Бастыҥ учууталлары чиэстээтилэр
Алтынньы 5 күнүгэр, СӨ С.Н. Донской-II аатынан үөрэҕирии сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтэр Институтугар үөрэҕирии уонна наука миниистирэ Михаил Сивцев онлайн пуорманан өрөспүүбүлүкэ бастыҥ учууталларын кытта үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстэ. Бу туһунан СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа Министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Учуутал Күнүн көрсө Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Педагогическай декада чэрчитинэн араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар: «Точка роста» естественнэй – научнай уонна технологическай хайысхалаах үөрэҕирии Кииннэрэ, Жатайдааҕы техникум уонна Мирнэйгэ Светлайдааҕы региональнай техническэй колледж базаларыгар саҥа мастарыскыайдар арылыннылар, үөрэҕирии уонна наука миниистирэ оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэҕирии эйгэтигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна региональнай куонкурустар лауреаттарын уонна дипломантарын, бэтэрээннэри, профессиональнай үөрэхтээһин эдэр преподавателлэрин кытта көрүстэ, телевизионнай уонна радионан биэриилэр уонна араас методическай тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Михаил Сивцев үөрэҕирии эйгэтигэр судаарыстыбаннай бириэмийэлэр лауреаттарын эҕэрдэлээтэ. СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан, үөрэҕирии эйгэтигэр үтүөлэрин, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическэй сайдыытыгар кылааттарын уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин «СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ» бочуоттаах аат Абый орто оскуолатын дириэктэрэ Раиса Владимировна Бережноваҕа уонна Амма улууһун Сэргэ-Бэстээҕи сүрүн оскуола дириэктэрэ Мария Эдуардовна Борохинаҕа иҥэрилиннэ.
Алдан 1 №-дээх орто оскуолатын алын кылаастарын учууталыгар Елена Дмитриевна Игнатьеваҕа, Таатта улууһун Харбалаахтааҕы үөрэҕирии комплексын учууталыгар Валентина Семеновна Кривошапкинаҕа, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия учууталыгар Тамара Владимировна Михайловаҕа уонна Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын учууталыгар Равелла Иннокентьевна Пинигина-Сосинаҕа «СӨ үтүөлээх учуутала» бочуоттаах аат иҥэрилиннэ.
Итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ уонтан тахса бастыҥ учууталлара РФ үөрэҕириитин миниистирин бирикээһинэн РФ бэрэсидьиэнин бириэмийэтинэн наҕараадаланнылар.