Балбаах сокуона
Кулун тутар 1 күнүттэн дьиэ кыылын иитиигэ тахсар тобоҕу дьаһайыыны бэрээдэктиир, норуокка номнуо “балбаах сокуона” диэн ааттаммыт саҥа сокуон олоххо киирдэ.
Бу докумуон сүөһү киитин, дьиэ кыылын сааҕын харайыыга кэккэ ирдэбиллэри олохтуур. Дьиэ кыылын иитиитигэр тахсар тобоххо киирэллэр: сүөһү киитэ, көтөр сааҕа, убаҕас тобох уонна хотуул.
Сүөһү сааҕа (киитэ) III-IV кылаастаах кутталлаах тобоххо киирсэр, ол эрэн бу киирэр сокуонунан, сүөһү сааҕын тобох (отход) буолбакка «побочный продукт» диэн ааттыыллар, ол аата туһаҕа тахсар бородууксуйа буолуон сөп диэн өйдөбүллээтилэр. Сүөһү сааҕын, холобур, оҕуруокка, ходуһаҕа туһанан кэлбиппитин курдук туһаныахпыт турдаҕа.
Судургутук быһаардахха, бу үөһээ этиллибит сүөһүттэн, дьиэ кыылыттан, көтөрүттэн тахсар бородуукта статуһа мөккүөрү үөскэтэр эбит буоллаҕына, билигин тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара бу тобох туохха сыһыаннааҕын бэйэлэрэ быһаараллар. Икки суол баар – сааҕы уоҕурдуу быһыытынан туттуохха эбэтэр тобох диэн сүрэхтиэххэ сөп. Уоҕурдуу оҥостор буоллаххытына, кэккэ быраабыланан харайыахтааххыт. Тобох диир буоллаххытына – тулалыыр эйгэҕэ таһаарар хоромньуну харчынан толуйуохтааххыт.
Бу иннинэ хонтуруоллуур уорганнар ынах сааҕын быһаччы тобох диир эбит буоллахтарына, билигин фермердэргэ талар кыах бэрилиннэ. Хаһаайыстыбалар ыам ыйын 1 күнүгэр диэри быһаарыныахтаахтар – Россельхознадзорга сүөһүлэрин сааҕын хайдах туһаналларын иһитиннэриэхтээхтэр.
Иһитиннэрии тиийбэтэҕинэ, сүөһү киитин уонна көтөр сааҕын тобоҕунан билинэллэр уонна харалла сытыытын айылҕаны киртитии быһыытынан ылыналлар.
Чааһынай сүөһүлээхтэри таарыйбат...
Сокуон бөдөҥ хаһаайыстыбалары, сүүһүнэн хороҕор муостааҕы, көтөрү-сүүрэри тутар, сүүһүнэн туонна сааҕы күннэтэ таһаарар хаһаайыстыбалары бэрээдэктиир.
Ол эрэн, экспертэр суруйалларынан, саҥа сокуоҥҥа юридическэй сирэйдэри сэргэ индивидуальнай предпринимателлэр, дуоһунастаах сирэйдэр, бааһынай (крестьянскай, фермерскэй) хаһаайыстыбалар кытта ыйылла сылдьаллар. Ол аата кинилэр үлэлэрин эмиэ кыраҕытык кэтиэхтэрэ.
Саҥа сокуоҥҥа чааһынай хаһаайыстыба (ЛПХ – личное подсобное хозяйство) туһунан туох да суох. Ол эрэн кинилэри кытаанах ирдэбиллэр ытарчалыы ылыахтара суоҕа диэн ким да эрэннэрбэт. Ол иһин социальнай ситимнэринэн, интэриниэт эйгэтинэн улахан кэпсэтиилэр тахса сырыттылар. Балбаах сокуонун ыт сокуонун курдук бас баттах, баламаттык уонна соһуччутук үөһээҥи чөмчөкөлөр ылыннылар, боростуой, кыра-хара дьоҥҥо бу уларыйыылар хайдах иэҕиллэн тахсыахтарын ким да билбэт диэн дьон долгуйара эмиэ оруннаах курдук...
Билигин өрөспүүбүлүкэбитигэр чааһынай сүөһүлээхтэр үгүстэрэ ИП буолан бэйэ дьыалатын арыммыттарын регистрациялыыллара, судаарыстыбаттан туох эмэ өйөбүл ылаары урбаанньыт аатын сүгэргэ дьулуһар буолбуттара баар суол. ИП буолбут эрэ киһи граҥҥа кыттар, үүтүгэр субсидия ылар...
Саҥа сокуон көҥүл мэччийэр кыыллары таарыйбат, ол аата сылгыһыттар уонна табаһыттар “һуу” диэхтэрин сөп.
Ороскуоттаах буолсу
Олунньу 16 күнүгэр Госдуумаҕа бастакы ааҕыыга сүөһүнү иитии тобоҕун харайыы быраабылатын кэһии иһин ыстарааптары олохтуур сокуон бырайыагын ылыннылар.
Сокуон бырайыагар маннык ыстарааптар олохтоноллор:
– Дуоһунастаах сирэйдэртэн – 30-40 тыһ. солк.
– ИП-лартан – 50-60 тыһ. солк.
– Хампаанньалартан – 250-350 тыһ. солк.
Быраабыланы иккистээн кэһиигэ:
– Дуоһунастаах сирэйдэртэн – 40-50 тыһ. солк.
– ИП-лартан – 60-70 тыһ. солк.
– Хампаанньалартан – 350-450 тыһ. солк.
Бастакы сылыгар саҥа сокуон боруобалааһын быһыытынан үлэлиэҕэ диэн суруйаллар. 2023 сыл устата тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччылары соччо-бачча ыстарааптыа суохтара, сэрэтиинэн муҥурданыахтара диэн сабаҕалааһын баар.
Хонтуруоллуур уорганынан “Россельхознадзор” ананна. Онон хаһаайыстыбалаах тэрилтэлэр 2023 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр диэри «Россельхознадзор» Саха сиринээҕи управлениетыгар сайабылыанньа илдьэн туттарыахтаахтар. Онтулара бу мин саахпын кэнники туттабын, бэйэм туһанабын диэн ис хоһоонноох буолуохтаах.
Көҥүл кэннэ тобоххутун (балбааххытын) анал балаһааккаҕа мунньуохтааххыт, сарайдыахтааххыт, уу курдат түһэр анал ханаабалаах буолуохтаах. Биир сыл ааспытын кэнниттэн бэйэҕитигэр туһанаргыт көҥүллэнэр. Ол аата саҥа сокуон хаһаайыстыба бэйэтин сүөһүтүн хойуутун аналлаах эрэ сиргэ балбаахтаан, биир сыл курулатан сытыаран эрэ баран, бааһынаҕа, оҕуруокка уоҕурдуу быһыытынан туттуохтааҕын, туһаҕа таһаарыахтааҕын ирдиир. Ол эрэн сүөһү хойуута чопчу ханна муньуллуохтааҕар ирдэбил суох, көннөрү “анал миэстэҕэ хараллыахтаах” эрэ диэн ирдэбил турар.
Аны туран курулаабыт сүөһү сааҕыттан хайаан да анаалыс туттарыллыахтаах, ол анаалыс сыаната билиҥҥитэ 5000 солк. эбит.
Маннык анаалыс Саха сиригэр оҥоһуллубат, онон предпринимателлэр анаалыска ыытар саахтарын Амур уобалаһыгар утаарыахтара.
Сахалар сүөһүбүт сааҕын харайа үөрүйэхтээхпит. Кыһын балбаахтаан тоҥорон баран сааһыары сыбаалкаҕа тиэйэр үгэстээхпит. Билигин ол тиэйэн таһааран уурар сирбитигэр туспа ирдэбил олохтонор. Ол ирдэбиллэри, бастатан туран, муниципалитет, олохтоох бэйэни салайыныы уоргана толоруохтаах.
Ыстараап суумата хаһаайыстыбаларга охсуулаах буолсу, төлөбүрдээх анаалыс эмиэ туһунан ороскуокка тэбииһи... Ил Түмэҥҥэ бу боппуруос тула төгүрүк остуоллар ыытыллыахтаахтар. Салҕыы Госдуумаҕа баар 5 дьокутааппыт нөҥүө этиилэр барыахтаахтар...
«Туох да диир кыахпыт суох»
Дьокуускай куорат агропояһын бөдөҥ хаһаайыстыбалара – ынах сүөһүнү иитэр “Баҕарах” ХЭТ уонна Хатастааҕы свинокомплекс салалталара бу сокуону туох дии саныылларын, хайдах дьаһаныахтарын ыйыталаспыппытыгар: “Билиҥҥитэ туох да диир кыахпыт суох. Бэйэбит да өйдөөбөккө олоробут...”, - диэнинэн муҥурданнылар.
Сокуону билбэт буолуу эппиэтинэстэн куоттарбат, онон саҥа быраабылаларынан олорорго, сөпкө дьаһанарга кыһалла сатыырбыт эрэ хаалла. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, сабаҕалааһын быһыытынан, кыра нэһилиэктэр сүөһү хойуутун харайар полигоннары тэриниэхтэрин сөп (баларыҥ билигин сокуон ирдэбиллэригэр эппиэттиир гына балбаахтааҕар буолуох, сыбаалкаларын да дьаһаналлара ыарахан), оттон киин сиргэ баар хаһаайыстыбалар бэйэлэрин хотоннорун таһыгар балбаах харайар сирдэри туттуохтарын сөп диэтилэр.
Татарстан Аҕа Баһылыга бу саҥа сокуону утарарын биллэрбит видеота социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕанна. Оттон биһиэхэ Ил Түмэн дьокутааттара бар дьоннорун туһугар тугу эмэ тобулуохтарын сөп этэ...