Бастыҥ учууталлар бириэмийэлэрин ахсаана улаатта
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа бастыҥ учууталларыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин бириэмийэни элбэтэр туһунан Ыйаахха илии баттаата. Ол туһунан докумуон быраап информациятын официальнай порталыгар таҕыста.
Бириэмийэ уопсай ахсаана 1000-тан 1250-ҥа диэри элбээтэ, төлөбүрэ федеральнай бүддьүөттэн оҥоһуллар.
Куонкуруска Арассыыйа бары регионнарын оскуолаларыгар үс сылтан итэҕэһэ суох үлэлиир, нэдиэлэҕэ 18 чаастан аҕыйаҕа суох ноҕуруускалаах учууталлар кыттыахтарын сөп.
Бириэмийэни Учуутал күнүгэр анаан туттараллар, кээмэйэ – 200 тыһыынча солкуобай.
«Бүгүн оскуолаларга айымньылаах, чаҕылхай педагогтар уһулуччулаах бөлөхтөрө үлэлиир. Кинилэр оҕолорго билиҥҥи кэмҥэ наадалаах, ирдэнэр билиини биэрэллэр, киһи-аймах уонна гражданскай сүдү суолталаах сыаннастары иҥэрэллэр. Кинилэр иитэн таһаарбыт ыччаттарыттан дойдубут инники кэскилэ тутулуктаах. Бириэмийэ ахсаана Педагог уонна настаабынньык сылыгар элбээбитэ ураты суолталаах. Ити өссө төгүл учуутал сырдык аналын, үлэтин үрдүктүк сыаналааһын бэлиэтэ. Аны билигин улахан педагогическай дьиэ кэргэммитигэр саҥа регионнар учууталлара киирдилэр. Кинилэр куонкуруска кыттыылара дойду үөрэҕириитин эйгэтин биир кэлим оҥорорго төһүү күүһүнэн буолуоҕа», – диир Арассыыйа Федерациятын Үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов.