15.02.2023 | 18:00

Байыаннай дьайыы кыттыылааҕар саҥа дьиэни тутуохтара

«Биир Ньыгыл Арассыыйа» партия байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр баһаарга умайбыт дьиэлэрин уонна докумуоннарын чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһүөҕэ диэн Ил Дархан Айсен Николаевка партия регионнааҕы исполкомун салайааччыта Руслан Платонов иһитиннэрдэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕар саҥа дьиэни тутуохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр саҥа дьиэ тутуута ирдэнэр. Билигин байыас кэргэнигэр уонна оҕолоругар сылаас таҥаһы, гуманитарнай көмөнү хомуйуохха наада. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын өттүттэн көмө оҥоһуллуоҕа, ол туһунан сорудаҕы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлигэр биэрдим», – диэтэ регион баһылыга.

Санатар буоллахха, олунньу 12 күнүгэр, куорат уокуругун Марха дьоҕус оройуонугар байыаннай сулууспалаах Валерий Моякунов дьиэ кэргэнин олорор дьиэтэ, докумуоннара, гарааһа, массыыната уокка былдьанна. Кэргэнэ уонна икки оҕото нэһиилэ быыһаннылар.

Руслан Платонов Ил Дархан сорудаҕынан байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнин кытта көрсөн туох суһал көмө ирдэнэрин чуолкайдаста.

«Байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр ирдэнэр көмөнү барытын оҥоруохпут. «Биир Ньыгыл Арассыыйа» туттар тэриллэринэн хааччыйыаҕа, докумуоннары чөлүгэр түһэрэргэ юридическэй көмөнү оҥоруоҕа уонна саҥа дьиэни тутан биэриэҕэ. Ити өттүгэр уопут баар. Тутууну партия активистара, дьокутааттара, «Үтүө санаа спецнаһа» уонна «Биир Ньыгыл Арассыыйа Эдэр гвардията» уопсастыбаннай тэрилтэлэр байыастара ыытыахтара. Үлэ халлаан сылыйда да саҕаланыаҕа. Күһүөрү ыал саҥа дьиэҕэ киириэҕэ. Ити биһиги иэспит. Аҕа дойдуну көмүскүүр байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр «Биир Ньыгыл Арассыыйа» болҕомтотун мэлдьи ууруоҕа уонна кыһаллыаҕа», – диэтэ Руслан Платонов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...