28.09.2021 | 18:06

Бастакы дьиэ күлүүһүн туттулар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Бэс Күөлүгэр баһаартан эмсэҕэлээбиттэртэн бастакы ыал – Екатерина уонна Алексей Саввиннар дьиэ кэргэттэригэр Ил Дархан Айсен Николаев илиититтэн дьиэлэрин күлүүһүн туттулар.  
Саввиннар икки о5олорун улаатыннаран, билигин сиэннэрин көрсөллөр. Кинилэр дьиэлэрэ "Кэскил" түөлбэҕэ биир бастакынан тутуллан киирдэ. Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ дьиэ тутуутун бастакы сыбаайата атырдьах ыйын 20 күнүгэр түһэриллибит. "Дьон бачча кылгас кэмҥэ саҥа дьиэлэри тутан бүтэриэхтэрэ диэн итэҕэйбэтэхтэрэ, оттон бүгүн сэлиэнньэҕэ тутуу тэтимнээхтик барарын көрөбүт. Ити биһиги күүспүтүн сомоҕолоон хайдах да ыарахаттары кыайар кыахтаахпытын көрдөрөр", – диэтэ  Айсен Николаев.


Ил Дархан Бэс Күөлүн олохтоохторугар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн көмөлөспүт дьоҥҥо махталын тириэртэ. Итини сэргэ, кини 200 уонна 25 мөл. солк. биэрбит "АЛРОСА" уонна "Роснефть" салалталарыгар махталын биллэрдэ. Киин куоракка уопсастыбанньыктар көҕүлээн үлэлэппит штабтара 7 мөл. 800 тыһ. солк. хомуйбут, ону эмсэҕэлээбитэргэ дьиэ тэрилэ атыылаһалларыгар түҥэтэллэр.
"Дьиэбит сырдык, тупсаҕай, үтүө суобастаахтык тутуллубут. Билигин саамай үчүгэй түбүктэр күүтэллэр. Биллэн турар, баһаар диэн наһаа ыарахан этэ, ол эрэн ону аастыбыт. Федеральнай уонна бэйэбит былааспытыгар, Владимир Путиҥҥа, Айсен Николаевка, тутааччыларга, бары көмөлөспүт дьоҥҥо муҥура суох махталбытын биллэрэбит. Кыһалҕалаах кэммитигэр элбэх киһи көмөлөһөн күүһү-уоҕу, эрэли биэрдэ", – диэтэ  дьиэ хаһаайката Екатерина Саввина.
Алтынньы 15 күнүгэр диэри Бэс Күөлүгэр чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ түмүктэнэн, дьон үөрэ-көтө саҥа тутуллубут дьиэлэригэр киириэхтэрэ. Итини өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ долгуйа күүтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....