09.10.2021 | 17:30

Барыта оҕо туһугар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын социальнай политикаҕа бастайааннай хамыыһыйатыгар, үөрэҕирии муниципальнай тэрилтэлэригэр – уһуйааннарга уонна оскуолаларга, аһылык хаачыстыбатын уонна тэрээһин таһымын дьүүллэстилэр. Мунньаҕы хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Айаан Васильев салайан ыытта. Дьүүллэһиигэ оскуолалар дириэктэрдэрэ, оҕо уһуйааннарын сэбиэдиссэйдэрэ, уопсастыбаннай ас-үөл үлэһиттэрэ уонна төрөппүттэр уопсастыбаннастарын бэрэстэбиитэлэ кытыннылар.

Санатар буоллахха, үөрэнээччилэр аһылыктара федеральнай уонна олохтоох бүддьүөттэн үбүлэнэр. Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Евгения Королькова иһитиннэрбитинэн, алын кылаас үөрэнээччилэрэ бары босхо итии аһылыгынан хааччыллыбыттар. 5-11 кылаастар чэпчэтиинэн туһанар араҥалара Дьокуускай куорат олохтоох бүддьүөтүттэн үбүлэнэн эмиэ босхо аһыыллар. Евгения Королькова үөрэнээччилэри хаачыстыбалаах уонна доруобуйаҕа туһалаах аһынан хааччыйар курдук 20-чэ күнүскү меню тэриллибитин туһунан эбэн эппит. Меню Уокуруктааҕы дьаһалта уурааҕынан бигэргэтиллибит уонна Роспотребнадзоры кытта сөпсөһүүнү ааспыт. Итини сэргэ, уопсастыбаннай хонтуруолу оҥорор хамыыһыйаҕа 59 төрөппүт киирбит.

Куораттааҕы үөрэҕирии муниципальнай уһуйааннарыгар оҕолор күҥҥэ биэстэ аһыыллар. Аһылык олохтоох бүддьүөттэн уонна төрөппүттэртэн үбүлэнэр уонна күҥҥэ 190 солк. тэҥнэһэр. Менюнан көрдөххө, аһылык сыаната күҥҥэ 236 солк. тахса буолар. 

Кыра дохуоттаах, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоругар, инбэлиит-оҕолорго, тулаайахтарга, төрөппүттэрэ уһуйааҥҥа үлэлиир оҕолорго, уһуйааҥҥа сылдьалларын иһин төлөбүр чэпчэтиилээх.

Иитиллээччилэр аһылыктарын хаачыстыбатын уопсастыбаннай хонтуруолугар 49 төрөппүт киирэр. Оҕолор менюларыгар оҕуруот уонна сир аһыттан олохтоох оҥоһуктар, үрүҥ балык (чыыр, муксуун), убаһа этэ бааллар.

 

Алын кылаас үөрэнээччилэрин итии аһылыгар – 1,2 млрд. солк.

"Биһиги 15 сыл тухары оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолорун аһылыктарын тупсарар боппуруостарыгар үлэлэстибит уонна тирэхтээх научнай баазаны төрүттээтибит. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан методическай бааза федеральнай таһымҥа оҥоһулунна. Оҕо аһылыгын института анал линия технологическай платформатын оҥоруу бырайыагын бэлэмниир. Ити биирдиилээн оҕону аһатааһын буолбатах, регион территориятыгар бүтүн кэмбинээттэри, собуоттары, фабрикалары оҥоруу", – диэн кэпсээтэ  Саха сирин доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин штаты таһынан диетолога Ульяна Лебедева.

Кини эппитинэн, ити методология билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэҕэ сөптөөх таһымҥа киирэ илик. Алын кылаас үөрэнээччилэригэр итии аһылыгы тэрийиигэ былырыын өрөспүүбүлүкэ 450 мөл. солк. ылан 86% эрэ туттубут. Быйыл ити сыалга 1,2 млрд. солк. туттуллуохтаах.

Меню уратыта

"Оҕо менюта саахары, тууһу хааччахтааһыны учуоттаан, рациоҥҥа дьуоттаах тууһу киллэрэн туран оҥоһуллар. Биһиги оҕолору доруобуйаларыгар туһалаах аһынан хааччыйар курдук толору методологияны биэрдибит. Итини таһынан, үөрэҕирии тэрилтэлэригэр аһылык хаачыстыбатын кэтээн көрөргө уонна хонтуруоллуурга анаан компьютернай бырагырааманы, автоматизацияламмыт салайар систиэмэни оҥордубут", – диэн түмүктээтэ  Ульяна Михайловна.

Дьокуускай куорат Дууматын социальнай политикаҕа бастайааннай хамыыһыйатыгар кини оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолорун аһылыктарын регион уратытын учуоттаан туран тэрийии методологиятын олоххо киллэрии пилотнай бырайыагын үбүлээһиҥҥэ сүбэлэри ааҕан иһитиннэрдэ.

Дьокутаат Саргылана Васильева оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолорун аһылыктарын хаачыстыбата хайдах анаалыстанарын ыйытта.

Евгения Королькова иһитиннэрбитинэн, анаалыс аһылык хаачыстыбатыгар сыһыаннаах үҥсүү киирдэҕинэ оҥоһуллар, меню оҥоһулларыгар төрөппүттэр, оҕолор баҕа санаалара учуоттанар уонна Роспотребнадзору кытта сөбүлэҥи ааһар.

 

Оҕо аһылыгын кэмбинээтэ аһыллыаҕа

Этиллибитин курдук, оҕо аһылыгын тэрээһинин үрдүк таһымҥа таһаарар сыаллаах технологическай тэрили атыылаһарга 2021 сылга 5 мөл. солк. көрүллүбүт. Итини таһынан, үгүс оскуолалар остолобуойдарыгар миэбэли уларытыы ирдэнэр. 

Дьокутаат Николай Васильев оҕо аһылыгын кэмбинээтэ хаһан тутулларын интэриэһиргээтэ. "Кэмбинээт аһыллыытыгар бэлэмнэнэ сылдьабыт. Социальнай аһылык кэмбинээтин үлэтин саҕалыыр курдук, уһуйааннарга бородуукталары тиэрдии тарҕатар-логистическай киин нөҥүө үлэ  ыытыллар, онно бородууксуйа СанПин ирдэбиллэригэр эппиэттиирэ бэрэбиэркэлэнэр", – диэн быһаарда  Евгения Королькова.   

Ас-үөл технологияларын Киинин салайааччыта Розаида Гудуева эппитинэн, соторутааҕыта аһылык куттала суох уонна хаачыстыбалаах буолуутун хааччыйар анал киин тэриллибит. Билиҥҥи туругунан лаборатория лицензиялааһыны бара сылдьар. Ити кэнниттэн Киин оҕолорго уонна үөрэнээччилэргэ атыылаһыллыбыт бородууксуйа хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээһини саҕалыаҕа. Аудикка олоҕуран оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолорун аһылыктарын тэрийиитин тупсарыыга түмүк таһаарыллар.

 

Уһуйааннарга сороҕор оҕо аһылыгар барсыбат бородууксуйа кэлэр

"Северные звездочки" уһуйаан сэбиэдиссэйэ Нина Горбунова бэлиэтээбитинэн, меню сөпкө оҥоһуллар, ол эрэн сороҕор намыһах хаачыстыбалаах бородууксуйа – сытыйбыт оҕуруот аһа, наһаа сыалаах, иҥиирдээх эт кэлэр. Сааскыттан балык кэлэ илик, иэдьэгэй үстүү нэдиэлэ кэлбэт. 

"Куһаҕан хаачыстыбалаах аһылыгы төттөрү ыытабыт. Аһылык хаачыстыбатын төрөппүттэр хонтуруоллууллар, пандемия иннинэ кэлэн боруоба устан баран бэйэлэрин санааларын суруйааччылар. Ардыгар үбүлээһин тиийбэтиттэн убаһа этин оннугар ынах этин ылабыт", – диэтэ  кини.

 

Дистанционнай үөрэх кэмигэр кураанах паёк бэриллибэт

Төрөппүттэр уопсастыбаннастарын аатыттан дистанционнай үөрэх кэмигэр кураанах паёктары биэрии уонна "Школьное молоко" бырагыраама олоххо киириитин туһунан ыйытык киирдэ.

"Кураанах паёктар былырыын COVID-19 инфекциятын пандемиятынан локдаун биллэриллибитинэн сибээстээн бэриллибиттэрэ. Ити 54 солкуобай көрүллэр чэпчэтиилээх категорияҕа киирэр үөрэнээччилэргэ аһылык компенсациятынан буолар. Билигин ОРВИ-нан сибээстээн харантыын биллэрилиннэ, ол иһин кураанах паёктары биэрии тохтотулунна. Алын кылаас үөрэнээччилэрэ оскуолаҕа босхо итии аһылыгынан хааччыллаллар, ол иһин кинилэргэ кураанах  паёк көрүллүбэт", – диэн быһаарда  Евгения Королькова.

 

Чэпчэтиилээх аһылык сууматын 83 солкуобайга диэри үрдэтэргэ

Мунньах түмүгэр хамыыһыйа чилиэннэрэ 2022 сыллааҕы бүддьүөтү бэлэмнииргэ чэпчэтиилээх аһылык сууматын 83 солкуобайга диэри үрдэтэр туһунан этии киллэрдилэр. 

"Технологическай тэрили атыылаһарга 5 мөлүйүөн солкуобай аҕыйах, ол иһин Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа ити сыалга уонна оскуола остолобуойдарыгар саҥа миэбэли ыларга эбии үбүлээһини көрөр кыаҕы була сатыылларыгар этии киллэрэбин", – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ хамыыһыйа бэрэссэдэээтэлэ Айаан Ильич. 

Кини түмүктээбитинэн, үөрэх дьылын устата үөрэнээччилэр уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор аһылыктара өссө төгүл хамыыһыйанан көрүллэр.

Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна оскуола оҕолорун аһылыктарын регион уратытын учуоттаан туран тэрийии методологиятын олоххо киллэриигэ Уокуруктааҕы дьаһалтаҕа суоту оҥороругар этии киирдэ.

Ити курдук, үөрэҕирии тэрилтэлэригэр тиэрдиллэр бородууксуйа хаачыстыбатын ас-үөл технологияларын Киинэ кэтээн көрөр буолуоҕа. Оҕоҕо аналлаах уонна социальнай аһылык кэмбинээтэ үлэтин саҕалаатаҕына, уһуйааннарга бородуукталары тиэрдии тарҕатар-логистическай киин нөҥүө оҥоһуллуоҕа. Ити кииҥҥэ бородууксуйа СанПин ирдэбиллэригэр толору эппиэттиирэ бэрэбиэркэлэниэҕэ.

 

Ysia.ru хаартыскалар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....