Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар босхо юридическэй көмө оҥоһуллар
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, байыаннай дьайыы бэтэрээннэригэр уонна эргиллибэтэх байыастар дьиэ кэргэттэригэр анаан, Саха сиригэр 2023 сыл бэс ыйыттан, «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» Судаарыстыбаннай пуонда филиала үлэлиир.
Пуонда салайааччыта Алексей Александров брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар босхо юридическэй көмөнү оҥорор сыалтан, филиал Прокуратураны, Арассыыйатааҕы Суут приставтарын федеральнай сулууспаларын управлениетын, Адвокаттар палааталарын уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Нотариальнай палаатаны кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаста.
Сөбүлэҥ чэрчитинэн, Судаарыстыбаннай пуонда филиалын офиһыгар ый аайы, иккис уонна төрдүс бээтинсэҕэ, прокурордар приемнууллар, нэдиэлэ ахсын сэрэдэҕэ – адвокаттар, итиэннэ күн аайы МФЦ исписэлиистэрэ босхо юридическэй көмөнү оҥороллор.
«Билиҥҥи туругунан 179 киһиэхэ босхо юридическэй көмө оҥоһулунна, прокурордар 24 гражданины, оттон адвокаттар 87-ни приемнаатылар, бары байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ», – диэтэ пуонда филиалын салайааччыта.