16.05.2020 | 11:55

Барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэниэҕиҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга коронавируснай инфекциянан ыалдьыбыт дьон олорор дьиэлэригэр дезинфекция, ыраастыыр, эмтиир үлэлэр түмүктэннилэр.  Роспотребнадзор быһаарыытынан Дьокуускай куоракка КОВИД-19 (саҥа коронавируснай инфекциянан) ыалдьыбыт дьон олорор элбэх кыбартыыралаах дьиэлэригэр дезинфекция, анал эмтэринэн сыстыганнаах микробтары өлөрүү, ыраастааһын үлэтэ ыытылынна. Муниципальнай сөбүлэһии быһыытынан бу эмтиир-ыраастыыр үлэлэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гигиенаҕа уонна Эпидемиологияҕа Киинэ ыытар. Ыам ыйын 12 күнүнээҕи туругунан 17 аадырыска эмтиир- ыраастыыр (дезинфекциялыыр) үлэлэр түмүктэннилэр. Бу үлэлэр Роспотребнадзор ыыппыт сайаапкаларыгар олоҕуран оҥоһуллаллар. Ол курдук эмтиир-ыраастыыр үлэнэн маннык аадырыстар хабылыннылар: Маяковскай уул., 77/1, 98, Каландарашвили уул., 8, 21, 23/1, Свердлов уул., 9/1, Ойуунускай уул., 24/2, 33/1, 202 мкр. 9 уонна 16 куорпустара, Автодорожнай уул., 13/1, Киров уул., 17/5, Дзержинскай уул., 37,57, Кальвица уул., 1/1, Короленко уул., 25 “Б” к. уонна Советскай Армия 50 сыла уул., 39.  Бу ыраастыыр-эмтиир үлэлэри ыытыыга Дьокуускай куорат администрацията резервнэй фондатыттан 1 мөлүйүөн солкуобайы анаан биэрбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

21-с үйэ 2020 сыла дойдуга “коронавирус” ыарыы тарҕанан эрэр сураҕыттан саҕаламмыта. Миллиардынан нэһилиэнньэлэх Кытай сириттэн-уотуттан сыстыганнаах “вирус” аан дойдуга сыыйа тарҕанан, билигин киһи аймаҕы хааччахтааһын миэрэтигэр киллэрдэ. Оннооҕор кыахтаах судаарыстыбалар суостаах-суодаллаах ыарыыттан бэйэлэрин көмүскэнэр кыахтара суоҕа билиннэ. Дойду-дойду социальнай-экономическай балаһыанньатыттан, статуһуттан тутулуга суох бары кэриэтэ биир “хапкааҥҥа” ылларда. Мантан төлөрүйэр, бука, ыарахан буолуо.

Хас биирдии судаарыстыбаҕа, региоҥҥа экономика сатарыйыыта нэһилиэнньэ олоҕор уустуктары үөскэтэр буолуохтаах. Арассыыйа бу дьаҥтан эмиэ балаһыанньата улаханнык ыараата, кэккэ уустуктары үөскэттэ. Ол эрэн онтон санаабытын түһэримиэҕиҥ. Күөх сайыммыт аҕыйах хонугунан бу тиийэн кэлиэ. Тулабытыгар от-мас көҕөрөн, айылҕабыт барахсан күөҕүнэн чэлгийиэ. Сибиэһэй  салгынынан  сайа тыыныахпыт. Инникитин барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэниэҕиҥ. Санаабыт күүһүн Үөһээ үрдүк айыыларбытыгар ыытан, кэрэни, сырдыгы эрэ бэйэбитигэр баҕарыаҕыҥ.

      Дьаҥмыт хаһан ааһан көҥүллүк тыынабыт?

Элеонора Семеновна Анисимова, Үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнэ, Дьокуускай куорат:

- Бары билэрбит курдук коронавирус дьаҥыттан сылтаан карантин олохпутугар кырата суох хоромньуну оҥордо. Үлэһит дьон барахсан, үлэлэрин тохтотон, дьиэлэригэр хаайыллан олордохторо. Оттон дойду экономикатыгар төһөлөөх хоромньу оҥоһуллубута буолуой?! Бэйэм олохпун оҕону үөрэтиигэ, иитиигэ анаабыт буолан, кэллиэгэлэрбин, оскуола оҕолорун аһынабын, сороҕун ситэри өйдөөбөт да курдукпун. Улахан оҕолорго өссө сөп даҕаны. Оттон алын кылаас оҕолоро барахсаттар дойдуга буола турар балаһыанньаны хантан өйдүөхтэрэй? Учуутал үлэтигэр тосту уларыйыы тахсыбыта кэлин сабыдыаллааҕа биллибэт. Аны оҕолор билиилэрин таһыма араас-араас. Оскуоланы быйыл бүтэрэр оҕолор үөрэххэ киириилэригэр уустугу көрсөллөрө буолуо. Бииртэн-биир өйдөммөт уустук балаһыанньа үөскээн тахса турар.

Өссө улахан охсууну кырдьаҕастар ылаллар. Араадьыйаҕа, тэлэбиисэргэ бүгүҥҥү олоххо буола турар быһыыны-майгыны кэпсииллэрэ кинилэр ис уйулҕаларын уйгуурдар. Эдьиий Дора этиитигэр сөбүлэһэбин. Араас буолар-буолбат сонуннары истэн, туох баар ньиэрбэҥ күүрэр, моральнай өттүнэн баттааһын курдук. Саастаах дьон үксүбүт даҕаны таас дьиэҕэ олоробут. Кырдьаҕастар таһырдьа тахсымаҥ, дьиэҕитигэр олоруҥ дииллэр. Саас аайы дууһабытын үөрдэр, ырыаҕа ылланар ньургуһун тылларын көрүү быйыл суох. Ол эрэн урукку сэбиэскэй кэмҥэ иитиллэн буолуо, истигэммит сүрдээх. Уонна саха да буоларбытынан тулуур, дьулуур баар дьоно буоллахпыт. Үрүҥ халааттаах аанньалларбытыгар махтал бастыҥа буоллун, маннык ыарахан кэмҥэ улахан дьаҥ турбутунан, бэйэлэрэ эмиэ дьонноох-сэргэлээх, оҕолордоох дьон, идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьалларыгар. Барахсаттар ыйы быһа обсерваторга олороллор. Бу дьаҥмыт хаһан ааһар? Коронавируска хаайтаран, бары да дьиэбитигэр хороллон олордохпут. Хаһан көҥүл салгынынан дэлэгэйдик тыынабыт, уруккулуу истиҥник утары көрсөн, чугас дьоммутун кытта кэпсэтэбит? Биитэр куруук маннык “зомби” курдук буолан, дьонтон куотар дьаллыктанабыт дуу? Харантыыҥҥа олорор, Дьиэҕэ тууйуллар Бөрүкүтэ суох эбит. Хайыахпытый? Мөккүспэппит. Санаабытын бөҕөргөтөбүт. Кэм кэлиэ, Ааһар ааһыа... Бөҕөх эрэ буолуохха, Барытын тулуйуохха... Этэҥҥэни түстэниэххэ!

                Хааччахпыт этэҥҥэ ааста

Савва Петрович Иванов, Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгин олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы: - Ыам ыйын 1-кы күнүгэр нэһилиэкпититтэн 32 киһи коронавируска контактанан, Бүлүүтээҕи педагогическай колледж уопсайыгар 14 хонукка обсерваторга киирбиппит. Сорох дьоммут тест туттаран, дэриэбинэлэригэр самоизоляцияҕа олордулар. Обсерваторга олорор кэммитигэр күҥҥэ үстэ тотоойутук аһаттылар. Усулуобуйа баар. Күн аайы күнүс 3 чаастан 4 чааска диэри ким туохха наадыйарынан, чугас дьонноруттан “передача” ыла олордулар. Анаалыспыт түмүгэ биллэн, барыта үчүгэй диэн буолла. Онон бэрээдэк быһыытынан, Роспотребнадзор көҥүллээтэҕинэ, бу күннэргэ дьиэбитигэр тахсаары сылдьабыт. Улуустааҕы оперативнай штаб чаҕылхай үлэтин түмүгэр билигин дэриэбинэбитигэр ыалдьыбыт уонна контактаах киһи суох, балаһыанньа этэҥҥэ. Манна киирэн уйадыйар, кэбириир түгэҥҥэ, дьон-сэргэ өйөбүлэ хайдах курдук наадалааҕын биллибит. Бу ыарахан күммүтүгэр улууспут оперативнай штаба, чуолаан Клара Гаврильева, Хампаттан төрүттээх “Хампа” түмсүү, нэһилиэкпит олохтоохторо, оскуола кэлэктиибэ, оперативнай штаб волонтердара, нэһилиэкпит дьаһалтата, Кыадаҥда, Үгүлээт олохтоохторо, Бүлүү улууһун иис-уус маастардара өй-санаа өттүнэн күүс-көмө буоллулар, санаабытын көтөхтүлэр, эрэйбитин чэпчэттилэр. Бүлүүбүт дьонугар-сэргэтигэр бары үтүөнү, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт. Маннык ыарахан күннэргэ түмсүүлээх буолуҥ. Бэйэҕитин харыстаныҥ, мааска эрэсиимин тутуһуҥ.

              Сөптөөх дьаһал тахсарын эрэнэ күүтэбит

Анна Афанасьева, Сунтаар улууһа:

- Коронавирус диэн ааттанар сыстыганнаах ыарыы өрөспүүбүлүкэбитигэр күүскэ тарҕамматын туһугар оҕолуун-уруулуун бука бары дьиэбитигэр олорбуппут иккис ыйыгар барда. Ол курдук, Сунтаарбыт улууһун Куокуну нэһилиэгин территориятыгар баар вахтовай бөҕүөлэк карантиҥҥа барбытын олохтоохтор бэркэ диэн билэбит. Бу хааччахтыыр миэрэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыы барыбытыгар икки бүк төгүл кытаанах ирдэбил буоларын бары өйдүүбүт. Маннык хааччах бэйэбитин эрэ буолбакка, чугас дьоммутун, оҕолорбутун, аҕа саастаах көлүөнэни харыстыыр сыаллааҕын билэбит. Ол иһин улууспут бары нэһилиэктэригэр “самоизоляция” ирдэбилин күүскэ тутуһаллар. Улуустааҕы оперативнай штаб нэһилиэнньэҕэ дьаҥ туруга хайдаҕын иһитиннэрэ турар. Онон күннээҕи сонуну онтон билэ олоробут.

Улууспут балыыһатын инфекционнай отделениетыгар бүгүҥҥү туругунан 14 киһи эмтэнэ сытар. Бу күннэргэ вахтовай бөһүөлэккэ анал медицина үлэһиттэрэ тахсаннар, нэһилиэнньэттэн анаалыс ылыахтаахтар. Анаалыстарын түмүгэ нэдиэлэ бүтүүтэ биллиэ диэн эрэннэрэллэр. Маннык хааччахтааһын баара нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун ирдэбилин тутуһуннарар дии саныыбын. Өрөспүүбүлүкэбит салалтата уонна Роспотребнадзор көҥүл биэрдэхтэринэ, норуокка наадалаах атыы-эргиэн кииннэрэ, бытовой өҥөлөр үлэлэрин саҕалыыллара буоллар диэн баҕа  санаалаахпыт. Сахалар тулуурдаахпытынан биллэбит. Онон маннык быһыыны-майгыны кэмигэр тулуйан, бары бииргэ түмсэн, бу ыарахан кэми этэҥҥэ ааһыахпыт. Дьоммут-сэргэбит санааҕытын түһэримэҥ. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр санаа түһүүтүн көрдөрүмүөҕүҥ. Кинилэр үрдүлэригэр ыраас халлааҥҥа өрүү чаҕылхай күн күөрэччи тыктын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...