17.10.2022 | 14:00

Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ гаастааһыҥҥа 150 тыһыынча солкуобайы ылыахтара

Олорор дьиэлэрин гаастааһыҥҥа байыаннай сулууспалаахтар, анал эпэрээссийэ бэтэрээннэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ 150 тыһыынча солкуобайы ылыахтара диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ гаастааһыҥҥа 150 тыһыынча солкуобайы ылыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Гаас тэрилин атыылаһарга биир төгүллээх көмө, социальнай гаастааһын бырагырааматын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн бэриллэр. Ил Дархан Айсен Николаев манна сыһыаннаах сорудаҕы регион бырабыыталыстыбатыгар биэрдэ. Өйөбүл дьиэ кэргэн дохуотуттан тутулуга суох.

«Быстах байыаннай хомуурга барбыт дьон кэргэттэрин, ийэлэрин кытта көрсүһүүгэ араас ыйытык киирбитэ, барытын быһаара сылдьабыт. Олортон биирдэстэрэ – дьиэлэрин гааска холбооһун. Биллэн турар, тута быһаарыыны эрэйэр тыын боппуруос. Биир дьиэ кэргэҥҥэ тута көмөлөспүппүт. Урут бэлиэтээн аһарбытым курдук, барыларын кыһалҕаларын быһаарыахха наада», - диэтэ Айсен Николаев.

Сыл саҥатыттан, Ил Дархан быһаарыытынан, социальнай гаастааһыҥҥа көмө кээмэйэ 100 тыһыынча солкуобайтан 150 тыһыынча солкуобайга диэри улааппыта.

Манна даҕатан эттэххэ, олорор дьиэлэри гаастааһыҥҥа материальнай көмө 2010 сылтан оҥоһуллар. Билиҥҥи туругунан аадырыстаах көмө кыаммат ыалларга, соҕотох олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр оҥоһуллар. 2010–2021 сылларга 813 мөлүйүөн солкуобайдаах аадырыстаах көмөнөн 9 тыһыынча кэриҥэ дьиэ кэргэн туһаммыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...