Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар тиһиктээх көмө оҥоһуллар
Ыйаахха олоҕуран, байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоругар өйөбүл 13 миэрэтэ көрүллэр, итинтэн 11-рэ – үөрэҕирии эйгэтигэр.
«Эбии маннык миэрэлэр киирдилэр: олорор дьиэлэриттэн чугас турар үөрэҕирии тэрилтэлэригэр быһа, бастакы уочаратынан киирэр бырааптаахтар. Ити – оҕо уһуйаана, оскуола, уһуйаан төгүрүк суукканан үлэлиир бөлөхтөрө, үөрэҕирии тэрилтэлэригэр уһатыллыбыт күннээх бөлөхтөрө (продленка). Итини сэргэ, уһатыллыбыт күннээх бөлөхтөргө уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр дьарыктаныы төлөбүрүттэн босхолоноллор. Өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 6,6-18 саастаах оҕолор санаторнай-курортнай эмтэниинэн хааччыллыахтара», – диэтэ миниистир солбуйааччыта.
Этиллибит миэрэлэр бары 2023 сыл сэтинньи 1 күнүттэн олоххо киирдилэр. Сэтинньи 15 күнүгэр диэри өйөбүл миэрэлэри барытын нормативнай-быраап аакталыгар сөп түбэһиннэрэргэ сорудахтанна.
Итини таһынан, ыйаахха олоҕуран, өйөбүл миэрэлэринэн туһанааччылар категориялара кэҥиэхтээх. Бу иннинэ, итинник миэрэлэринэн Саха сирин территориятыгар эрэ олорор байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро туһаммыт эбит буоллахтарына, билигин Арассыыйа Федерациятын ханнык баҕарар субъегыттан байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыт, ол эрэн дьиэ кэргэнэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар олорор дьон туһанар бырааптаннылар.
Сайабылыанньалары «Мин докумуоннарым» офис (МФЦ) эбэтэр сэтинньи 15 күнүттэн е-якутия өҥө судаарыстыбаннай порталын нөҥүө биэриэххэ сөп. Сиһилии информацияны Үөрэҕирии министиэристибэтин «итии линиятыттан» билсиэххэ сөп, нүөмэрэ: 506-989.