26.09.2021 | 10:00

Олоххо туһалаах сүбэлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күннээҕи олохпутугар араас түбэлтэлэр буолаллар, онтон сиэттэрэн, ордук сокуоҥҥа сыһыаннаах мунаахсыйар боппуруостар үөскүүллэр. Ону бэлэмнээх көрсөр курдук юристар сүбэлэрин көрүөҕүҥ. 

Кыбартыыра ууга бардаҕына

Арай, үөһээ этээскэ олорор ыал кыбартыыраҕытын ууга ыыттын? Бу элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорор ыал аҕыйаҕа суохтук көрсөр кыһалҕата. Бэйэм оннукка түбэһэн турардаахпын, ол эрэн оччолорго сокуону билбэт буолан кыайан аахсыбатаҕым. Тугу гыныахтаах эбиппитий?

Үөһээ этээстэн уу тохтор биричиинэтэ элбэх – ыаллар кырааннарын саппатахтар эбэтэр турба тоҕо барбыт буолуон сөп. Итинник түбэлтэлэргэ:

Уокка оҕустарбат курдук түргэнник уот ситимин счетчигын араарабыт.

Үөһээ ыалга тахсан баар буоллахтарына ууну араарыҥ диэн этэбит.

Дакаастабылы хомуйабыт – хаартыскаҕа түһэрэбит, видеоҕа устабыт.

Дьиэни салайар хампаанньаҕа (УК) биллэрэн, сайабылыанньа биэрэн ууга барбыккыт туһунан аакта суруйтарабыт. Ити докумуоҥҥа уу туох биричиинэнэн тохтубута уонна хоромньу испииһэгэ баар буолуохтаах. Барыта чуолкайдык ыйыллан суруллуохтаах – ууга баран муоста үллүбүтэ, дьиэ мала, үрдэ, эркинэ (обуойа) ууттан эмсэҕэлээбитэ уо.д. а. хоромньу.

Ити этиллибит барыта суукка дакаастабыл быһыытынан көрүллэр. Биири өйдүөххэ наада – дакаастабылы хайа сатанарынан түргэнник, куура илигинэ хомуйабыт. Ити кэннэ хоромньу сыанатын суоттаан баран суукка биэрэбит эбэтэр суут иннинэ кэпсэтиинэн быһаарсабыт, төлөтөбүт.

Ыалгыт айдаараллар, мэһэйдииллэр

Хомойуох иһин, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ сэдэх көстүү буолбатах. Билигин өссө үгүс дьиэҕэ дьоҕус гостиницалар баар буолаллар. Дьон киирэр-тахсар, айдаарар, утуйарга-сынньанарга мэһэйдиир. Итинник түбэлтэлэргэ тугу гынабыт?

2019 сыл алтынньы 1 күнүгэр РФ Олох-дьаһах кодексатыгар киирбит уларыйыыларга олоҕуран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ гостиница өҥөлөрө оҥоһуллуо суохтаахтар эбит. Ол эрэн, сорох дьиэлэргэ син биир үлэлии тураллар.

Итинник сирдэргэ түүннэри бэһиэлэй хампаанньалар айдааран утуппат буоллахтарына:

Гостиница хайдах быһыылаахтык үлэлиирин (төһө сокуоннайдык) бэрэбиэркэлиибит. Ол аата хамсаабат баай Биир кэлим судаарыстыбаннай реестриттэн выписка ылабыт.

Гостиницалар уонна хостеллар үлэлэрин Роспотребнадзор хонтуруоллуур. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ баар өҥөнү оҥорор тэрилтэ сокуоннайа суох үлэлиир эбэтэр бэрээдэги тутуспат буоллаҕына, Роспотребнадзорга биллэрэбит (биэдэмистибэ официальнай сайтын нөҥүө).

Элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ гостиница эбэтэр хостел үлэлиирин атын дьон, ыалларгыт эмиэ мэһэйдэтэр, сөбүлээбэт буоллахтарына бииргэ түмсэн, кыттыгас үҥсүүнү суруйан  Роспотребнадзорга биэриэххэ сөп. Суругу почтанан да ыытар көҥүллэнэр.

Туох эмит биричиинэнэн Роспотребнадзор туох да миэрэни ылбатаҕына, прокуратураҕа уонна Олох-дьаһах судаарыстыбаннай инспекциятыгар үҥсэбит.

Дьоҕус гостиницаны үчүгэйдик ылыстахха суутунан да киирсэн үлэтин тохтотторуохха сөп. Итиннэ гостиница кырдьык баарын, үлэлиирин уонна олохтоохторго мэһэйдиирин дакаастыахха наада.

Дуогабара суох үлэлээмэҥ

Юристар дуогабара суох үлэлээмэҥ диэн сэрэтэллэр. Сорох дьон тылынан мэктиэлээбиттэригэр эрэ эрэнэн дуогабара суох үлэҕэ киирэллэр эбэтэр дуогабарга илии баттаһалларыгар докумуоҥҥа туох суруллубутун аахпаттар. Этэргэ дылы, буолуох буолбутун эрэ кэннэ дуогабары ылан ааҕаллар. Үлэҕэ киириэх, дуогабарга илии баттыах иннинэ:

Контрагент (үлэни биэрээччи) туһунан хайа сатанарынан элбэх информацияны хомуйа сатааҥ. Дьон санаата (комментарийдара) суруллубут төрүттэргэ болҕомтоҕутун ууруҥ. Суут дьыалатыгар кыбыллыбытын эмиэ бэрэбиэркэлиэххэ сөп.

Докумуоннарын бэрэбиэркэлээҥ, ордук үлэни биэрээччи физическэй сирэй буоллаҕына.

Пааспарын куоппуйатын (инники уонна регистрациялаах сирэйдэрин) ирдэһиҥ.

Куоппуйаны дьиҥнээх пааспарын кытта тэҥнээн көрүҥ.

Куоппуйаны бэйэҕитигэр илдьэ хаалыҥ, дуогабаргытын кытта бииргэ ууруҥ.

Дуогабарга контрагент дааннайдарын барытын толору сурунуҥ, ол иһигэр: төлөпүөнүн, электроннай почтатын аадырыһын.

Илии баттыаххыт иннинэ дуогабары болҕомтолоохтук ааҕыҥ.

Дуогабарга суруллубут үлэ сыһыаннаһыыларын уонна сөпсөспөт буолуу түбэлтэлэрин үчүгэйдик үөрэтиҥ. Мөккүөрдээх түбэлтэлэргэ сөпсөспөт буолуугут туһунан е-мейл уонна смс нөҥүө суруйаргыт көҥүллэнэрин курдук пууну эбэр туһунан суруйтарыҥ.

 Дуогабар биир экземплярын бэйэҕитигэр булгуччу хаалларыҥ.

 Дуогабарга суруллубуттан ханнык эмит пуунун сөбүлээбэтэххитинэ илии баттыы иликкитинэ тута этэн көннөртөрүҥ. Оннук гымматаххытына, кэнники сууттаһар күннээх буоллаххытына, ити пууну кытта тоҕо сөбүлэспиккитий диэн боппуруос турар.

Смс нөҥүө үөҕүллүбүт буоллахха

Билиҥҥи дьалхааннаах олоххо социальнай ситимнэр нөҥүө кэпсэтии да, этиһии да баар. Сорох дьон мөккүһэн баран, кыыһырбыт уохтарыгар дьону кытта этиһэр, үөхсэр адьынаттаахтар. Арай, смс-нан, аудионан үөҕүллүбүт буоллахха тугу гынабыт?

2021 сыл тохсунньу 15 күнүттэн социальнай ситимнэргэ, тус смс-ка маатырылаабыт, кими эмит үөхпүт буоллахтарына ыстарааптыыр, административнай эппиэтинэскэ тардар туһунан сокуоҥҥа уларыйыы киирбит. РФ КоАП 5.61 ыстатыйатыгар олоҕуран, эппиэтинэс кээмэйэ:

физическэй сирэйдэргэ (гражданнарга) – 5-тэн 10 тыһыынча солкуобайга диэри;

дуоһунастаах сирэйдэргэ – 50-тан 100 тыһыынча солкуобайга диэри;

юридическай сирэйдэргэ – 200-тэн 700 тыһыынча солкуобайга диэри.

 

Суутунан арахсар түгэҥҥэ

Олоххо араас буолар, билиҥҥи үйэҕэ ыаллар арахсар түбэлтэлэрэ сытыытык турар. Сокуонунан холбоһон олорбут ыал арахсалларыгар, туох кыайан үллэриллибэтин билэллэрэ наада:

Холбоһуох иннинэ ылыллыбыт тус баай-дуол.

Сыбаайба иннинэ баар тус баайыҥ, ыал буолан олорон бииргэ туһаммыккын да иһин, барыта бэйэҕэр хаалар, үллэриллибэт.

Бэлэх эбэтэр нэһилиэстибэ быһыытынан бэриллибит.

Ыал буолан олордохторуна кэргэнниилэртэн бииригэр нэһилиэстибэнэн эбэтэр бэлэх быһыытынан бэриллибит баай-дуол бэйэтигэр хаалар.

Оҕо аатыгар ууруллубут харчы.

Кэргэнниилэр биир эбэтэр тус-туспа счеттаах эбит буоллахтарына, арахсалларыгар ити харчы үллэриллэр. Оттон оҕолорун аатыгар ууруллубут харчы тыытыллыбат.

Оҕо бас билэр мала.

Арахсар түгэҥҥэ төрөппүттэрэ оҕолоругар ылан биэрбиттэрэ барыта оҕоҕо хаалар, ким да былдьаһар бырааба суох. Сокуон хаһан баҕарар сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор интэриэстэрин көмүскүүр. Ол иһин оҕоҕо ылыллыбыт таҥас, спортивнай тэрил, мал уонна да атын тэриллэр оҕотун кытта хаалар төрөппүккэ бэриллэр, ол эбэтэр барыта оҕоҕо хаалар.

Бииргэ олорон ылыллыбыт, ол эрэн атын киһи, аймах аатыгар суруллубут баай-дуол.

Баай-дуол кэргэнниилэртэн биирдэстэрин аатыгар эрэр суруллубут буоллаҕына үллэһиллэр кыахтаах. Араас биричиинэнэн массыына, кыбартыыра, дьиэ атын киһи аатыгар (төрөппүттэр, бииргэ төрөөбүттэр, аймахтар, доҕоттор) суруллубут буоллахтарына үллэриллибэт. Ити сокуонунан туора киһи баайа-дуола буолар.

 

Төрөппүт алимент төлөөһүнэ

РФ СК 80 ыстатыйатыгар олоҕуран, төрөппүттэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорун хааччыйар эбээһинэстээхтэр. Төрөппүт баҕа санаатынан оҕолоругар көмөлөспөт буоллаҕына, суут нөҥүө модьуйан алимент төлөттөрөллөр.

РФ СК 81 ыстатыйатыгар олоҕуран, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго ыйдааҕы алимент кээмэйэ:

биир оҕоҕо – төрөппүт хамнаһын чиэппэрэ;

икки оҕоҕо – хамнас үс гыммыт биирэ;

үс уонна онтон элбэх оҕоҕо – хамнас (дохуот) аҥаара.

РФ СК 13 балаһатыгар олоҕуран, 18 сааһын туолбут киһи оҕонон ааҕыллыбат, алимент төлөбүрэ тохтуур. Ол эрэн РФ СК 85 ыстатыйатыгар олоҕуран, төрөппүт кыайан үлэлиир кыаҕа суох оҕотугар алимены син биир төлүүр.

РФ СК 89 ыстатыйатыгар олоҕуран, 1-гы группалаах инбэлиит оҕотун көрөн олорор кыра дохуоттаах эбэтэр үлэлээбэт төрөппүккэ иккис төрөппүт эмиэ алимены төлүөхтээх. Оҕо сааһыттан инбэлиит оҕону көрөн олорор төрөппүт эмиэ итинник алимены ылар бырааптаах.

Оттон сокуоннай сааһын ситэн баран үөрэнэ сылдьар оҕотугар төрөппүт алимены төлөөбөт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...