16.02.2024 | 14:00

Бастыҥ учууталлар 100 тыһ. солк. кээмэйдээх бириэмийэни туттулар

Бастыҥ учууталлар 100 тыһ. солк. кээмэйдээх бириэмийэни туттулар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Киин куорат үөрэх кыһаларын саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура бастыҥ учууталлара 100 000 солк. кээмэйдээх бириэмийэни Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн туттулар:

Леонтьева Наталья Прокопьевна, «Сахалыы оскуолаҕа саха тылын, литературатын уонна төрүт култуураны үөрэтиигэ бастыҥ учуутал» номинацияҕа, Саха-политехническай лицей;

Попова Анна Даниловна, «Нуучча оскуолатыгар саха тылын, литературатын уонна төрүт култууратын үөрэтиигэ бастыҥ учуутал» номинацияҕа, 1 №-дээх оскуола;

Сысолятина Валентина Илларионовна, «Сахалыы уһуйаан бастыҥ иитээччитэ» хайысхаҕа, 16 №-дээх «Золотинка» уһуйаан;

Федорова Марфа Револьевна, «Нууччалыы тыллаах уһуйаан бастыҥ иитээччитэ» хайысхаҕа, 2 №-дээх «Олененок» уһуйаан;

Степанова Елена Ивановна, «Эбии үөрэхтээһин бастыҥ педагога» номинацияҕа, «Детский подростковый центр» эбии үөрэхтээһин киинэ.

 

Бу бириэмийэ олохтоноругар баһылык Евгений Григорьев уопсастыбаҕа уонна үүнэр көлүөнэ духуобунай сиэр-майгы өттүнэн сайдыытыгар учуутал оруолун бэлиэтээн туран ананарын ыйбыта, итиэннэ куорат оскуолаларын учууталларын уонна уһуйааччыларын бастыҥ уопута үөрэх атын кыһаларыгар туһанылларыгар эрэлин биллэрбитэ.

Санатар буоллахха, саха тылын, литературатын уонна төрүт култуура бастыҥ учууталларыгар бириэмийэни олохтуур туһунан Дьокуускай куорат баһылыгын 30п №-дээх уурааҕа 2023 сыл олунньу 13 күнүгэр баттаммыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....