16.05.2021 | 09:58

Байанай кэлэйиитэ. Тиһэҕэр аһыныыта

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Иван Николаевич, Сунтаар улууһа:
– Биирдэ Ааллаахха күһүн тайахтыы таҕыстыбыт. Билэр уолаттарбыт эрдэттэн үлэһэн, биһигини кытта барыстылар. Ох курдук оҥостон тиийдибит. Бултуурга табыгастаах баҕайы сир. Таба харбыыр арыылаах. Өрүс үрдүгэр турар. Утары, эбэ уҥуор үрэхтээх. 
Хонон баран, сарсыныгар иккилии буолан арахсан, ыттарбытын үллэстэн тарҕастыбыт. Болуодьа биһикки бастаан илим үттүбүт, онтон чэйдээн баран, эбиэт иннинэ быыс үрүйэҕэ таҕыстыбыт. Суол-иис суох. Баран истибит. Үрүйэ икки өттүн көрдүбүт. Ходуһаҕа киирэн истэхпитинэ, ыттарбыт сүтэн хааллылар. Киһим сабыс-саҥа карабин ылыммыт. “Манан көрбүт сирбэр түһэрэбин”, – дии-дии киһиргээтэ. Саатын уу иһэ-иһэ хайҕаата. Субу-субу сотто. Мин сүнньүөхтээх доруоп саалаахпын. Ходуһа кытыытыгар киирэн суол төрдүгэр табахтыы олордубут. Саҥа, инчэҕэй хаар түһэ турар. Арай мас тыаһа барчалана түстэ, буур таба сүүрэн киирдэ. Оттоох күрүө аттыгар “бу баарбын, хайаҕыт табар эбит” диэбиттии турунан кэбистэ. Биһигиттэн сүүсчэкэ миэтэрэ ыраах. Киһим ыта сатыыр да, карабина эстибэт. Табабыт туруо дуо, утары сүүрэн иһэр. Ол икки ардыгар ыттар ойон кэллилэр. Мин киһибин мөҕүттэ-мөҕүттэ, иккитэ ытан хааллым. Барда. Ыттарбыт сиппэтилэр. “Байанайбыт киэр хайыһара буолуо” диэн санаабыт дэлби түстэ. Киһим саатын ыһан көрдүбүт. Газовай камератыгар тирээпкэни иһигэр анньан баран умнан кэбиспит! Ол иһин эстибэтэх. Кыһыыбыттан-абабыттан: “Эйиэхэ эрэнэн карабиммын ылбатаҕым. Көрбүт сирбэр түһэрэбин диэбитиҥ”, – диэн киһибин дэлби саҥардым. Ыттарбыт кэлэйэн хааллылар. Куһаҕан баҕайытык көрөллөр. Кутуруктарын купчуччу туттан баран, “эһигиттэн туһа тахсыа суох” диэбиттии, дьиэлэрин диэки сүүрэ турдулар. 
Үүтээммитигэр тиийэн, чэй өрөн олордубут. Уоппутун аһаттыбыт, ааттастыбыт-көрдөстүбүт. Дьоммут эмиэ кураанаҕы кууспуттар. Бачча кэлэн баран, өссө сылдьа түһүөххэ дэстибит. 
Сарсыныгар атын сиргэ бардыбыт. Бу сырыыга Янныын иккиэлэстибит. Ол күн өрүһү туораан иһэн, собус-соҕотох хаас сылдьарын көрдүбүт. Иккиэн холбоон сэттэтэ ыттыбыт. Хааспыт намтаатар намтаан, ууга баран түстэ. Мотуоркабытынан сүүрдэн тиийэн көрдүү сатаатыбыт. Үрдүк баҕайы оттоох. Булбатыбыт. Арай, ол булумахтана сырыттахпытына хааспыт көтөн таҕыста уонна бара турда. Эмиэ мэлийдибит. Онтон илим көрө түстүбүт. Кыра сыалыһар баар, аны быйыт туппутун киһим мүччү тутан кэбистэ. “Хайдах итинник такыр тарбахтааххыный?” – диэн уолбун мөҕөбүн. Хайыахпытый, баар-суох булпутун, соҕотох сыалыһарбытын ыһаарылаатыбыт. Дьоммут хараҥарыар диэри суохтар. Кэтэһэ сатаан баран, оҥостон утуйдубут. 
Түүн ыттарбыт үрдүлэр. Туран чүмэчибитин уматан олордубут. Дьоммут эмиэ ыт атаҕын туппуттар. Тайаҕы көрөн баран таппатахтар. “Кэбис, Байанайбыт өһүргэммит. Эрэй эрдэтинэ төннүөҕүҥ”, – диэн көрдүм. Уолаттарым сөбүлэспэтилэр. 
Оннук түөрт күн халтайга сырыттыбыт. Дьиҥэ, суол-иис бөҕөтө. Ыттарбыт тугу да үрбэтилэр. Балык эмиэ мөлтөх. Сатаныа суохпут диэтибит. Дьүккүйээҥҥэ тахсан үс хонук буоллубут. Айааны туора сүүрэн иһэр тайаҕы куоттаран кэбистибит. Мас көтөрө баар эрээри, таба туттарбат. Табыллыбатыбыт, саатар муҥхалыахха диэтибит. Аны муҥхабыт ийэтин тааска иҥиннэрэн, тыыра тардан кэбистибит! Суох, кэбис! Мин аттыы аккаастанным. Хомунан барыахха дэстибит. Байанайбытын кэлэппиппит диэн түмүккэ кэллибит. Ыттарбыт аһылыктара да бүтэн барда. Төннөөрү, сарсыарда илиммитин эһэ бардыбыт.
Бүтэн иһэн ыраахтан көрдөхпүнэ, арыыга туох эрэ хараарар. Таба туораан иһэр эбит. “Нокоо, түргэтээ!” – диэн уолбун ыксатабын. Табабыт туораан, уутун сахсына турар. Сыыспатах киһи диэн кыҥаан-кыҥаан баран ыттым. Илин атахха таптым. Кыылым умса кэлэн түстэ. Үс атах буолан төттөрү ууга сүүрэн киирдэ. Омуммар иккитэ ытан хааллым. Мотуорбут ол иннинэ хаппырыыстыыра, бу сырыыга түргэтээтэ. Дуугунатан тиийэн табабытын ситэн ыллыбыт. Сүнньүгэ ытан охтордум. Үһүгэр сылдьар таба. Илиибит салыбырыар диэри үөрдүбүт. Тоҥмуппутун да умуннубут. Кытыыга соһон таһаардыбыт. Киһим уолаттары ыҥыра сүүрдэ. Үөрүү-көтүү онно этэ! Иһин таһаараат да, сонно тута быарын үтэн сиэтибит. Табабытын тийэн илдьэн, лаабыспытыгар уктубут. Муҥхабытын абырахтаатыбыт. Ол киэһэ икки биэдэрэ тугунуох ыллыбыт. 
Сарсыныгар булпутун-аспытын үллэстэн, дьиэбитигэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах тарҕастыбыт. Бастакы күммүтүгэр Байанайбыт анаан-минээн буур таба биэрбитин кыайан ылбакка, хомоттохпут, кэлэттэхпит. Онтон аһынна быһыылаах. Сиргэ-уокка сылдьан киҥир-хаҥыр саҥарсан, кыйахансан өссө табыллыбат эбиккин.      

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...