09.12.2023 | 14:00

Баттаҕы сөпкө көрүнүөххэ

Баттаҕы сөпкө көрүнүөххэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Үгүс кэрэ аҥаар  баттаҕа түһэриттэн санаарҕыыр буолуохтаах. Баттах түһүүтүн биричиинэтэ олус элбэх буолуон сөп. Баттах аһара элбэхтик түһэрэ араас ыарыы сибикитэ буолуон сөбүн таһынан, сыыһа суунартан-тараанартан, бэл, кыһын сөп түбэспэт бэргэһэни кэтэ сылдьартан тутулуктаах.

Статистика көрдөрөрүнэн, Арассыыйа хас бэһис олохтооҕо баттаҕын туругуттан астыммат. Эр дьон 96 бырыһыана уонна дьахталлар 79 бырыһыаннара баттах аһара түһүүтүттэн хараасталлар эбит.

Учуонайдар суруйалларынан, баттах түһүүтүн сүрүн төрүөттэрэ – күүрүү (стресс), гормоннар үлэлэрин кэһиллиитэ, дьыл кэмин аайы киһи организмын үлэтэ уларыйыыта, диеталарынан үлүһүйүү уонна грипп, ОРВИ, Covid-19 курдук ыарыылар буолаллар.

 

Күҥҥэ хас баттах түһүөхтээҕий?

Ханнык түгэҥҥэ баттах түһүүтүн ыарыы сибикитин быһыытынан ааҕыахха сөбүй? Нуорма быһыытынан, киһиэхэ күҥҥэ 100 кэриҥэ баттах түһүөхтээх эбит. Онтон элбэх түһэр дии саныыр буоллаххытына, ону таһынан төбөҕүт тириитэ аһара хатар эбэтэр сыаланар уонна бааһырар буоллаҕына, бырааска баран биричиинэтин быһаартарбыт ордук.

 

Хаста суунабыт?

Баттах үчүгэй туруктаах сылдьарын туһугар, бастатан туран, сөпкө суунарга-тараанарга кыһаллыахтаахпыт:

– Сөп буола-буола төбөбүтүн суунабыт. Салгыҥҥа баар быыл, кир барыта төбөбүтүгэр олорсон иһэр. Онон төбө тириитин ырааһырдар, сууйар сириэстибэлэринэн хото туһаныахтаахпыт. Маныаха шампунь эрэ буолбакка, пилинг, скраб туһаныахтаахпыт.

– Күн аайы шампунунан суунар туох да буортута суох диэн экспертэр суруйаллар. Саамай сүрүнэ – төбө тириитэ наар ыраас буоларыгар кыһаллыахтаахпыт. Сөптөөх састааптаах шампуну талан туттар буоллахпытына, күннэтэ суунуу баттаҕы буортулаабат.

– Төбөнү итии уунан сууммаппыт. Төһөнөн сыалаах-арыылаах баттахтаахпыт да, соччонон уубут сөрүүн уонна тымныы буолара ирдэнэр.

– Шампунунан иккитэ төхтүрүйэн суунуохтаахпыт. Баттахпытыгар бистиэхпит иннинэ ууну кытта суурайан, ытыспытыгар күүгэннирбитин кэннэ биирдэ төбөбүтүгэр бистэбит.

– Шампунунан суунан баран хайаан да сайҕанар бальзамынан туттар ордук. Бальзам эр дьоҥҥо кытта барсар. Баттаҕы эбии харыстыыр ньыма быһыытынан хайаан да туттуллуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...