31.12.2022 | 15:00

Бараан балаһыанньата тупсуоҕа, оттон Ооҕуйу уларыйыылар күүтэллэр

Бараан балаһыанньата тупсуоҕа, оттон Ооҕуйу уларыйыылар күүтэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саҥа 2023 сыл Хара Кролик (биһиэхэ, сахаларга, Куобаҕа чугас курдук) сыла үүнээри турар. Илиҥҥи халандаарынан, төһө да дойдубутугар ыарахан кэмнэр буоллаллар, кэлэр сыл барыбытыгар эрэли уонна сырдыгы үөскэтэр. Хараҥа түүн кэнниттэн хаһан баҕарар күн тахсар. Онон бары кэрэни, кэскиллээҕи, үтүөнү эрэ ыраланыаҕыҥ. 

Бараан

Сылгыт холку буолуо суоҕа, ол гынан баран үөскүүр ыарахаттары утары охсуһууга сулустар көмөлөһүөхтэрэ уонна улахан ситиһиини түстүөхтэрэ. Юпитер – дьолу-соргуну уонна табыллыыны аҕалар планета ыам ыйыгар диэри эн бэлиэҕэр баар буолуоҕа. Ол аата эйигин үчүгэй настарыанньа уонна ситиһии арыаллыахтара. Сыл бастакы аҥаара – үлэҕэ көхтөөх буолуу уонна бэйэни көрдөрүү кэмэ, маныаха өрө дабайыылар да, аллара түһүүлэр да баар буолуохтарын сөп. Сыл иккис аҥаарыгар үп-харчы балаһыанньата тупсан, ыра санаа оҥостубут сорох малларгын атыылаһар кыахтаныаҥ.

 

Оҕусчаан

Үүнэр сыл туруоруммут сыалгын чугаһатар туһугар элбэх сыраны, үлэни эрэйэр. Үгүһү-элбэҕи атын хараххынан көрүөҥ. Олоҕуҥ үчүгэй өттүгэр уларыйыан, атын сиргэ көһөн барыаххын сөп. Сыл бастакы аҥаара карьераҕар соччо табыгаһа суох. Ол эрээри урукку кыһалҕалары сөпкө быһаарар кыах үөскүө, инниҥ диэки хардыылыыр туһуттан бары мэһэйдэртэн босхолонуоҥ. Сыл иккис аҥаара үлэҕэ-хамнаска үтүө уларыйыылары тосхойуоҕа, олоҕуҥ уйгута тупсан киирэн барыаҕа.

 

Игирэлэр

Игирэлэр былааннарын Куобах хаста даҕаны уларытыаҕа. Сорох уларыйыылары сөбүлүөҥ суоҕа эрээри, бары тупсууттан атыны аҕалыахтара суоҕа. Олус элбэх идеялааххын, былааннааххын, ону доҕотторуҥ уонна биир санаалаахтарыҥ син биир өйүөхтэрэ. Бэйэҥ быһаарыылаах уонна сэрэхтээх буолууҥ үчүгэй түмүктэри аҕалыаҕа. Муус устар ый бүтэһигэр уонна ыам ыйын саҥатыгар доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур, араас инфекцияны хабыаххын сөп. Тус олоҕуҥ боппуруостарын быһаарарга сыл иккис аҥаара ордук табыгастаах.

 

Араак

Куобах сылыгар үлэҕин-хамнаскын уонна карьераҕын таарыйар дьоһуннаах уларыйыылар күүтэллэр. Сыл бастакы аҥаарыгар үлэҥ эбэтэр үлэҥ хайысхата уларыйыан сөп. Сорох түгэннэргэ сыалгын-соруккун хаттаан көрөргө күһэллиэҥ. Ыам ыйыттан саҕалаан ситиһии, табыллыы төннүө, ону тэҥэ сүрүн былааннарыҥ олоххо киириэхтэрэ. Сорох ыра санааларыҥ туолуохтарын сөп. Сыл иккис аҥаара тус олоххор дьоһуннаах уларыйыыны аҕалыа, соҕотох Араактар олохторун аҥаарын көрсүөхтэрин сөп.

Хахай

Бу сыл хахайдарга интэриэһинэй, ситиһиилээх уонна олох араас эйгэтигэр өрө тахсыылаах буолуоҕа. Ордук тустаах үлэҕэ билинии, арыллыы, киэҥ сабыдыал күүтэр. Ол эрээри бэйэ кыаҕын аһара сыаналанан, араас кыһалҕаҕа киирэн биэрэр куттал баар. Кыһыл көмүһү эрэннэрэр дьоҥҥо итэҕэйимэ, бэйэҥ эмиэ эрэннэриилэри биэримэ, син биир толоруоҥ суоҕа. Сыл иккис аҥаарыгар карьераҕа үрдээһин, үлэҕэ улахан уларыйыылар тахсыахтара.

 

Кыыс Куо

Бу сыл Кыыс Куоларга элбэх уларыйыыны аҕалыа, онно төһө да бэлэмэ суоҕуҥ, сөбүлээбэтэҕиҥ иһин, туһаттан атыны аҕалыахтара суоҕа. Сыл бастакы аҥаарыгар наадалаах сибээстэр эбии дохуоту аҕалыахтара эбэтэр нэһилиэстибэ ылан, олоҕуҥ уйгута тупсуо. Ол быыһыгар, дьоҥҥо наһаа итэҕэйэр буолаҥҥын, үп-харчы ороскуоттанар куттала баар. Куобах сыла ыал буолбут дьоҥҥо баайгыт-дуолгут үрдүүрүгэр көмөлөһүөҕэ. Сыл иккис аҥаара карьераҕа уонна үлэҕэ ордук ситиһиилээх.

 

Ыйааһыннар

Тус олоххо сыһыаннаах дьылҕа уларыйыыларын тосхойор кэм. Туһалаах сибээстэри уонна саҥа билсиһиилэри олохтуур, ситиһиилэри сиэтэн аҕалар сыл үүнээри турар. Барыстаах этии киириэн сөп. Соҕотох Ыйааһыннар дьоллоох дьиэ кэргэн тэриниэххитин сөп. Муус устар бүтүүтэ — ыам ыйын саҥатыгар быһыы-майгы бүддьүөккүн хаттаан көрөргө күһэйиэ. Үбү-харчыны угууга болҕомтолоох буол. Сыл иккис аҥаарыгар үп-харчы балаһыанньатын тупсарар кыах үөскүөҕэ.

 

Ооҕуй

Бу сыл Ооҕуйдарга хас да дьоһун уларыйыыны аҕалыа. Бу уларыйыылар, бастатан туран, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаны кытта ситимнээхтэр. Онно барытыгар бэлэмнээх буолар улахан суолталаах, оччотугар бу кэми сүтүгэ суох туоруоҥ. Үлэҕэ эмиэ уларыйыы баар буолуон сөп. Ордук муус устар бүтүүтэ — ыам ыйын саҥатыгар тус олоххор сыһыаннаах уларыйыыларга болҕомтоҕун уура сырыт. Сыл бастакы аҥаара эр-ойох буоларга соччо сөбө суох. Оттон сыл иккис аҥаара, төттөрүтүн, ыал буоларга, партнердары кытта дуогабардаһарга, араас сыһыаны олохтуурга табыгастаах.

 

Охчут

Сыл устата планеталар эйиэхэ үчүгэйдик сабыдыаллыахтара, ол олоҕуҥ усулуобуйата биллэрдик тупсарыгар көмөлөһүөҕэ. Сыл бастакы аҥаарыгар настарыанньаҥ биллэ үрдүө. Быһыы-майгы табыллан, ыарахаттары туоруурга көмөлөһүө. Сулустар билсиһииҥ эргимтэтин кэҥэтэхтэрэ. Аҥаардас сылдьар дьону романтическай көрсүһүүлэр уонна дохсун романнар күүтэллэр. Тус олох боппуруостара кэбэҕэстик быһаарыллыахтара, ону тэҥэ үп-харчы да эбиллиэҕэ. Сыл иккис аҥаарыгар үлэҕэ уларыйыы күүтэр. Бу саҥа үлэни көрдүүргэ эбэтэр саҥа бырайыагы саҕалыырга табыгастаах.

 

Чубуку

Сыл устата араас былаан киириэҕэ, булкуллуу да баар буолуоҕа. Эйигин салайар Сатурн планетаҥ үлэҕэр, дьыалаҕар мэһэйдэри үөскэтиэн сөп. Куруук билсэр аймахтаргын, чугас дьоҥҥун кытта ыкса сибээстээх эбээһинэстэргэр болҕомтолоох буол. Сыалларгын эбэтэр ситиһиилэриҥ ньымаларын хаттаан көрөргө сөптөөх кэм. Сыл бастакы аҥаарыгар дьиэ кэргэни, ыалы кытта ситимнээх боппуруостар уонна кыһалҕалар сытыытык туруохтара. Олоҕуҥ усулуобуйатын тупсарарга дьулуһуоҥ, онон хамсаабат баайы-дуолу атыылаһыы, өрөмүөннээһин эбэтэр дьиэ тутуутун боппуруостара туруохтарын сөп. Сыл иккис аҥаара урукку былааннаргын, ыра санааларгын олоххо киллэрэргэ кыах биэриэҕэ.

 

Күрүлгэн

Бу сыл эйиэхэ доҕотторгун уонна биир санаалаахтаргын кытта санаа атастаһыыга тирэх буолуоҕа. Айымньылаах, айар үлэ кыаҕа улаатыа, романтическай баҕа санаа, толкуй олоххо киириэхтэрэ. Кулун тутарга үп-харчы эбиллиэ. Күннээҕи быһыы-майгы сүрүн, тутаах боппуруоһу туруоруо, онтон хайатын таларыҥ эн муударай эппиэккиттэн тутулуктаныа. Бу кэмҥэ дохуот улаатар буоллаҕына, дьаныардаах үлэнэн эрэ муҥурданыа. Муус устар бүтүүтэ — ыам ыйын саҥатыгар дьиэ кэргэҥҥэ, чугас дьоҥҥо сыһыаннаах ыарахаттары көрсүөххүн сөп. Сыл иккис аҥаарыгар чугас урууларгар, саастаах төрөппүттэргэр көмө наада буолуон сөп.

 

Балыктар

Балыктарга бу сылга планеталар сабыдыаллара үчүгэй. Материальнай турук тупсуута уонна сайдыы саҥа кыахтара күүтэллэр. Сыл бастакы аҥаара хамнас үрдээһинин кытта барыстаах үлэни булар эбэтэр эбии дохуот аахсар кыаҕы биэриэҕэ. Кулун тутартан болҕомтоҕун бэйэҕэр уонна тус сыалларгар хатаа. Бу кэмҥэ олох эйиэхэ үрдүк ирдэбиллэри туруоруон сөп. Бэйэҥ иннигэр чахчы сыал-сорук туруорунар кыахтааххын. Сыл иккис аҥаарыгар интэриэһинэй көрсүһүүлэр, саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Туох эрэ саҥаҕа үөрэниэҥ, уларыйыаҥ, аан дойдуну көрүүлэриҥ эмиэ уларыйыахтарын сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....