28.11.2020 | 08:45

Баайаҕа иэдээнэ

Баайаҕа иэдээнэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

7 киһи суорума суолланна

Бу күннэргэ бүтүн Саха сирин, ону таһынан Арассыыйаны антисептигы иһэн маассабай дьон өлүүтэ тахсыбытын туһунан ынырык сурах тилийэ көттө.

Коронавирустан көмөлөһөр, көмүскэнэр антисептик састаабыгар метанол диэн дьаат 7 киһи олоҕун илдьэ барда. Бу Таатта улууһун чөкө сытар кыра нэһилиэгэр улахан иэдээн, трагедия буолла.

Мин бүгүҥҥү балаһабар бу иэдээни  хасыһан, ырытан суруйар санаам суох, ону тустаах тэрилтэлэр быһаарыахтара. Быһылаан, куһаҕан түбэлтэ төрдө арыгы буоларын бары билэбит. Ол эрэн арыгы сорох өттүгэр үөрүү-көтүү бырааһынньык аһа эмиэ буолар.

Үгүстэр арыгыны бобуу бу алдьархайга тириэртэ дииллэрэ эмиэ да оруннаах курдук. Кэнники кэмҥэ ыраас, чөл олохтоох нэһилиэнньэ элбээтэ. Өссө арыгыттан аккаастанар, арыгы утары охсуһар анал салаа баар буола сылдьыбыта. Оччолорго сонуннар аайы хас нэһилиэк, хас улуус арыгыттан аккаастаммыттарын туһунан нэдиэлэ аайы сырдатарбыт, отчуот бырабыыталыстыба, бэрэсидьиэн иннигэр кэлэ турара. Ким онтон үөрбэт буолуой. Ол да буоллар мэтээл икки өрүттээҕин курдук, “туочукалар” элбээн барбыттара, этэргэ дылы “паленай” аһыы утахтар, дьон маассабай өлүүтүн таһаарбаталлар да доруобуйаларын балачча кэбирэппиттэ. Түүҥҥү атыыһыттар хармааннара халыҥаабыта, билигин да халыҥыыр, аны кинилэри үөһэттэн “кырыыһалыыр” дьон сорох нэһилиэккэ учаастактааҕы полиция, дьаһалта баһылыга бэйэтэ буоларын сири-буору аннынан кэпсэтэллэрин истэбит. Дьон бүтэһик харчыларын биэрэн туран аһыы утаҕы атыылаһан көр-нар олоҕу батыһаллар. Мантан сылтаан дьиэ кэргэн ыһыллар, сиэр-майгы сатарыйар, эрдэ үйэлэнии, ыарыһах буолуу элбиир.

Баайаҕа түбэлтэтигэр суорума суолламмыт дьону бүтэйдии үөҕүү, “кэм биһиги, сахалар арыгыһыппытынан биллэ сырыттахпыт”, “тоҕо кинилэри аһыныахтаахпытый, алкаштар буоллахтара”, эҥин диэн форумнарга суруйуулар, ютуб ханаалларыгар да кэмэ суох таҕыстылар. Дьонноор, биир дойдулаахтарбыт, тохтооҥ дуу. “Дьоло суох дьоллоохтор” ийэ буордарын этэҥҥэ булалларыгар мэһэйдэһимэҥ дуу. Кинилэр да ким эрэ оҕолоро, аймахтара, чугас дьонноро буолаахтаатахтара. Ким эрэ олох кэрэтин ситэ билбэккэ да сылдьан бу иэдээҥҥэ түбэстэҕэ. Арыгыһыт, “алкаштар” диэн дьаралыктаамыахха. Саха киһитэ киэҥ көҕүстээх, аһынар майгылаах, муударай өйдөөх этэ эбээт. Бу иэдээн хатыламматын туһугар маннык кэмнэргэ өссө түмсүүлээх буолуохха, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһүөххэ. Бу Таатта улууһун эрэ иэдээнэ буолбатах, бу бүтүн өрөспүүбүлүкэ, саха норуотун иэдээнэ. Баайаҕа урут-уруккуттан наһаа түмсүүлээх, сахалыы санаалаах-оноолоох, сиэрдээх-туомнаах нэһилиэк буоларын бары да истэ-билэ сылдьабыт. Оттон бу алдьархайы онно-манна сыбыыр, тугу эрэ кытта сибээстии сатыыр дьон өйдөрө-санаалара дьэ тобулла сатыырын истэн киһи эрэ хомойор, хоргутар.

Мария, дьиэ хаһаайката:

- Баайаҕаҕа тахсыбыт быһылаан өрөспүүбүлүкэни барытын тилийэ көттө, араас санаалар хардарсыылара үгүс. Ол эрээри буруйдааччылар кими да буруйдуулларын билбэттэр, оттон буруйдаахтар диэххэ дуу, быстах дьылҕаламмыттар диэххэ дуу, хантан билиэхтэрэй эрэ диибин. Туох барыта ситимнээх эбит буоллаҕына, быа-туһах буолан биэрээхтээтэҕэ. Олохтоохтор билигин бэйэлэрэ соһуйан олороллор,  ким даҕаны итинник тахсарын баҕарбатах да буоллаҕа. Сиэр-майгы сатарыйыытын маннык аһаҕастык көрдөрөн сэрэтэллэрэ дуу эрэ диибин, бэйэ бэйэҕэ болҕомтолоох буолуохха, бу ыарахан кэмнэргэ харыстаһыахха наада. Арыгыһыттарын да иһин, итинник дьылҕаны киһи кимиэхэ да баҕарбат, онон наһаа ырыппакка, сиэр быһыытынан анааран баран, олус куһаҕаны дарбаппат оруннаах буолуо этэ.

Таатта олохтооҕо:

- Дьэ, алдьархайдаах иэдээннээх дьыала таҕыста. Чуолкайын истэ иликпин, сорохтор антисептик буоларын билбэккэ, арыгы диэн күндүлэппит курдук испиттэр. Арыгы бобуулаах сирдэригэр аһара күндүркэтэллэр, точкалар олох дьону соролууллар.

Баайаҕалар олох дьиҥнээх, ханна да көстүбэт сахалыы майгылаах дьон, ону куруук бэлиэтии көрөбүн. Улахан түмсүүлээх, дьиҥ былыргылыы менталитет кинилэргэ күүскэ көстөр. Ити быһыы буолбута барыбытыгар наһаа хомолто, кутурҕан.

Валентина Семеновна, учуутал:

- Арыгы содула амырыын. Ол эрээри, алдьархайы дарбатан, онно баар дьону таптаабыппытынан саҥарар сатаммат, хайа да сиэргэ баппат. Син бу суорума суолламмыт дьон, ким эрэ оҕото, эдьиийэ, убайа, эбэтэ буоллаҕа. Арыгы иэдээннээх содула кимтэн да ыйыппат, хаһан кэлиэҕин, барыаҕын, кими илдьэ барыаҕын. Онон, бу быһылаан тахсыыта мин саныахпар барыбытыгар сэрэтии курдук ылыныллар. Бэйэ бэйэттэн ордон үчүгэй буола сатаамыаҕыҥ, бу арыгы абааһыта сөрөөн, алҕас киирэн биэрбит дьон, чугас син биир дьонноохтор, кинилэргэ, хаалар дьоҥҥо, олус ыарахан. Тыл күүстээх, иччилээх, этиллибит тылы төннөрбөккүн, онон  бу быһылааҥҥа буруйдаах кимий диир уустук. Бары оҕолоох, уруулаах, аймахтаах дьоммут. Тылбыт сиэрин тутуһан, бэйэ бэйэни харыстаһан, куһаҕан таҕыстаҕына да дарбатымыаҕыҥ, сэрэниэҕиҥ!

Вера Андреевна, куорат олохтооҕо:

- Мин 90-с сыллар саҕаланыыларыгар оскуоланы бүтэрбитим. Оччолорго ону-маны боруобалаан көрүү баара. Одьукулуон да иһэллэрэ, килиэй да сыттыыллара.

Биир дьүөгэм 8-с кылаас кэннэ СПТУ-га үөрэнэ барбыта. Бастаан каникулга кэллэҕинэ урукку кумааҕы куукулаларбытын ылан таҥас оҥорон, кырыйан ыаллаах буола оонньуурбут. 15-тээх эҥин буоллахпыт. Онтон кыыһым кэлин сытыымсыйан кэлэн барда, ити иккис кууруска эҥин буолуо. Арай биирдэ хотон диэки ыҥыран ылан бааҥкаҕа туох эрэ үүтү күндүлүүр. Онтум сыта бу амырыыныын. Одьукулуон эбит. Пахай, уоспар да даҕайбатым. Онтон кылааһым оҕолоро быраага диэн туруорбуттара. Кулуупка үҥкүүгэ барыахпыт иннинэ бары үллэстэн иһэр этибит. Оннук холуочуйаллар эбит дии санаабатаҕым.

Биһиги саҕана арыгы да атыыланара, туочука да баара. Иһэр дьон ол курдук иһээччи буолан олохторо табыллыбатаҕа, биһиги эдэр сааспытыгар кыратык онно-манна тэмтэрийэн ылларбыт да билигин муһуннахпытына көр-күлүү курдук кэпсэтэбит, мин көлүөнэм син оттон-мастан тардыһан, оччотооҕу ыарахан кэмнэри киһилии, сиэрдээхтик туораан билигин очурга оҕустарбыт суох.

Куораттан сайынын дэриэбинэҕэ тахсарбар наада буолуо диэн хайаан да арыгы атыылаһабын. Сайын устата наадата кэмнээх буолуо дуо. Анараа атыыламмат, чөл олохтоох дэриэбинэ диэн аатырар. Биллэн турар, ону ким да утарбат, нэһилиэнньэ куоластаан ылыннаҕа дии маҕаһыыҥҥа арыгы атыытын бобору. Ол да буоллар бу олохтоох дьаһалта, улуус салалтата отчуоттарыгар киирэр “плюс” диибин. Син биир долбуур аннынан, атыыһыттар бэйэлэрэ аҕалан атыылыылларын истэбин. Өссө билигин биэнсийэҕэ тахсыбыт участковай бэйэтинэн таһааран туочукаҕа атыылаттарар үһү. Ким да харытыттан туттарбыта иһиллибэт. Ол курдук дэриэбинэ син бэйэтин олоҕунан олорор. Бу аҕыйах сыллааҕыта маҕаһыыҥҥа арыгы атыыланар кэмигэр да улахан быһылаан буолбутун истибэтэҕим. Хата билигин ити ол-бу дьааты иһэллэр, боруобалыыллар. Ити биир өттүнэн арыгы бобуллуутун содула диэн аһаҕастык билиниэххэ наада. Иһиэн баҕарар киһи хантан да, хайдах да булан иһэр, бүтэһик харчытыгар, бүтэһик малын атыылаан да туран.

Билигин үгүс дьон арыгы атыыга баара буоллар инник быһылаан тахсыа суоҕа этэ дииллэр. Баайаҕаҕа буолбут иэдээн барыбытын толкуйдатыан наада. Дьон санаатын суруйарын ааҕа-ааҕа киһи санаата түһэр. Баҕар ким эрэ алҕас ааһан иһэн түбэһэн киирэн биэрэн суорума суолламмыт буолуон эмиэ сөп. Билбит суох. Ол аайы барыларын биир халыып тутан үөҕэн, мөҕөн кэбиһэр ончу сыыһа. Барахсаттары киһи аһынар. Быстах дьылҕа, быстах санаа буоллаҕа. Бу күннэргэ нэһилиэнньэ өссө түмсүүлээх буолан, сомоҕолоһон биэрэллэрэ наада. Биир бэйэм Таатта улууһун дьонугар, чуолаан баайаҕаларга дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...