28.09.2023 | 16:15

Байыаннай дьайыы зонатыгар 80 тыһыынчаттан тахса босхо баһыылка ыытылынна

2023 сыл ыам ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри Арассыыйа почтатын нөҥүө байыаннай сулууспалаахтарга 80 тыһыынчаттан тахса босхо баһыылка ыытылынна диэн «Арассыыйа почтата» АУо пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Байыаннай дьайыы зонатыгар 80 тыһыынчаттан тахса босхо баһыылка ыытылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хас биирдии регион олохтоохторо анал байыаннай дьайыы зонатыгар сылдьар чугас дьоннорун кытта почта нөҥүө сибээстэһэллэр. Саха сириттэн 6 900 киилэттэн тахса ыйааһыннаах 1 269 босхо баһыылка ыытылынна.

Анал байыаннай дьайыы зонатыгар босхо баһыылкалары почтовай сибээс салааларыттан эрэ ыытыахха сөп. Операторга аһаҕас көрүҥнээх бэриллэр. Баһыылка ахсааныгар хааччахтааһын суох, ол эрэн хас биирдиитин ыйааһына 10 киилэттэн итэҕэс буолуохтаах.

Суруктары уонна баһыылкалары ыытарга 103400 индексы ыйыллар, «Москва куорат-400», итиэннэ араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын уонна байыаннай чааһын нүөмэрин толору суруллар. Байыаннай чааһын нүөмэрин байыаннай сулууспалаахтартан бэйэлэриттэн эбэтэр военкоматтан ыйытыахха сөп.

«Байыаннай сулууспалаахтар баһыылкаларыгар олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабыт. Уолаттар наһаа күүтэллэрин билэбит, онон баһыылкаларын ураты кичэллээхтик оҥоробут уонна суһаллык тиэрдэбит», - диэтэ «Арассыыйа почтата» АУо генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Максим Цыпин.

Дойду бүттүүнүттэн баһыылкалар Москваҕа почта логистическай киинигэр тиийэллэр. Ити кэнниттэн почта Оборуона министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэригэр туттарар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...