Балаҕан ыйын 24-25 күннэригэр «Ас-үөл - 2022» дьаарбаҥка-быыстапка ыытыллар
Дьаарбаҥка-быыстапкаҕа сибиэһэй үүт, эт, балык бородууксуйата, чэй, мүөт, сыыр, оҕуруот аһа, фрукта уо.д.а. ас атыыга тахсыаҕа.
«Үгэс быһыытынан балаҕан ыйын тиһэх өрөбүллэригэр Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥка-быыстапканы тэрийэр. Тэрээһин регион аска-үөлгэ салаатын бары кыттыылаахтарын – оҥорон таһаарааччылары, фермердердэри, агрооскуолалары түмэр. Быйылгы дьаарбаҥка-быыстапка Саха АССР уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ төрүттэммиттэрэ 100 сылларыгар ананар. Муниципальнай тэриллиилэри, агропромышленнай комплекс тэрилтэлэрин көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабыт» - диир өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артем Александров.
Икки күннээх тэрээһиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын тэриллэрин уонна племенной кыылларын быыстапката ыытыллыаҕа. Итини сэргэ балаҕан ыйын 24 күнүгэр АГАТУ балаһааккатыгар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларын съеһэ буолуоҕа. Балаҕан ыйын 25 күнүгэр ипподромҥа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бирииһигэр ат сүүрүүтэ буолара былааннанар, манна өрөспүүбүлүкэ бастыҥ сүүрүктэрэ кыттыахтара.