15.07.2022 | 14:00

БАРЫАННЬА БАРАХСАН

БАРЫАННЬА БАРАХСАН
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кивиттэн джем

Кивини лааппыттан атыылаһан сиирбитин сөбүлүүбүт. Бу отон С битэмиининэн олус баай, ону тэҥэ калий, магний, никотиновай кислота баар – бу мэйии битэмииннэрэ. Күҥҥэ биир кивини сиэтэхпитинэ, сууккаҕа ылыахтаах битэмииммит нуорматын толоробут. Хат дьахталларга уһулуччу туһалаах фрукта быһыытынан биллэр.

Көннөрү кивини аһыырҕатар буоллахпытына, барыанньа оҥостон сиэхпитин сөп. Маныаха сымнаабыт киви кытта барсар.

Кивибитин хахтыыбыт, кыра-кыра гына кырбыыбыт. Саахардаан баран кыра уокка тэптэрэн буһарабыт. Сылаастыы бааҥкаларга кутан кэбиһэбит. Кыратык желатиннаатахха, барыанньабыт хойуу буолар. От күөх өҥнөөх барыанньаны ордук оҕо аймах сөбүлүүр.

Моркуоптан барыанньа

Моркуобу сымныар диэри оргутабыт уонна бытархай гына кырбыыбыт.

Саахары кыратык уулаан сироп оҥоробут. 400 г моркуопка 200 г саахар сөп буолар. Салҕыы моркуобу саахар сиробугар буһарабыт.

Кылгас уонна суон моркуоп салаакка, соуска, маринадка туттуллар. Оттон уһун астаах моркуобу буһаран баран туттар табыгастаах. Моркуобу чараас гына быһаҕынан хахтаатахха хараарбат. Сибиэһэй моркуобу хахтаныллыбат, кирин суокканан аалан ыраастыыбыт.

Банантан барыанньа

Банан сыаната билигин чэпчээн турар. Сылааска банан түргэнник буортуйар, холодильникка кытта харааран барар. Ол иһин барыанньа оҥостуохха сөп.

1 киилэ хахтаммыт банаҥҥа 2 ыстакаан саахар, 1 ыстакаан уу, 1 ч.нь. аҥаарынан лимон кислотата туттуллар. Бананы халбаһы курдук төгүрүктүү кырбыыбыт. Бу биэриэмэҕэ уулаах саахарбыт оргуйа турар. Банаммытын оргуйбут сиропка быраҕабыт, 1 чаас устата кыра уокка буһарабыт. Бааҥкаларга кутуохпут иннинэ лимон кислотатын эбэн биэрэбит.

Бааҥкаларбытын 100 кыраадыска духуопкаҕа уган стерилизациялаатахпытына, барыанньабыт өссө өр хараллар.

Арбуз хаҕыттан барыанньа

Сайын арбуһу элбэхтик сиибит. Арбуз хаҕыттан бэртээхэй барыанньа тахсар.

Биһиэхэ наада: 600 г ыраастаммыт арбуз хаҕа, 800 мл уу, 2 ыстакаан саахар.

Арбуһу от күөх халыҥ хаҕыттан ыраастыыбыт, барыанньаҕа маҥана эрэ барсар. Онтон кубиктыы кырбыыбыт. Сироппутун бэлэмниибит – ууну, саахары бииргэ оргутабыт.

Арбузпут хаҕын сироппутугар кутабыт. Оргуйбутун кэннэ өссө 15 мүнүүтэ буһара түһэбит.  Бастакы буһарыыбыт кэннэ арбузпут хаҕа дьэҥкир буола охсор.

Барыанньабытын буспут иһитигэр ыга хаппахтаан, 12 чаас туруорабыт. Бу сироп арбуз хаҕыгар иҥэрин туһугар оҥоһуллар. Иккис буһарыыбытыгар эмиэ 15 мүнүүтэ устата тэптэрэбит. Онтон эмиэ күн аҥаара туруора түһэн баран, үһүстээн буһарабыт. Стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутабыт, оргутуллубут, сойбут хаппахтарынан ыга хаппахтаан кэбиһэбит. Кыһын устата дьикти минньигэс амтаннаах, сайыҥҥы күнү санатар көмүс өҥнөөх барыанньаны амсайабыт.

Малина эбэтэр дьэдьэн хаптаҕаһы кытта

2 киилэ дьэдьэни эбэтэр малинаны бааҥкаҕа толору кутабыт. Хаптаҕас суогун 400 гр ыган баран, онно 600 г саахары суурайабыт. Бааҥкалаах отоммутугар кутан кэбиһэбит. Бааҥкабытын 20 мүнүүтэ стерилизациялаан ылабын.

Сарбынньахтан желе

Бу барыанньаҕа сарбынньах (рябина) уонна саахар пропорцията тэҥ буолуохтаах.

Отоммутун сууйан баран, 2-3 мүнүүтэ оргуйбутунан уунан саба кутан туруора түһэбит. Онтон 10-ча мүнүүтэ тымныы уунан сууйан сойутабыт. Маныаха отону киистэтигэр хаалларыахха эбэтэр биир-биир араартаан кэбиһиэххэ сөп.

Кып-кыра ууга буһарабыт. Онтон ньыһыйан кэбиһэбит. Саахар эбэн баран, 5-7 мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт. Бааҥкаларга кутарбытыгар үрдүгэр биирдии ньуоска водка кутабыт, хаппахтаан баран тымныы хараҥа сиргэ харайабыт.

Сарбынньахтаах дьаабылыка сироба

1 кг дьабылыканы ыраастыыбыт, тэбис-тэҥ өлүүлэргэ араарабыт. Биир суукка саахарынан таммалатан сытыара түһэбит.

Ууланан тахсыбытын сүөкээн ылабыт, дьаабылыкатын барыанньалаан кэбиһэбит.

Сууйуллубут, куурбут сарбынньах отонугар дьаабылыкаттан тахсыбыт сироппутун кутабыт уонна эмиэ хонноробут. Сарсыарда бу маассабытын 5 мүнүүтэ оргутан ылабыт. Бааҥкаларга кутан сөрүүн сиргэ харайабыт.

Дөлүһүөн барыанньата

1 кг дөлүһүөн аһын отуттан, сиэмэтиттэн ыраастыыбыт. 2 мүнүүтэ кыра ууга бланшируйдуубут.

1-1,2 кг саахары кыратык уулаан сироп оҥоробут. Дөлүһүөммүтүн сиропка кутан 3-4 чаас туруорабыт. Онтон 5 мүнүүтэ оргутан ылабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....