19.03.2020 | 11:21

Балбаах оҥоһуктар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьааҥы улууһун Адыаччы бөһүөлэгиттэн олохтоох библиотека үлэһитэ Любовь Горохова тобохтон туһалааҕы оҥорон таһаарар биир дойдулааҕын Гаврил Слепцов туһунан суруйбут: “Гаврил Петрович 15-с сылын хаарынан, 4-с сылын балбааҕынан арааһы оҥорон, Саҥа дьылга түөлбэтин дьонун үөрдэр, бэйэтэ айар киhи дуоhуйуутун ылар ураты умсулҕаннаах дьарыктаах. Саҥа дьылга 900-тэн тахса нэhилиэнньэлээх бөhүөлэкпитигэр күүтүүлээх солбуллубат Тымныы оҕонньор оруоллаах. Иллэҥ кэмигэр спорт көрүҥнэриттэн: уhун дистанцияҕа сүүрүүнэн, волейболунан, хабылык, хаамыска оонньуунан дьарыктанар. Сыанаттан түспэт ырыаhыт. Оройуоннааҕы «Аҕа күрэҕин» түөрт төгүллээх кыттыылааҕа уонна кыайыылааҕа. Кэргэннээх, 4 оҕолоох, 2 сиэннээх.

«Тобоҕу – туһаҕа» хаартысканан күрэххэ «Нэhилиэк, улуус, куорат экологиятыгар туhалаах оҥоhук» диэн көрүҥҥэ ыраах Дьааҥы Адыаччытын Хоту түөлбэтигэр турбут балбааҕынан 2020 сыл символларын хаартыскатын ыытабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...