Бастакы бэрэсидьиэммит өйдөбүнньүк комплексын оҥорууга куонкурус биллэрилиннэ
Аһаҕас куонкурус тэрийээччитэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын иһинэн үлэлиир Архитектура уонна куораты тутуу управлениета. Куонкуруска монументальнай искусствоҕа уонна архитектураҕа, куорат эйгэтин дизайныгар идэтийбит билиилээх уонна сатабыллаах физическэй сирэйдэр уонна айар бөлөхтөр кыттыахтарын сөп.
Киирбит үлэлэри сыаналыырга тиэмэтигэр төһө эппиэттииригэр, Михаил Ефимович Николаев майгытыгар-сигилитигэр барсарыгар, уус-уран өйдөбүлүгэр, туруохтаах территориятын уонна тас эйгэтин кытта дьүөрэлэһиитигэр, үйэлээх буолуутугар, үп-харчы өттүнэн уонна технологиятынан сөп түбэһиитигэр болҕомтону ууруохтара.
Аһаҕас куонкуруһу ыытыы туһунан биллэриллибитин кэннэ үлэлэри 60 күн устата туталлар.
Кыттааччылар үлэлэрин кумааҕыга эбэтэр электроннай көрүҥүнэн (pdf,*.ppt,*.jpg* форматтаах), быһаарыы суруктаах куонкурус тэрийээччитигэр маннык аадырыска ыыталлар: Дьокуускай куорат, Аммосов уул., 8, 202 кэбиниэт, электроннай аадырыс: uaig_sakha@mail.ru.