05.07.2019 | 11:30

БАРЫ КҮҮҺҮ – ШАШЛЫККА!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Наталья КЫЧКИНА

Уһун кыһынтан сылайан, сааскы чаҕылхай күннэр күлүмүрдүү үүннүлэр да, киһи айылҕаҕа, сибиэһэй салгыҥҥа талаһар. Быйылгы сылга маайбыт бырааһынньыктарыгар Арассыыйа дьоно холбоон уонча хонук сынньанабыт. Бу күннэри, сынньалаҥнары үксүн шашлыгы кытта сибээстиибит. Ким, ханна, хаһан, кимниин, хаска? Куорат дьоно үксүн бэлэм эти ылан тыаҕа, даачаҕа, чааһынай ыалларга “атаакалыыбыт”. Хаар ууллуоҕуттан сэмээр тэлгэһэлээх ыаллар диэки үтүө харахпытынан көрөбүт, албыннаһардыы ньымааттаһан кэпсэтэбит. Уонна ханна барыахпытый, таас дьиэҕэ хаайтаран олорооччулар? Оттон шашлык да шашлык дэһэбит да, бу аспыт хаһан, хантан баар буолбутай?

Шашлык историята

Шашлык биир саамай былыргы үйэтээҕи аһынан биллэр. Ол эбэтэр орто дойдубутугар уот баар буолуоҕуттан ыла өбүгэлэрбит эти уокка үтэн сиэн саҕалаабыттар. Оттон бу тылбыт “шиш-шомпол” диэн азербайджан тылыттан тахсар эбит. Илин дойдуларга шашлыгы кебаб диэн ааттыыллар, ол аата “уута суох ыһаарыламмыт ас” диэн. Люля-кебаб, дейм-кебаб, тава-кебаб – бары шашлыктар, арай буһарыллар ньымалара эрэ атын.

Билигин дьон араас эттэн шашлыгы бэлэмниир. Көтөр буоллун, түөрт туйахтаах кыыл буоллун, бэл, балык, оҕуруот аһа шашлыктар бааллар.

Шашлык бэлэмнииргэ, бары да билэрбит курдук, анал мангал, шампур наада. Оттон тыаҕа, ойуурга сылдьан эр дьон талаҕынан да оҥорон буһарааччылар. Бу шампурдары умнан, мөҕүллүү-таҥыллыы кэнниттэн...  Аны шампурдарга биирдии анньан эрэйдэммэккэ, сеткаҕа, гриль эбэтэр барбекю диэн ааттанар тэрилгэ тэлгэтэн буһарар эмиэ сууххай, чэпчэки.

Шашлыгы буһарыыга ордук эр дьону итэҕэйэллэр. Маевкаҕа, походка сүрүн оруолу кинилэр толороллор. Дьахталлар эти иилэн биэрээччинэн, иһити-хомуоһу дьаһайааччынан, салаат быһааччынан сылдьаллар.

Маевкаҕа тугу ылан барабыт?

«Кылаабынайа, тугу да умнубатах киһи” диэн бириинсиби үгүс хаһаайка туттар буолуохтаах.

Онон, туох наадатын санатабыт:

Мангал;

Шампур;

Уматар убаҕас;

Илиигитин киртиппэт туһугар, таҥас бэрчээкки;

Биирдэ туттуллар иһиттэр;

Салфеткалар – кураанах уонна инчэҕэй;

Быһах;

Шашлыкка кутуллар соус, майонез;

Иһэр, суунар уу;

Эт кырбыыр дуоскалар;

Соттор;

Аптечка;

Помидор, оҕурсу;

Араас сокууска;

Волейбол, лапта мээчигэ, бадминтон;

Гитара, магнитофон;

Хомуллар остуол, олоппостор;

Ыскаатар;

Кэнсиэрбэ арыйар;

Иһит-хомуос;

Фотоаппарат;

Бөх угар мөһөөччүктэр;

Палатка;

Биэдэрэ;

Испиискэ.

Ньам-ньам...

Дьэ, билигин ааҕааччыларбар шашлык минньигэс ырысыаптарын биэрэбин.

Эрэмээннии шашлык

1 киилэ сибиинньэ эбэтэр бараан этэ;

6 ост. ньуоска уулларыллыбыт арыы:

60 мл гранат суога;

3-4 луук;

1 тутум сибиэһэй петрушка;

Хара биэрэс;

Туус.

Эккитин сууйаҕыт, ыраастаан баран хоһуоччуктуу быһаҕыт. Лаахтаах иһиккэ эккитин уган баран биэрэстиигит, уулларбыт арыыгытын, төгүрүктүү быһыллыбыт луук, гранат суога кутаҕыт. Барытын үчүгэйдик булкуйан хаппахтыыгыт уонна тымныы сиргэ 1,5-2 чаас туруораҕыт.

Бу кэннэ эккитин хостоон баран туустуугут, шампурдарга анньан чоххо буһараҕыт. Остуолга биэрэргитигэр, ордубут суоккутун, петрушканы таммалатыҥ.

“Любительскай” шашлык

1 киилэ бараан этэ;

3 тутум күөх луук;

1 тутум петрушка;

1 тутум укроп;

Хара биэрэс;

Туус.

Эккитин сууйан баран кырбыыгыт, уҥуоҕуттан араарбаккыт. Буспутун кэннэ бытархайдыы кырбаммыт петрушка, укроп уонна күөх луук кутаҕыт.

Таба этиттэн шашлык

1 киилэ таба этэ;

400 г моркуоп;

2-3 устуука эриэппэ луук;

120 мл үрүҥ сухуой арыгы;

12 устуука төгүрүк хара биэрэс уонна гвоздика;

Лавр сэбирдэҕэ;

Хара биэрэс;

Туус.

Эккитин сууйан баран куурдаҕыт, бысталыыгыт, биэрэс, төгүрүк биэрэс, лавр сэбирдэҕэ, гвоздика, чараас гына кырбаммыт моркуоп, бытархайдыы быһыллыбыт луук кутаҕыт. Барытын булкуйан баран үрүҥ арыгы кутаҕыт уонна суукка устата тымныы сиргэ туруораҕыт.

Куурусса этиттэн шашлык

1 орто куурусса;

250 мл кефир;

Кууруссаҕа аналлаах тума;

Хара биэрэс;

Туус.

Бэлэм кууруссаны ылан кырбыыгыт, лаахтаах миискэҕэ уган баран туустуугут, тумалыыгыт, ол кэннэ үрдүгэр кефир кутаҕыт. Кефир эккитин толору сабыахтаах. Тымныы сиргэ 10-12 чаас туруораҕыт.

Сибиинньэ этиттэн уксустаах шашлык

1 киилэ эриэппэ луук;

1,5 л уу;

2 киилэ сибииинньэ этэ;

3 ост. нь. Уксуус;

2 ост. нь. Туус;

2 ост. нь. Саахар;

Хара биэрэс бэйэ сөбүлүүрүнэн.

Эккитин кырбаан баран луугу бөдөҥ гына тиэрбэстии кырбыыгыт уонна миискэҕэ эт+луук гына араҥанан уураҕыт, эккитин биэрэстиигит. Маринад бэлэмниигит (ууга туус, уксуус уонна саахар), эккит үрдүгэр кутаҕыт, ол кэннэ түүн устата холодильникка уураҕыт.

Убаһа этиттэн шашлык

Эти кырбыыгыт, шашлыкка аналлаах приправа кутаҕыт, кыратык туус эбэҕит. 3 ост. нь. мас арыыта, биир луук, 1 ч. нь. уксус эбиллэр. Илиигитинэн үчүгэйдик булкуйаҕыт уонна тымныы сиргэ уураҕыт. Баар буоллаҕына, оҕурсу ороһуола кутуоххутун сөп, оччоҕо уксус кутуллубат.

Маринадтар

Лимоннаах маринад. Биир-икки лимон суогун уксус оннугар кутаҕыт. Маны таһынан эриэппэ луук, мас арыыта (оливковай ордук), хара бытархай уонна төгүрүк биэрэс, лавр сэбирдэҕэ. Икки киилэ сибиинньэ этигэр 2-3 луук сөп буолар, түөрт остолобуой ньуоска арыы. Атыттары бэйэ сөбүлүүрүнэн.

Кофелаах маринад. Икки киилэ сибиинньэ этигэр 4 ост. нь. оливки арыыта, 4 устуука төгүрүктүү быһыллыбыт эриэппэ луук, 1 лиитэрэ итии кофе. Бу кофенан эккитин саба кутаҕыт, тымныйбытын кэннэ холодильникка угаҕыт. Эттээх маринаккыт алта чааһынан сөп буолар.

Кефирдаах маринад. 2 киилэ сибиинньэ этигэр кыра бырыһыаннаах биир лиитэрэ кефир, араас тума, улахана суох түөрт эриэппэ луук наада. Луугу тиэрбэстии эбэтэр бытархай гына кырбыыгыт, эккитигэр туус, тума кутан баран кефиринэн бүрүйэҕит. 4 чаас тымныы сиргэ уураҕыт. Маннык маринад куурусса да, ынах да этигэр барсар.

Минеральнай ууга маринад олус судургутук оҥоһуллар. Балтараа лиитэрэ газировкалаах минеральнай уу ылаҕыт, күөх үүнээйи, тума, туус, 3 эриэппэ луук наада. Оннооҕор кытаанах ынах этэ 4 чаас бу маринадка турдаҕына сымныыр. Санатар буоллахха, маринадкытыгар эмтээх-остолобуой минеральнай ууну куппаккыт.

Гранатовай суоктаах маринад. Биир киилэ эккэ икки ыстакаан гранат суога, хас да тутум күөх от (кинза, мята, базилик), элбэх соҕус бытархай хара биэрэс уонна биир улахан эриэппэ луук. Эти маннык маринадка 10 чаас эбэтэр суукка туруораллар. Ордук бараан уонна сибиинньэ этигэр барсар.

Шашлыкка аналлаах маринад ырысыаба сүүһүнэн баар. Ордук соевай соус, мүөт, кыбаас, пиибэ, томат суога, хартыыһа, дьаабылыка уонна бальзамическай уксуус, онтон да элбэҕи тутталлар. Бу биэрбит ырысыаптарбытын көрөн, талан, астаан, бырааһынньыктаргытын умнуллубаттык атаараргытыгар баҕара хаалабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...