Барыта Кыайыы туһугар
Ыһыахха “Эр хоһуун” кэмпилиэги тигэ 75 иистэнньэҥ Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Үөһээ Бүлүүттэн муһунна. Мэҥэ Хаҥаластан соҕотох эр хоһуун Олег Федоров кытта кэлиитэ барыбытыгар холобур буолла.
Иис, үлэ ыһыаҕа Афанасий Попов алгыһынан саҕаланна. Алгыс алыптаах тылын эккирэтиннэрэ “Саһарҕа” эбэлэр бөлөхтөрүн үҥкүүһүттэрэ оһуордуу эргийдилэр.
Таатта улууһун баһылыга Михаил Соров модун Арассыыйа норуота күүстээх санаалаах, дойдутун таптыыр, дойдутугар бэриниилээх ыччаттардаах буолан өлөн-охтон биэриэ суоҕа, маннык норуот кыайыылаах эрэ буолар аналлаах диэн этэн туран, биир дойдулаахпыт, төрөөбүт дойду көмүскэлигэр олоҕун толук уурбут элбэх оҕолоох аҕа Василий Репиҥҥэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан “Эр санааланыы уордьанын» кини огдообото, улууска ыытыллар көмө аахсыйалар кыттыылааҕа Сардана Репинаҕа туттарбытыгар мустубут дьон сүһүөхтэригэр туран махтаннылар. Салгыы Украинаҕа быстах дьайыыга сылдьар хорсун сүрэхтээх биир дойдулаахтарбытыгар үтүө тыллары анаата уонна “Таатта улууһун уопсастыбаннай хамсааһыныгар кылаатын иһин” улуус үрдүкү бэлиэтин Александра Аммосоваҕа (Дьохсоҕон), Акулина Седалищеваҕа (Дьохсоҕон), Бочуоттаах грамоталары Мария Басоваҕа (Уолба), Галина Семеноваҕа (Уолба), Мария Алексееваҕа (Игидэй), Марфа Нестереваҕа (Игидэй), Мария Блахироваҕа (Уус Амма), Вера Канаеваҕа (Таатта), Махтал суруктары Анна Никифороваҕа (Таатта), Мария Бондареваҕа (Таатта), Александра Прудецкаяҕа (Таатта), Клара Ючюгяеваҕа (Дьохсоҕон), Галина Потаповаҕа (Дьохсоҕон) туттарда. Улуус дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Валентин Охотин Иис, үлэ ыһыаҕа буола турар уустук быһыыга-майгыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт этэҥҥэ эргиллэллэрин туһугар тэриллибитин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна Махтал суруктары, анал чаһыны Дьохсоҕон олохтооҕо Екатерина Татариноваҕа, “Илии сылааһа” уопсастыбаннай иис сыаҕын иистэнньэҥэ Екатерина Потаповаҕа (Дьокуускай) туттарда. Дьохсоҕон баһылыга Өксөкүлээх, Алампа саҕаттан нэһилиэк сиригэр-уотугар дойдуга бэриниилээх буолуу күүһэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрин, уустук кэмҥэ норуот сомоҕолоһуохтааҕын, бары күүс кыайыы туһугар ананыахтааҕын бэлиэтээтэ уонна “Көмүс сүүтүк” (сал. А.П. Ючюгяева) иистэнньэҥ эбэлэр түмсүүлэригэр Махтал суругу туттарда. Бүөккэ Бөтүрүөп киэҥ анаарыылаах хоһоонун аахта. Бэйэтин эҕэрдэтин Тыараһа баһылыга Прокопий Турнин анаата уонна Тыараһа олохтооҕо, “Илии сылааһа” иис сыаҕын иистэнньэҥэ Сусанна Наховаҕа Махтал суругу туттарда.
Бу үөрүүлээх түһүлгэҕэ Дьохсоҕон ытык олохтооҕо Иван Бочониҥҥа «СӨ ытык кырдьаҕаһа», биэс уон сыл бииргэ олорбут Альбина, Василий Тарбаховтарга, Семен Ючюгяевка анал бэлиэлэр туттарылыннылар.
Бэлиэтээн эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Илии сылааһа” уопсастыбаннай сыаҕы Тааттаттан тардыылаах Ирина Саввина салайар. Сыах тэриллиэҕиттэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар 780-ча уолу таҥыннарда. Ирина Саввина салайыытынан Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Ньурба улуустарыгар, Хаҥаласка кэмпилиэктэри тигиигэ маастар-кылаастары биэрбиттэрэ. Бу сыахха салайааччыларын кытта биир дойдулаахтарбыт Александра Аммосова, Сусанна Нахова тэрийсэ сылдьаллар. Оттон ыһыахха иистэнэр матырыйаалы сабыгар тиийэ Михаил Попов салайааччылаах “Донбасс” пуонда хааччыйда. Икки күн устата барыта 39 “Эр хоһуун” кэмпилиэк, 390 таҥас тигилиннэ. Маныаха анал байыаннай дьайыыга сылдьар түөрт ийэ, алта эдьиий иистэннэ, тэрийиигэ үлэлээтэ.
Сындалҕаннаах үлэ түмүгүнэн бастакы миэстэни Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Түмэн-1» хамаандата (сал. Ф.И. Наумова) ылан, “Новоком” ААУо (сал. Иван Мохначевскай) туруорбут оверлок массыынатынан, Таатта улууһун аҕа баһылыга Михаил Соров туруорбут иистэнэр массыынатынан, “Илии сылааһа” сыах туруорбут бирииһинэн наҕараадаланна. Иккис миэстэҕэ Таатта улууһун Ытык Күөлүн “Харыстаана” (сал. А.Е. Никифорова) хамаандата тахсан, “СтройАрктикМонтаж” ХЭТ (сал. Николай Акимов) туруорбут оверлогун, “СтройМонтаж” ХЭТ (сал. Матвей Сидоров) туруорбут иистэнэр массыынатын ылла; үсүһү Таатта улууһун Тыараһатын “Сүүтүк” хамаандата (сал. М.С. Пономарева) ылан, урбаанньыт Альберт Кардашевскай, Күннэйэ Алексеева бэйэтин баҕа санаатынан туруорбут иистэнэр массыыналарынан бэлиэтэннэ.
Биирдиилээн анал ааттарга тигистилэр: "Аҕам саастаах иистэнньэҥ" – Мария Басова (Уолба, Таатта), "Бары бииргэ" Таатта улууһун уопсастыбаннай ыстаабын тутаах дьоно Алена Гуляева, Аэлита Постникова, Полина Христофорова Надежда Луковцева туруорбут, "Кэскиллээх иистэнньэҥ" – Сардаана Протодьяконова (Саһылыкаан, Уус Алдан), "ТуймаадаСтрой" ХЭТ (сал. Андрей Данилов) туруорбут, "Сатабыллаах салайааччы" – Васма Иванова (Үөһээ Бүлүү), "Төлөн” ААУо (сал. Прокопий Рахлеев) туруорбут, "Ураты дьарыктаах эр хоһуун" – Олег Федоров (Майа, Мэҥэ Хаҥалас), "Төлөн" ААУо (сал. Прокопий Рахлеев) туруорбут, "Дьарыгар бэриниилээх" – Зинаида Ситдикова («Сатал» дьоҕус оройуон, Дьокуускай), Ирина Саввина салайааччылаах “Илии сылааһа” сыах туруорбут, "Ураты ньымалаах иистэнньэҥ" – Саргылаана Охлопкова (Дьохсоҕон, Таатта) “ТуймаадаСтрой” ХЭТ (сал. Андрей Данилов) туруорбут бириистэригэр тиксэннэр астыннылар. Хамаанданан “Түргэн туттунуулаах иистэнньэҥнэр” анал ааты Дьохсоҕон нэһилиэгин “Көмүс сүүтүк” хамаандата (сал. Клара Ючюгяева) ылан, Ил Түмэн дьокутаата Яков Ефимов туруорбут, “Бастыҥ сииктээх иистэнньэҥнэр” анал ааты Дьохсоҕон нэһилиэгин иккис хамаандата (сал. Валентина Петрова), Амма Чакырыттан төрүттээх Уус Алдаҥҥа олорор Нарыйа Мигалкина баҕа өттүнэн туруорбут, “Көнө сииктээх иистэнньэҥнэр” анал ааты “Уран иис алыба” Уус Алдан улууһун иккис хамаандата ылан (сал. Марианна Федотова), “ТуймаадаСтрой” ХЭТ (сал. Андрей Данилов) туруорбут, “Иллээх иистэнньэҥнэр” ааты Майа иккис хамаандатын (сал. Варвара Васильева), “Илии сылааһа” сыах (сал. Ирина Саввина) туруорбут, “Көхтөөх иистэнньэҥнэр” – “Сайдам” Уус Алдан иккис хамаандата (сал. Мария Гузаирова), “Дьарыкка бэриниилээх иистэнньэҥнэр” – “Алгыс” Уус Амма нэһилиэгин хамаандата, Таатта улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Валентин Охотин туруорбут бирииһэ, “Ситим” Таатта улууһун хамаандата – “Түмсүүлээх иистэнньэҥнэр” (сал. Аграфена Готовцева), Тыараһа нэһилиэгин баһылыга Прокопий Турнин туруорбут бириистэринэн бэлиэтэннилэр.
Ыһыахпыт үтүө санааланыы чэрчитинэн ыытыллан, элбэх спонсорство, көмө оҥоһулунна. Тигиллибит кэмпилиэктэр Таатта улууһугар хааллылар, икки бастакы кэмпилиэк уолаттарбытыгар Вячеслав Габышевка (Дэбдиргэ), Матвей Максимовка (Боробул) аадырыстанан бэриллиэхтэрэ. Бу киэһэ улууска ыытыллар үлэҕэ тус кылааттарын иһин быстах байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттардаах ийэлэр Мария Попова (Дьохсоҕон), Марианна Мочкина (Таатта) уонна Уус Амма олохтооҕо Антонина Григорьева улуус баһылыга Михаил Соров Махтал суругунан бэлиэтэннилэр. Ыһыах партнера, “Илии сылааһа” иис сыаҕын салайааччыта Ирина Саввинаҕа “Таатта улууһун уопсастыбаннай үлэтигэр кылаатын иһин” анал бэлиэ туттарылынна.
Иистэнньэҥнэр сынньалаҥнарыгар кэккэ тэрээһиннэр — быыстапкалар, сарсыардатын эти-сиини чэбдигирдэр сэрээккэлэр, эмтээх оттортон чэй иһиитигэр көрдөрүү, харысхал оҥоһуутугар маастар-кылаас ыытылыннылар. Ыһыах тэрээһинин ороскуотун бүтүннүүтүн Дьохсоҕон нэһилиэгин дьаһалтата уйунна. Ол курдук, босхо хонук сиринэн уонна ыһыахха диэн икки биэни өлөрөн, сибиинньэ, ынах эттэрин атыылаһан хааччыйда. Дьиэ аһын курдук итии аһынан олохтоох орто оскуола дириэктэрин хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы Мария Давыдова салайааччылаах оскуола, оҕо саадын асчыттара күндүлээтилэр.
Бу курдук ураты сыаллаах ыһыах маннык кыайыыларынан түмүктэннэ. Истиҥ-иһирэх санаалаах, дьоһун дьонноох Дьохсоҕон хас биирдии олохтооҕор, олохтоох дьаһалта бары үлэһиттэригэр, түүннэри-күннэри түбүгүрбүт Алампа аатынан норуот айымньытын киинин кэлэктиибигэр иистэнньэҥнэр, ыалдьыттар ааттарыттан саха киил маһыныы кытаанах доруобуйаны, үлэҕэ-үөрэххэ ситиһиилэри баҕарабыт!
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ! Барыта Кыайыы туһугар!