Байанайдаах Контоевтар
Кус-хаас кэмигэр үүтээҥҥэ Байанай туһунан кэпсэтэртэн ордук кэрэхсэбиллээх суох. Онон ситимнээн Байанайдаах аатырбыт спортивнай дьиэ кэргэн туһунан кэпсиэхпин баҕардым.
Степан Контоев бэйэтэ тустууга уонна дуобакка ССРС спордун маастарыгар кандидат. Хайыһарга кэлин сүүрэн, бэтэрээннэргэ Арассыыйа биир күүстээх спортсмена. Биир ырата – бэйэтин саастыылаахтарыгар чемпионнуон баҕарар. Кини оҕолорун кыра эрдэхтэринэ бэйэтэ эрчийэн, үлэҕэ, олоххо үтүө холобурун көрдөрөр. Улахан уола бэриниилээхтик эрчиллэн, 31 сааһыгар аан дойду чемпиона буолбута, Европа призера. 2000 сыллаахха Сиднейгэ олимпийскай оонньууларга сиэбигэр мэтээли уктубут курдук сананан турдаҕына, киниэхэ сэрэтии биэрбиттэригэр (оччолорго сэрэтиигэ баал бэриллэрэ), киһитэ атаҕыттан ылан көбүөр таһыгар анньыбытыгар (ол кэмнээҕи быраабыланан көбүөр таһыгар таһаарыыга баал ааҕыллара), кыһыылаахтык пъедесталга турар дьолу билэртэн маппыта.
Иккис уол Александр – эдэрдэргэ көҥүл тустууга чемпион, Европа үс төгүллээх чемпиона. Эмиэ убайын курдук бэйэтин кыаҕын ситэ көрдөрбөтө.
Үһүс уол Станислав күүһүнэн-уоҕунан хайаларыттан даҕаны ордук. Ол гынан баран аҕата кинини, дуобакка арыый ситиһиилээх буолуо диэн, спорт ити көрүҥэр салайбыт. Өй оонньуутугар аан дойду эдэрдэргэ икки төгүллээх чемпиона.
Уолаттарын спордунан эрчийэн, эрчимнээх, сылайбат сырыылаах оҥорон, төрөөбүт дойдуларын, кэрэ айылҕаларын таптыыр буоларга ииппит Степан Контоев.
Бары даҕаны Байанайдаах бастыҥнара. Ол эрээри мин Германныын балайда алтыспыт буоламмын, кини сырыыларын ордук билэбин.
Кыра эрдэҕиттэн дьиэтиттэн чугас сайын уолар үрэхтэн сиидэнэн баһан, кэлин тимир туунан балыктыыра. Сотору-сотору дьиэтигэр сүүрүүнэн кэлэн барара. Оччоттон булка олус кыдьыктаах. Тыынар тыыннааҕы наһаа сөбүлүүр. Ньирэйдэрин уонна иккилии-үстүү куосканы имэрий да имэрий, сыллаа да сыллаа. Суор, хотой оҕолорун кытта аҕалан, көтөҕө сылдьан бүөбэйдэтэлээбитэ. Улаатыыларын саҕана ыыталаабыта.
Дьонноро күнүһүн үлэлэригэр сылдьар буоланнар, оҕолор дьиэлэрин, сүөһүлэрин бэйэлэрэ көрөллөрө. Эбэлэрэ Евдокия Давыдовна 80-тан тахсан, кырдьыар диэри Улуу Сыһыыга олорбута. Атын сиргэ салгына куһаҕан диэн, ол сыһыыттан 1955 сылтан харыс да сири тахса илигэ. Сорсуннаах булчутунан, кыайыылаах үлэһитинэн сөхтөрөр ытык кырдьаҕас этэ. Герман кини саамай тапталлаах сиэнэ этэ. Оҕо эрдэҕиттэн бэйэтин кытта тэҥҥэ окко, булка илдьэ сылдьыбыта. Уол сэттэ саастааҕар улахан дьоннуун кустуу барарга көҥүллэтэн ынньаҕалаппыта. Эбээтэ 32-лээх саатын чөкчөҥөлөрү ытаар диэн биэрбитэ. Герман улахан куһу үөһэнэн көтөн эрэрин кыҥаан ыппыта. Онтуката сууллан түһэн эрэрин көрөн, ыһыы-хаһыы бөҕөнү түһэрбитэ: “Көрү-үҥ, мин көҕөнү күөрэтэн тапты-ым!”. Күөл кытыытыгар олорооччулар бары сөҕө көрбүттэрэ. Кыра булчут саатын ууга быраҕаат, куһун ылбыта да, моонньуттан тутан дьиэтин диэки сүүрэ турбутугар булда сиргэ соһулла испитэ. Ол курдук кыра этэ. Эбээтигэр аҕылыы-аҕылыы көрдөрбүтүгэр, ытык кырдьаҕас олус үөрбүтэ. Онтон саатын ыйыппыта. Булчут ууга бырахпытын дьэ өйдөөн, төттөрү күөл диэки атаҕын тыаһа тыбыгырыы турбута.
Аан дойду чемпиона Герман Контоев булчут ытын кытта.
Сааны аны хаалларбакка наар илиитигэр тута сылдьарга тылын биэрэн, куруутун илдьэ сылдьар буолбута. Маһын сиргэ соһо сылдьар кыра эрээри, сотору-сотору көҕөннөрү күөрэтэн, таптаҕын аайы хаһыытыырын үгүстэр билиҥҥэ диэри кэпсээн оҥостоллор. Эбээтин алгыһынан сорсуннаах булчут буолбута. Балайда тайаҕы охторбута, тыатааҕыны кытта өлөрбүтэ. Сбордар, күрэхтэһиилэр быыстарыгар оҕо сааһыттан кустаабыт алаастарыгар, суол суоҕун үрдүнэн, ыарахан сүгэһэрдээх сатыы 2-3 көстөөх сирдэргэ үөлээннээхтэригэр 1-2 хонукка тиийээт, тута, байанайа бэрдинэн, атыттар оннооҕор олох мэлийэн олордохторуна хас да кустана охсоот, сатыы төннө турара. 20-тэн тахсалыы да кустанааччы . Ама да дойдутуттан дуоһуйан күүс ыларын иннигэр, туох эрэйи көрөн, итиччэ ыраахха ыар сүгэһэрдээх тута төннөр эрээри кэлэрэ айака ээ дииллэр. Быһата, кыдьыга оччо буоллаҕа эбээт. Быйыл сылайбытыҥ буолуо, барыма диэбиттэрин үрдүнэн, Сидней олимпиадатыгар барыан аҕыйах хонук иннинэ саас Горнайыгар биир эрэ күҥҥэ тахсаат, үс көҕөнү суулларбыта.
Аан дойду призера Улуу Сыһыытыгар үүтээн тута тиийдэ.
Кыыллартан тустууга сөптөөх хамсаныылары ылар идея баар. Оннугу Брюс Ли, Роман Дмитриев, Павел Пинигин да туһаналлара. Герман урут бэйэтин тустуутугар, билигин тренердиир үлэтигэр билбититтэн-көрбүтүттэн туһанар. Тустууга майгынныыр түгэн элбэхтэ көстөрө. Герман биир кэмҥэ охсуһуук пит-бультерьердары иитиинэн дьарыктана сылдьыбыта. Биир бастакытын таларыгар бииргэ төрөөбүт ыттарын кулгаахтарыгар түһэ сылдьар питбулы ылбыт. Оччолорго тэлэбиисэргэ профессиональнай спорду аҕыйахтык көрдөрөр буоланнар, көтүппэккэ сонурҕаан көрөрбүт. Тайсон диэн Америка аатырбыт профибоксера нокаутерынан сөхтөрөрө. Бэрткэ бэрт түбэспитэ. Холлифильд баһыйан барбыта. Тайсон абаккатыгар утарсааччытын бастаан биир кулгааҕын хааннырыар диэри ытырбыта. Онтон иккис кулгааҕын хадьырыйбыта. Ол иһин Герман ытын Тайсон диэн ааттаабыт этэ. Хаста да миигин пааркаҕа ыттары охсуһуннарыыга илдьэ сылдьыбыта. Биир ыт баайыллан турар маһын тиниктээн суулларан түһэрбитэ. Оннук тиис, сыҥаах инчэҕэй эттээҕи тулутуо дуо? Ити боруода ыттар тириилэрэ халыҥ уонна эттэригэр сыстыбакка, сон курдук эбит. Ол иһин туох да буолбаттар. Наар кулгаах уонна икки кэлин атах икки ардынааҕы сымнаҕас сирдэрин бултаһаллар эбит. Герман Тайсона биирдэ хоннох анныгар төбөтүн уган баран мельницалыыр курдук гыммыта. Элэс-элэс гынан хамсаныылара сүр. Утарыта туруораллары кытта тиис-тиистэринэн лис гыныахтарыгар диэри харсаллар. Онтон икки кэлин атахтарыгар туран өттүктэһэллэр. Оо, дьэ дьулаан хабыр хапсыһыылар онно буолаллара. Маҥан түһүлгэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр кыа-хаан. Ыттар өйдөрүн сүтэриэхтэригэр диэри киирсэллэрэ. Биирэ сэниэтэ быстан иннин-кэннин билбэккэ, уҥа-хаҥас байааттаҥныыр, туран хаалбыт хотторуулааҕынан билиниллэр. Тута иккиэннэригэр систиэмэ биэрэллэр да, оннооҕор кыайбыт кытта өлөрө.
Герман хара Оскар диэн питбуль саамай бастыҥ чайноменскай диэн боруодата, 2001 сыллаахха улахан охсуһууга кыайбыта. Онтон сүргэтэ көтөҕүллэн, тиийэн аан дойду чемпиона буолбута.
Контоевтарга билигин хас да эһэттэн-бөрөттөн куттаммакка киирсэр саха лайкалара бааллар. Итилэр кинилэри кыайыыларга сүргэлэрин кынаттыыллар.