Бассейны көрүү-истии
Билигин чааһынай дьиэлээх, даачалаах дьон каркаастаах бассейн туруораллара элбээтэ. Куйаас күҥҥэ сөтүөлээн сөрүүкүүргэ, оҕолор күнү быһа ууга чоломооттоноллоругар ааттаах тэрил. Ол эрэн сатаан дьаһамматахха, уута түргэнник буорту буолан, ороскуокка тэбиэн сөп. Онон бассейны көрүү-истии хайдах буолуохтааҕын үөрэттибит.
Биллэн турар, атыылаһыаххыт иннинэ хайаан да бассейны хоруопкатыттан таһааран бэрэбиэркэлээҥ. Улахан бассейн үксүгэр уутун носуоһа, ыраастыыр фильтра бииргэ сылдьар буолар. Кыра кээмэйдээххэ барыта туспа атыыланар. Дьокуускайга саамай чэпчэки сыаналаах бассейннар Кытай ырыынагар бааллар, соннук бассейннары бобуллубут социальнай ситимҥэ төһө эмэ ыарахан сыанаҕа атыылыыллар. Онон ырыынактан түһэрсэн ылбыт барыстаах буолан тахсар.
Бассейн үлэлииригэр наадалаах маллар:
– Ыраастыыр фильтр;
– Бөҕү-сыыһы ыраастыырга сачок;
– Үрдүн сабар матырыйаал. Анныгар эмиэ тугу эмэ тэлгиэххэ сөп (линолеум, пенопласт о.д.а.);
– Уу пылесоһа эбэтэр суокка, тирээпкэ.
Көрүү-истии быраабылата:
– Ууну ыраастаабатахха, устунан өҥө уларыйан, сыттанан барар. Нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ булгуччу ыраастаныллыахтаах;
– Ыраас хлор суурадаһынын бассейнҥа туттар сэрэхтээх – куолай иһиэн, тирии бааһырыан сөп;
– Оҕуруоттан, мастартан ыраах турдаҕына, киртийэрэ аччыыр;
– Уу ситимин уутун күөл уутун кытта булкуйуллубат – түргэнник сытыйар;
– Түгэҕэр мустар кири 3 хоно-хоно ыраастаан иһиллэр.
Бассейны сүөкээн сууйарга муоста эбэтэр иһит сууйар сириэстибэлэринэн туһаныахха сөп.
Ууну ыраастыырга кыамталаах фильтр туһалыыр. Эбэтэр уу пылесоһа диэн баар буолар.
Бассейн уутун кутарга 25-30 см толорбоккут. Сөтүөлүүргэ уу түөрт гыммыт биирэ таһынан тохтор.
Бассейны ыраастыыр 3 ньыма баар:
Химиянан ыраастааһын. Ууга хлору, брому эбэтэр пергидроль диэни кутуллар – уу чалахайын түргэнник суох оҥорор. Манна 20 г – 5 куб ууга суоттанар. Эбэтэр оҥорон таһаарааччы ыйарынан кутуохтааххыт. Химическэй ыраастааһын икки нэдиэлэҕэ биирдэ оҥоһуллара сөп.
Электрофизическэй ыраастааһын. Манна озонунан, ультрафиолетынан, алтанынан, үрүҥ көмүһүнэн ыраастааһын киирэр. Маннык эттиктэринэн үлэлиир анал прибордар бааллар – сыаналара ботуччу.
Чалахайын эрэ ыраастааһын. Химическэй реагеннары кутан уу чалахайын ыраастыыллар. Үксүн бром, хлор туттуллар.
Маны тэҥэ бөдөҥ муора тууһун туттуохха сөп. Туус 2,5 – 3 промилле концентрациялаах буолуохтаах (бу хаатыгар ыйыллар).
Пергидроль (перекись водорода) олус сэрэхтээх, сыыһа тутуннахха быһа сиэтиэххэ сөп. Бэрчээккилээх туттаҕыт, 1 литр пергидроль 5 куб ууга суоттанар. 24 чаас ааспытын эрэ кэннэ сөтүөлүөххэ сөп.
Сорох дьон бассейн уута тымныы буоларын сөбүлээбэт. Уутун сылытарга ититэр тэриллэр (теплообменник, тепловой насос, электронагреватель) диэннэр бааллар. Эмиэ туспа атыыланаллар. Кыра бассейны кипятильнигынан да сылытыахха сөп.
Бассейн уута сытыйдаҕына, хайаан да уларытыллар. Уутун сүөкээн баран бассейн иһитин кичэйэн сууйуллуохтаах. Микрофибра тирээпкэ ордук барсар. Мыыланан эбэтэр иһит сууйар сириэстибэнэн туттуллуохтаах. Досместоһынан эбэтэр белизнанан сотон баран хас да чаас туруора түһүөххэ сөп.
Кыһын бассейны ичигэс сиргэ харайыллыахтаах. Таһырдьа хайа тоҥуон сөп. Улахан бассейны уутун сүөкээн, тулларын барытын тууран, сабан кыстатыахха сөп. Маныаха 15 см уу хааллардахха дьэбиннирбэт.
Сатаан харайдахха, бассейн хас да сыл сулууспалыыр кыахтаах. Тымныы сайыннаах улуустарга дьон поликарбонат тэпилииссэ иһигэр туруорар албастаммыттар – уута сылыйар, сөтүөлүүргэ ичигэс диэн хайҕыыллар. Үөн-көйүүр мэһэйдээбэтин диэн бассейн үрдүгэр сиэккэ шатер кэтэрдэллэр.