19.05.2023 | 00:30

Бастакы муниципальнай спартакиада кыайыылаахтара ааттаннылар

Бастакы муниципальнай спартакиада кыайыылаахтара ааттаннылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 18 күнүгэр «Туймаада» стадиоҥҥа СӨ физкултуурунай хамсааһынын 100 сылынан ыытыллыбыт куорат оскуолаларын ортотугар бастакы муниципальнай спартакиада үөрүүлээх сабыллыыта буолан ааста.
Куорат 53 муниципальнай оскуолатын  бастакы спартакиадатыгар спорт 15 көрүҥэр 5 бөлөҕүнэн 5307 оҕону хабыллыбыт. Үөрэнээччилэр баскетбол, волейбол оонньууларыгар, чэпчэки атлетикаҕа, хайыһарга, мини-футболга, остуол оонньууларыгар, буулдьанан ытыыга, дуобатка, саахыматка, боксаҕа, тустууга, кроссфит, мас-рестлинг, спортивнай ориентирование көрүҥнэригэр уонна «Эрэл» комплекснай нормативка күрэхтэспиттэр.
Хамаанданан зачетка түөрт бастакы бөлөххө кыайыылаахтарынан 2 №-дээх, 17 №-дээх, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас агрооскуолата уонна 12 №-дээх оскуола ааттаннылар.
Бэһис, доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолор бөлөхтөрүгэр кыайыылаах үрдүк аатын 34 №-дээх анал коррекционнай оскуола-интэринээт иитиллээччилэрэ ыллылар. 
Спартакиада эһиилгиттэн сылын аайы ыытыллара былааннанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...