Баппаҕаайылар ЫҤЫРЫЫ таһаардылар
История кэрэһилииринэн, уҥмат тыҥалаах быһыйдар Афанасий Алексеев, Илья Федоров, мас тардыһыытыгар Кэрэчээнэ Николаева, Юрий Протопопов, спортиҥҥа Артур Николаев, бокска Марк Харлампьев курдук, араас сылларга бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр, Саха сирин, Арассыыйа, Европа уонна аан дойду чөмпүйүөннэринэн, призердарынан буолуталаабыт киэн туттар спортсменнардаахтар. Кинилэр үтүө холобурдарыгар олоҕуран, 2018 сыллаахха нэһилиэнньэ 80% физкультуранан уонна спордунан дьарыктанарга ылыммыт соруктарын быйыл толордулар.
Илбэҥэ бөһүөлэгэр сэтинньи 18 күнүгэр үөрүүлээх дьоро күн буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, физическэй култуура уонна маассабай спорт управление начаалынньыга Роман Оконешников салайааччылардаах физическэй култуураҕа уонна спорка көҕүлүүр чөкө бөлөх тиийэн үлэлээтэ. Манна маассабай спорт управлениетын отделын салайааччыта Зинаида Афанасьева, Чикаго, Бостон, Нью-Йорк, Берлин аан дойдутааҕы марафоннарын медалиһа Петр Захаров маастар-кылаастара болҕомтонон туһаннылар. Баппаҕаайылар биир дойдулаахтара, 1950-60 сылларга уҥмат тыҥалаах аатырбыт сүүрүк-быһый, 1960-80 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун салайбыт, билигин өрөспүүбүлүкэ спорка министиэристибэтин коллегиятын, мнистиэристибэ Уопсастыбаннай сэбиэтин уонна бэтэрээннэр сэбиэттэрин чилиэнэ, 88 саастаах Афанасий Егорович Алексеев көх-нэм буолан, тылын-өһүн, өйүн-санаатын тиэртэ.
Кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Иван Иванович Евсеев, улуус физическэй култуураҕа уонна спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Степанович Евсеев кытыннылар. Волейболга, остуол тенниһигэр, буулдьанан ытыыга, хабылыкка-хаамыскаҕа күрэхтэһиилэр буоллулар.
Биологическай наука кандидата, удьуор булчут, айылҕа харыстабылын туруу үлэһитэ Егор Николаев баһылыктаах нэһилиэк дьаһалтатын, ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев аатынан Виталий Макаров дириэктэрдээх орто оскуола кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин, нэһилиэк олохтоохторун кытта көрсүһүүлэр буоллулар. Физическэй култуураҕа уонна спорка үрдүк көрдөрүүлээхтэргэ наҕараадалар туттарылыннылар, үлэҕэ-олоххо, спорка көхтөөх нэһилиэккэ спортивнай инвентардарынан, үбүнэн-харчынан материальнай көмөлөр оҥоһулуннулар.
Кэлэн иһэр 2023 сылга Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын сүүс сылын көрсө нэһилиэнньэ физкультуранан уонна спордунан 100% дьарыктанар буолуутун ситиһэргэ баппаҕаайылар ЫҤЫРЫЫ ылыннылар. Саҥа төрөөбүт оҕолору, аарыма аҕам саастаахтары кэтээн көрүүлэртэн, илбийиилэртэн саҕалаан, күннэтэ хамсана-имсэнэ сылдьар сүөһү иитиитин үлэһиттэрэ, төгүрүк сыл эргиччи, тоһуттар тымныыларга айылҕаҕа сылдьан буһар-хатар, тулуурдаах, эрчимнээх сылгыһыттар, булчуттар, балыксыттар физкультуранан уонна спордунан дьарыктанааччылар быһыытынан ааҕыллаллара саамай сөп.
Ыҥырыыны олоххо киллэрэргэ табыгастаах усулуобуйалар тэриллэллэр. Илбэҥэ бөһүөлэгэ бүтүннүүтэ киин ититэр ситимҥэ холбоммут. 1986 с. үлэҕэ киллэриллибит “Эрэл” арочнай спортивнай саала хаттаан өрөмүөннэнэн үлэлээн тигинии турар. Сылаас, сырдык, киэҥ-куоҥ саалаҕа сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри оҕолор, ыччат, аҕам саастаахтар анал расписаниенан спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктаналлар. Эрчим, күүс-уох ылаллар, чөл, чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһаллар. Кинилэр ортолоругар Валерий Лыткин салайааччылаах “Эликос” хамсааһын өрө тутуллар. 13 Герой ийэ, сүүс саастарын ааспыт кырдьаҕастар үтүө хамсааһыҥҥа төһүү күүс буолаллар.
Өрөспүүбүлүкэ 450 нэһилиэгэр үтүө холобур!
Баппаҕаайылар Ыҥырыылара үгүс батыһааччылардаах буоллун!