11.02.2023 | 18:00

Баян алыптаах дорҕооно сатараата

СӨ баянистарын, аккордеонистарын уонна гармонистарын сойууһа федеральнай реестргэ ылыллан, Юстиция министиэристибэтинэн бигэргэтиллэн, сокуонунан регистрацияланан, туспа устааптанан, тэрилтэ быһыытынан үлэлиир кыахтанна.
Баян алыптаах дорҕооно сатараата
Ааптар: Георгий Попов – СӨ култууратын туйгуна, хормейстер-баянист, педагог-музыкант, СӨ баянистарын, аккордеонистарын уонна гармонистарын сойууһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи
Бөлөххө киир

Ыра санаа олоххо киириитэ

Бу улахан үлэни, хас даҕаны көлүөнэ дьон ыра санаатын салайааччыбыт – СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыаны айааччыларын сойууһун чилиэнэ, ырыаһыт, мелодист, баянист-аккомпаниатор, шоумен – Алексей Потапов сүүрэн-көтөн олоххо киллэрдэ. Кини сатабыллаах салайааччы, талааннаах тэрийээччи буоларын биһиги, музыканнар, баянистар, аккордеонистар, гармонистар, бары билэбит. Ол иһин олунньу 3 күнүгэр буолан ааспыт Сойуус сүрэхтэниитигэр аналлаах тэрээһин туһунан кэпсииргэ сананным.

Саала иһэ араас улуустартан, оройуоннартан уонна куораттартан кэлбит айар куттаах дьонунан «лыык» курдук туолла. Алексей Потапов улаханнык долгуйан туран мустубут мусукааннары, биир эйгэлээхтэрин эҕэрдэлээтэ, чуолаан юрист идэлээх амарах аҕатыгар Устаабы оҥорорго сүҥкэн сүбэтин иһин аҕатыгар уонна күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолбут доҕотторугар, докумуон эккирэтиһиитигэр сүбэ-соргу буолбут салайааччыларга, юстиция уонна нолуок үлэһиттэригэр махтанна. Аҕыйах ааты ахтан ыллахха, юридическай көмөнү оҥорбут В.С. Ядреевка, О.А. Вешниковаҕа, Е.Н. Ильинаҕа уонна докумуон отчуотун оҥорбут З.А. Гороховаҕа туһаайда.

 

Ураты эҕэрдэ буолла

 Арассыыйа улахан куораттарыттан үрдүк таһымнаах, профессионал, виртуоз-музыканнар, педагогтар, биир идэлээхтэр ыыппыт видео-эҕэрдэлэрин киэн тутта көрдөрдө-иһитиннэрдэ.

Бастакынан биһиги биир дойдулаахпыт – Норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы, Аан дойдутааҕы куонкурустар лауреаттара, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжы (училище), М.И. Глинка аатынан Новосибирскайдааҕы консерваторияны бүтэрбит, «SIBDUO» Сибиирдээҕи баян дуэтын төрүттээччи, ускуустуба диэйэтэлэ – Радомир Борисов үөрэнээччитэ Александр Сироткин Москва куораттан эҕэрдэлээтэ уонна учуутала, саха бастакы профессиональнай баяниһа Радомир Борисовка махталын биллэрдэ. Кини ыйыытынан-кэрдиитинэн суолбун-ииспин булбутум, кини үөрэтиитинэн-такайыытынан музыкальнай искусствоҕа, педагогикаҕа ситиһиилээхтик уонна таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьабын диэн билиннэ. Учууталым үтүө аатын үйэтитэн быйыл номнуо иккис төгүлүн күрэх тэрийэн, кыайыылаахтарга кубок туттардыбыт диэн сырдатта.

Иккис киһинэн Новосибирскай куорат гармониһа, «Вечерка» диэн Александр Заволокин бөлөҕүн салайааччыта Антон Заволокин истиҥ эҕэрдэтин эттэ. Үһүс киһинэн Москваттан Гнесиннар ааттарынан Арассыыйатааҕы музыкальнай академия доцена, Норуоттар икки ардыларынааҕы «оБАЯНие» баян искусствотын, «Рандеву» классическай уонна современнай муусука бэстибээллэрин тэрийээччи-дириэктэрэ Мария Власова эҕэрдэлээтэ. Төрдүс киһинэн Москваттан РФ үтүөлээх артыыһа, Сэбиэскэй Сойуус уонна Арассыыйа чаҕылхай мусукаана, баяниһа, баян искусствотын аан дойду таһымыгар таһаарсыбыт Юрий Шишкин эҕэрдэ эриэккэһин эттэ. Бэһис киһинэн Екатеринбург куораттан Арассыыйа норуодунай артыыһа, аан дойдуга биллэр үрдүк таһымнаах виртуоз, импровизатор баянист, Норуоттар икки ардыларынааҕы баян искусствотын күрэхтэрин хас да төгүллээх лауреата, М.П. Мусоргскай аатынан Ураллааҕы государственнай консерватория профессора Виктор Романько эҕэрдэлээтэ. Саха сиригэр эмис тоҥ балыгы маҥнай амсайбытын, бэрт ыалдьытымсах дьонноох-сэргэлээх үтүө дойдуга кэлэ сылдьыбытын хаһан да умнуо суоҕун туһунан ахтан ааста уонна Аркадий Алексеев «Саха үҥкүүтэ» ырыатын баяҥҥа импровизациялаан, дьон биһирэбилин ылыан ылла. Түмүктүүр тылы уонна музыкальнай эҕэрдэтин Норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар лауреаттара, виртуоз-гармонист Михаил Коломыцев эттэ. Тэрээһиммит үөрүүлээх чааһа ити курдук бэрт сэргэхтик арылынна.

Салгыы Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Владимир Аржаков, Норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ Алексей Захаров, СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун эппиэттээх сэкирэтээрэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх мелодист, баянист-аккомпаниатор Степан Васильев, биллиилээх ырыа айааччы, баянист, саха ырыатын үйэтитээччи, сырдатааччы, Ырыа күнүн төрүттээччи Алексей Калининскай-Луҥха уонна да атыттар эттилэр-тыыннылар.

Түмсүү тэрээһинин Светлана Павлова бэрт сэргэхтик, кыайа-хото тутан ыытта.

 

Бастыҥнар, бастакылар

Эҕэрдэ тыллар кэннилэриттэн Сойуус чилиэнэ буолар үрдүк ааты туоһулуур дастабырыанньалары уонна түөскэ анньыллар бэлиэлэри туттарыы үөрүүлээх чааһа буолла. 1-кы №-дээх дастабырыанньа сахалартан бастакынан Ленинградтааҕы Римскай-Корсаков аатынан государственнай консерватория курдук анал үрдүк үөрэҕи бүтэрбит профессиональнай баянист, аккомпаниатор, педагог, композитор, аранжировщик, методист, музыкант, искусство диэйэтэлэ, Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун  доцена Радомир Борисовка ананна уонна кинини кэриэстээн сүһүөххэ туран ахтан-санаан ааһыы буолла.

Барыта 140-тэн тахса киһи дастабырыанньа тутан, үөрэн-көтөн барыахтааҕа былааннаммытыттан, сорохторо кэккэ биричиинэнэн кыайан кэлиминэ хаалбыттар. Дастабырыанньаны тутар чиэскэ тиксибит дьонтон саха дьахталларыттан бастакынан анал үрдүк үөрэҕи бүтэрбит профессионал баянист, олоҕун 40-тэн тахса сылын музыкальнай педагогикаҕа анаабыт, элбэх ааттаах-суоллаах музыканнары, баянистары иитэн-үөрэтэн таһаарбыт, биир сиртэн харыс да халбарыйбакка үлэлии сылдьар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх аккомпаниатор Раиса Крылованы чорботон ааттыам этэ.

 

Гармошкаттан баяҥҥа диэри

Түһүмэхтэр быыстарыгар музыкальнай эҕэрдэ нүөмэрдэр толорулуннулар. Ол курдук, историяны сэгэтэн көрдөххө, аан маҥнай икки эрээттээх гармошка (гармонь) айыллыбыта биллэр. Ол чэрчитинэн музыкальнай эҕэрдэни гармошка саҕалаата. Бу инструмеҥҥа кутун-сүрүн туттарбыт, баһылыы-көһүлүү туппут биллиилээх гармонист Анатолий Акимов биир эйгэлээхтэрин ылбаҕай ырыанан эҕэрдэлээтэ.

Иккиһинэн «рояльнай» клавиатуралаах инструмент аккордеон оонньоото. Бу инструмены атыннык концертнай хроматическай илии гармониката диэн ааттыыллар эбит. Дьэ, бу маны баһылаабыт, кыайа-хото туппут СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх аккордеонист, аккомпаниатор, импровизатор Борис Корниенко мустубут ыалдьыттарга тэтимнээх үҥкүү музыкатын бэлэх уунна.

Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ баяны туруорбуттар. Баян ити инники ааттаммыт инструменнартан кыамтатынан, кээмэйинэн уонна ыйааһынынан чорбойор диэҕи баҕарыллар. Аныгы баяннар бүтүн оркестры солбуйуохтарын сөп. Оннооҕор электроннай, цифровой баяннар бааллар. Ханнык баҕарар инструмены солбуйар кыахтаах буоланнар, дьон, ыччат сэҥээриитин ылаллар. Сахабыт сирин таһымнаах толорооччута, Гнесиннар ааттарынан Москватааҕы Арассыыйатааҕы музыкальнай академияны бүтэрбит, С.А. Зверев-Кыыл Уола үҥкүү тыйаатырын оркестрын музыкаана, виртуоз баянист, СӨ култууратын туйгуна Владимир Боярскай Г. Шендерев «Русский танец» айымньытын умсугутуулаахтык оонньоон, хардатын хабыллар ытыс тыаһынан наҕараадаланна.

Тэрээһин бастакы чааһа Дмитрий Федоров-Оһуохай Уолун тылларыгар, Иван Иванов мелодиятыгар «Баян» диэн ырыаны күргүөмүнэн толоруунан түмүктэннэ. Баяҥҥа СӨ култууратын туйгуна, хормейстер, баянист-аккомпаниатор Георгий Попов доҕуһуоллаата.

 

Үтүө бачыым

Тэрээһин иккис чааһа араас улуустартан кэлбит 37 киһи кыттыылаах остуол тула сэһэргэһии, ырыа-тойук быһыытынан барда. Бастакы микрофон Мэҥэ Хаҥалас улууһун баянистарын түмсүүтүн салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Ырыа айааччыларын сойууһун чилиэнэ, ырыаһыт, мелодист, баянист-аккомпаниатор, түөрт нэһилиэк ытык олохтооҕо Владимир Кузьмиҥҥа туттарылынна. Мэҥэ Хаҥалас өрөспүүбүлүкэ биир улахан нэһилиэнньэлээх улууһа буоларынан баянистарын, гармонистарын уонна аккордеонистарын ахсаана элбэх. Аллараа Бэстээххэ Оҕо искусствотын оскуолатыгар аккордеонистары бэлэмниир кылаас кытта үлэлиир. Мэҥэ Хаҥалас бэрэстэбиитэллэрэ Леонид Винокуров уонна Георгий Попов салайааччыларын өйөөн тыл эттилэр, ырыа ыллаатылар. Быйыл Баатара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, мелодист, ырыаһыт, СӨ норуодунай артыыһа Анастасия Варламова – Эдьиий Настаа 75 үбүлүөйдээх сылынан ыытыллар үлэни билиһиннэрдилэр. 2021 сыллаахха улуус баянистарын 5, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Ф.К. Попов 100, В.К. Степанов аатынан Култуура уонна спорт эстафетатын 65 үбүлүөйдээх сылларынан улуус дьаһалтатын уонна култуура салалтатын үбүлээһиннэринэн «Мэҥэ Хаҥалас улууһун баянистара» диэн халыҥ кинигэ бэчээттэппиттэр. Онон кэлэр көлүөнэҕэ үлэлээн-хамсаан ааспыт баянистарын сурукка тиһэн хаалларыы буолбут. Бу бачыымы атын улуустар салҕаан, бэйэлэрин баянистарын туһунан кинигэ таһаараннар, өрөспүүбүлүкэ баянистарын антологията тахсарыгар ис сүрэхтэриттэн баҕаралларын биллэрдилэр. Түмүккэ Анастасия Варламова «Аҕам алааһа» ырыатын бэлэх ууннулар.

Бу бэлиэ тэрээһиҥҥэ Уус Алдан (салайааччы СӨ култууратын туйгуна Станислав Луковцев), Таатта (салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Карл Христофоров), Бүлүү (салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Тулааһынап) баянистара түмсүүлээхтэрин көрдөрдүлэр.

Биир эйгэлээхтэр, биир идэлээхтэр тыыннаах дорҕоону хардары истиһэн, эҕэрдэлэһэн, уопут атастаһан, баян алыбар куустаран, астына-дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...