынан, таҥаһынан-сабынан күүс-көмө оҥоһуллубут, дьиэ кэргэттэрин кытта ситим олохтоммут. Күн бүгүнүгэр диэри гуманитарнай көмө оҥоһулла турар.
Байыаннай дьайыыттан этэҥҥэ эргиллии хаһан баҕарар кэтэһиилээх уонна үөрүүлээх түгэн. Кулун тутар 14 күнүгэр Дьокуускай аэропордугар кэлбит байыастары спорт миниистирэ Леонид Спиридонов көрсөн махталын биллэрдэ, сэртипикээт туттарда. Көрсүһүүгэ Покровскайдааҕы единоборствоҕа Олимпийскай эрэл оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Александр Куприянов кыттыыны ылла.
Байыаннай дьайыыттан эргиллибит Михаил Абрамов Ис Дьыала уорганнарыгар үлэлии сылдьан Чечняҕа байыаннай дьайыыларга кыттыыны ылбыта, спорт бэтэрээнэ. Уола анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллан сулууспалыы сылдьар. Эдэр-эмэн саастарыгар боксаҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ, бэстилиэтинэн ытыыга өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтик бастаабыта.
Андрей Артамонов Покровскай спортоскуолатыгар патриотическай иитии сэбиэтин чилиэнэ. Контакт-каратеҕа, фул-контакт каратеҕа, саньдаҕа, саватка, быраабылата суох охсуһууга уонна хапкидоҕа Сахатын сиригэр аан бастаан суолу тэлбит спортсмен. Кыраныысса таһыгар күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэринэн хара курдаах. Сэбиэскэй кэмҥэ профессионалларга WKA каратеҕа чөмпүйүөнэ, Ленинград куорат икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, үгүс Бүтүн Сойуустааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылааҕа. ССРС боруонса призера. Финляндия уонна АХШ хамаандаларын кытта матчевай көрсүһүүлэр кыттыылааҕа. Япония хамаандатын утары киирсиигэ аан дойду сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ. Аан дойду үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Иннокентий Макаровы, Азия чөмпүйүөнэ Виталий Шадрины, Европа медалиһа Маргарита Колодезникованы уо.д.а. иитэн таһаарбыта.
Иван Самсонов Покровскай спортоскуолатын тхэквондоҕа тренерэ.
Байыастар снайпер, разведчик, артиллерист быһыытынан араас чаастарга сулууспалаабыттар. Чечня Гудермес куоратыгар “спецназ университетыгар” бэлэмнэниини ааспыттар. Сахаларын сириттэн көмө оҥоһулларынан улахан махталларын биллэрэллэр. Атын байыастары единоборство көрүҥнэригэр үөрэппиттэр, патриотизм тыыныгар иитии-өйдөтүү үлэтин ыытан, болҕомто ортотугар сылдьыбыттар. Сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгылаах саха уолаттара тиийэннэр, “харахтара уоттанар”, хамсаналлара-имсэнэллэрэ сылбырҕа, хамандыырдар сорудахтарын, бирикээстэри улгумнук, дэбигис толороллор диэн кэпсииллэр. “Тревожнай рюкзактарын” илиилэриттэн араарбакка, ханнык баҕар хайысхаҕа барарга мэлдьи бэлэмнэр диэн хайҕыыллар.
Ол курдук, уолаттарбыт айылҕаҕа, булка-алка сылдьа үөрүйэхтэринэн көтөртөн-сүүрэртэн, кыылтан-сүөлтэн астарын булунар сатабыллара, кытаанах усулуобуйаҕа тулуурдара, толлугаһа суохтара, хорсуннара атыттары сөхтөрөр диир. Сахаларын быһаҕын иилинэ, сиэри-туому, саха итэҕэлин тутуһа сылдьан, атын омуктар, олохтоохтор ытыктабылларынан туһаналлар эбит.
Босхоломмут уонна урусхалламмыт куораттары, дэриэбинэлэри чөлүгэр түһэрии күргүөмнээхтик барар. Саха сирэ шефтээх Кировскай куораты саҥардан тутууга үлэ бөҕөнү ыытара биллэ-көстө олорор дииллэр. Олохтоох нэһилиэнньэ Арассыыйа көмөлөһөрүттэн үөрэрин, махтанарын биллэрэр.
Дойдуларыгар кэлэллэригэр ыччаты спорка уһуйуунан эрэ муҥурдаммакка, байыаннай-патриотическай иитиигэ болҕомтону күүһүрдэргэ сорудах, ыйыы-кэрдии ылбыттар. Умнууга хаалбыт начальнай-байыаннай бэлэмнэнии (НВП) сөргүтүллүөхтээҕэ күүтүллэр. Дойдуларыгар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар санаалаахтар.
Көрсүһүү түмүгэр байыастар сэрии толоонугар дэлби тэппит снаряд тоорохойун өйдөбүнньүк быһыытынан Спорт музейыгар туттардылар.
Ити курдук, Сахабыт сирин спортсменнара инники кэккэҕэ тураллара хайҕаллаах.