11.07.2019 | 09:44

Бааттаах Боотур

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Былыргы номохтортон саҕалаан, Туймаада ыһыаҕар туйгун буолбут, быһаччы Саха сирин саарынын аатын сүгэр.  

Айдарыылаахтар этэллэринэн, БААТ (фортуна) ТАҤАРАТТАН, СИРТЭН бэриллэр. Кимиэхэ эрэ дьонуҥ үтүөлэриттэн, бэйэҥ бэркиттэн элбиир. Сиэри кэстэххинэ, албыннаатаххына – аччыа, куһаҕаны оҥордоххуна, хомойон, эйиигиттэн олох да төттөрү хайыһыан сөп. Баат биэрбитин аанньа ахтыбакка, сүүйбүккүн атын киһиэхэ биэрдэххинэнэ, эмиэ антах барыан сөп. Ол иһин өбүгэ өһүн хоһооно: ''Бааккын мүччү тутума''. 

Сиинэттэн сылдьар 29 саастаах Егор Филиппов – Ытык Сир ыччата, Төрүт дьон төлкөтө. Эһэтин, хос эһэтин удьуордаан, бөҕө бэрдэ үөскээбит. Элбэхтик эрчиллэр. Туохха баҕарар тиһэҕэр диэри дьулуурдаахтык киирсэр. Ол иһин ТАҤАРА көрөр. Бааты биэрэр. Байанайы мүчүк гыннарар. Этигэр-сиинигэр, эр-хааныгар дьоҕуругар-толкуйугар да харыстаабакка анаабыт. Дьөгүөр күүстээх. Илиитэ-атаҕа уһун (үрдүгэ – 182 см). Ыйааһыныгар (88 кг) сытыы-сылбырҕа. Дэлэҕэ, уксааччылар «син-биир бастыыр» диэн, кинини туоратан баран, атыттары талаллар. Онно эбии баат биэрэр. Киниэхэ  сэрэбиэй сиэдэрэйдиир, ыалдьааччы да элбэх, тренэрин сүбэтэ, судьуйа да суута барыта соргулаах.

Егор Филиппов атах оонньууларыгар СӨ, оттон чэпчэки атлетикаҕа, штанганы өрө тардыыга РФ спордун маастара, кылыы рекордсмена.

Быйылгы “Дыгын оонньуулара” “Үс төгүл үс” көрүҥтэн саҕаламмыта. Кыттааччылар  ''кылыыга'', ''буурга'', ''куобахха'' Егор барыларыттан ыраах түһэрин истэ-билэ сылдьаллар. Эбиитин сэрэбиэйинэн кэнники соҕус киирдэ. Инники ыстанааччыларга ыарахан. Кэнникилэр кинилэртэн сир оллурун-боллурун көрөн, чинчийэн, ордук сөптөөхтүк оҥостоллор. ''Дыгын оонньууларыгар'' ханнык көрүҥнэр киирэллэрэ эрдэ биллэр. Уларыйыы да аҕыйах. Ордук дэгиттэр сайдыылаах, сылайбат буолар туһугар, сылы быһа эрчиллэллэр.

Массыына, мөлүйүөн солкуобай бириис кими эрэ кынаттыыр, сороҕу долгутан баттыыр. Хаҥалас хотойо кыһаммат. Инники эрэ, кэнники эрэ. Эттилэр да, ону эрэ толорорун толкуйдуур.    Ыстанарыгар былааҕынан көҥүл биэрэллэрин кытта, сүүрэн тиийэн, чубукулуу ойуоккалаата, саамай ыраах түһүү бэлиэтин ыллам хардыы саҕанан аһарда. “36.77 миэтэрэ!” - диэн биллэрдилэр. Онон, былырыыҥҥытын курдук, атыттар инники миэстэҕэ тахсан иккис-үһүс түһүүлэргэ сэниэлэрин барыыр кэмнэригэр, Егор холкуйан,  сынньана, сүбэлэһэ, сааһылана, атын көрүҥнэргэ бэлэмнэнэ, күүс мунньуна барда. Ити психологическэй өттүнэн бэйэтигэр чэпчэки, оттон күрэхтэһээччилэригэр баттааһын. Атыттар үстүү түмүктээһиннэриттэн бастыҥ көрдөрүүлэринэн: II-c миэстэ: Алексей Уваровскай. Кэбээйи. 34.49 миэтэрэ. III-c миэстэ: Петр Старостин. Чурапчы. 34,47… Ити аата Егор биир түһүүтүгэр икки миэтэрэттэн ордугунан чугаһаабатахтар. Хас көрүҥҥэ хаһыс  буолаҕын – оччо очукуону ылаҕын. Сэттэ көрүҥ сууматыгар ким аҕыйах очукуолаах – ол бастыыр. Көрүҥҥэ кэнники  миэстэлэнниҥ – суумаҕа өрүттэриҥ уустук.

”Тутум эргиирэ”.  Паалканы тутан, кэдэрийэн, тустуу ''мостигар'' түһэн ылардыы эргийдэҕиҥ аайы, биирдии очукуо ааҕыллар. Быйыл кыра ДСП тэлгэммитэ, ол үрдүгэр эргийэргэ табыгаһа суох. ДСП тас өттүгэр үктэнниҥ да, тохтотуллаҕын. Хайыахтарай? Дьулуһуу кытаанаҕа. Үстүү мүнүүтэ иһигэр очукуо туһугар кулахачыйыы кытаанаҕа. Саамай намыһах уҥуохтаах Алексей Уваровскай саас сүүмэрдэниигэ 68 очукуоланан, рекордсмен аатын сүгэ сылдьар.  Манна бастыырыгар эрэммиттэрин толордо. Рекордун хатылаата. Үс боотур үһүөн 61-дии эргиири оҥордулар. Быраабыланан, очукуо тэҥнэстэҕинэ, ким урут киирбит кыайар. Ол сөп. Кэнники тахсааччы иҥнэрини-таҥнарыны суоттуур. Көрөөччүлэр да лидери ситэргэ оччо-бачча хаалла диэн тиэтэтэллэр. Бу көрүҥҥэ Леонид Филиппов (Амма) – иккиһинэн, Петр Старостин үсүһүнэн сурулуннулар.  Артем Варданян сынньанарга күһэллиитигэр сыаналаах сөкүүндэлэрин сүтэрдэ. Призердардыын тэҥ очукуолаах төрдүс буолта кыһыылаах.  Биири эбиммитэ буоллар, уопсай түмүккэ бастыырга чугаһыахтааҕа.

Мас тардыһыытыгар Горнай мадьыныта Дьулустаан Ноговицын тэҥнээҕин булбата. Ити көрүҥҥэ аан дойду чемпиона кыайымына. Иккискэ тахсыбыт Артем Варданян (Нам) бастакы күн үс көрүҥүн сууматынан лидердээтэ (10 очукуо). Кини бастакы икки көрүҥҥэ төрдүс миэстэлэммитэ.

Егор Филиппов маска аҥаар атаҕынан тардыһан барыахча-барбакка ылаттаабытын, үгүстэр сөхтүлэр. Оһолу мээнэ кэпсээбэттэр, кистииллэр. Егор миэхэ: ''Мас тардыһыыга, үһүс эргииргэ быһыылаах, Друзьяновтыын киирсиибэр оһолломмутум'',- диэн билиннэ. Ону 'артыыстаата'' дииллэр. Уҥа буутун кэннинэн атаҕын токуруйар сирин иҥиирэ ууммутун бэйэтиттэн истибиппин биллэрэбин. Адьырҕа, бааһырдаҕына, кыыла турар. Айылҕа уола маныаха диэри утуктаабыт курдук сылдьара, дьэ уһугунна, хараҕа уоттанна. Аҥаардас хаҥаһынан тардыһан, атын быыппастар быччыҥнарын хамсатан, боруонса мэтээлгэ тигистэ. Онон Егор “Тутум эргииргэ” 56 эргиири оҥорон тохсуска тэбиллибититтэн өрүһүннэ, уопсай түмүккэ иккискэ чөрөс гынна – 13 очукуо.

Үс бастакы көрүҥҥэ 15-тии очукуолаах Алексей Уваровскай, Леонид Филиппов үһүс-төрдүс түмүктэннилэр.

Иккис күн. “Далла мэндэйии”. Манна урут буряттардыы оҕунан кеглины ыталлара. Ону сахатыппыттар. Кыыллар макеттарын биһиги өссө 1980-с сылларга ох тренерэ Анатолий Тимофеевтыын оҥотторуохпутун баҕарбыппыт. Саас ''Чемпион кубогын'' иккис былдьаһыыга ''Туймаада ыһыаҕын'' биир тэрийээччитэ Лариса Андрееваҕа оххо оннук буолуон баҕарарбын биллэрбитим. ''Олус үчүгэй идея'', -- диэн үөрбүтэ аҕай, түргэнник оҥотторуох буолта. Ырабыт туолбут. Бу сырыыга 35 миэтирэлээх сыалга кыыллары: Куобах – 4 очукуо, анды – 7 очукуо, тииҥ – 10. Булт араастаах. Арай куобахтары бэттэх, андылары – антах, тииҥнэри саһыара ыраах хоһулатардыы хастыыны да уурдахха, эмиэ кэрэхсэтиэ этэ. Уларытарга, сууллубуту көннөрөргө бириэмэ барыа суох эбит.

Ытыыга бэрт кыра элбэҕи быһаарар. Уһуннук кыҥыаҥ – илииҥ сылайыа, дьигис гыннаххына – охсуута улахан. Егор Филиппов саата, оноҕоһо американскай. Сүүс миэтэрэни аһары ытар модун кыахтаах. Буурҕаны да билиниэ суоҕа. Атыттар оноҕосторун барыллаан көрүүлэргэ тыал тэлбээрдэн да ылла. Ити психологияҕа эмиэ дьайар. Булчут Егор Филипповка,  аан айылҕа ''бэйэм киһим'' диирдии көмөлөстө. Алта ытыыттан биэһигэр тапта. Атыттарга тыал күүһүрэн даҕаны мэһэйдэстэ. Бу көрүҥҥэ ордук элбэх бириэмэни, сыраны оҕу таҥыы, сыалы туруоруу, кирсин тардыы ылалларын Егор миэхэ тоһоҕолоон эппитэ. Леонид Филиппов  сахалыы таҥастаах, сахалыы охтоох тахсан, тыал түһэригэр-түспэтигэр ымыр гыммакка ытыалаата. Байанай итини сөбүлээтэ, күндүлээтэ – 100 бырыһыан тапта! Кытаанах иҥиирдээх Дьулустаан Ноговицын иккис “бултуйааччы” буолла. Артем Варданян ытыыга тохсустаата.

Кыыһы эккирэтэн 400 м сүүрүүгэ Петр Старостин бастакыттан сулбу түстэ. Хас хардыы аайы атан, барыларын лаппа куотта. Биэтэк көнөтүгэр тахсыыга кэннин хайыһан ылла, эккирэтээччилэрэ хаалбыттарын көрөн, тэтимин эбэ сатаабата. Ол да гынан чөмөхтөн лаппа аппытын син биир улаатыннаран кэллэ. Леонид Филиппов иккис кэлэн, бэһис көрүҥ түмүгүнэн лидергэ таҕыста – 18 очукуо. Артем Варданян биэтэккэ үһүс кэллэ (21 очукуо). Егор Филиппов атаҕа эчэйиилээх да алтыс буолла (23 очукуо). Леонид, Егор  Филипповтар, Артем Варданян оҕо эрдэхтэринэ көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэ сылдьыбыттар. Онон хапсаҕайга үчүгэйдэр. Хайалара да мөлүйэниэр буолуохчалар. Лидер Леонид   Павел Друзьяновка кэбэҕэстик систэтэн, кэннигэр таһаарда. Уонна өрө баһан быраҕыыттан өрүһүммэтэ. Ол кэннэ Петр Старостины хотто эрээри, Алексей Иванов (Үөһээ Бүлүү) киниэхэ хаптас гынаат киирэн, бүдүрүтэн баран, сонно иккистээн атахха түһүүтүттэн Леонид эмиэ кыайан көмүскэммэтэ. Суоттаммыт тустуутугар ахсыс эрэ миэстэлэннэ. Онон быйыл атын Филиппов бастыан сөп курдук буолан иһэн, кыһыылаахтык ытыһын сотунна. Оттон иккис Филиппов (Егор) атаҕын биэрэ сылдьан, утары бырахсыылары оҥорон, үс, бэйэтэ атахха киирэн эмиэ икки кыайыыны ситистэ. Айсен Семенов барыларын икки атахха түһэн, таах тааҥкалы күрдьүтэлээтэ. Бастаан Егору атаҕыттан ылан кэннигэр таһааран төбөтүн оройунан адаарыппыта элбэҕи этэр. Филиппов Иннокентий Колесовтыын биир тутуһууттан хардарыта быраҕыстылар. Хаҥалас хотойугар кэннин биэрэ сылдьан, Иннокентий илиини хонноҕор кыбытан эргичис гынна. Егор сордоҥнуу эриллэҥнэһэн охтуу кэннэ үөһээ буолла.  Видеону көрүүгэ кини тоҥолоҕунан, харытынан эрдэ тайанан ааспыкка дылы. Колесовы кыайыылааҕынан биллэрбиттэригэр, видеону хаттаан көрөргө модьуйдулар. Бу сырыыга судьуйалар Колесов атаҕа тоҥолох иннинэ сири булбут диэн Филиппов илиитин өрө көтөхтүлэр. Егор атын киирсиилэргэ бэйэтэ атахха кииртэлээтэ. Алексей Протодьяконовы (Томпо), Павел Друзьяновы бэрткэ быраҕаттаата. Алексей Иванову атаҕын биэрэ сылдьан түҥнэри көттө. Онон хапсаҕайы хотторуохча-хотторбокко  түмүктээн, алта көрүҥ түмүгүнэн эмиэ инники тахсан кэллэ. Уонна: “Тааһы көтөҕүүгэ биир  саамай күүстээхтэрэ. Онон быйыл да иннин биэрбэт буолла”, -- дэттэрдэ. Тустуу үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэрин Семенов уонна Варданян кэттилэр.

Тааһы көтөҕүүгэ 50 миэтэрэҕэ илдьэн эргийэллэр, үгүстэр онно   чохчойон олорон тыын ылаллар. Иккистээн туруу ыарахан да буоллар, ордорбуттар. Биллэхтэрэ. Урут 50 миэтэрэҕэ тиэрдэр да  элбэҕэ суоҕа. Штанганы өрө тардыыга уонна мас-рестлиҥҥа РФ маастара Дьулустаан Ноговицын бу 118 киилэлээх сымараны  207 м. 50 см  илдьэн рекорд олохтообута. Бу сырыыга этэ-хаана хатан, сылайбыт көрүҥнээҕэ да, син биир 170 м. 55 см. илтэ. Итиннэ тиэрдиэх айылаах суох буолла. Арай Егор Филиппов кыайыа эбитэ дуу? Ээ, уопсай түмүккэ бастыырын оҥордо да, атыҥҥа оччо кыһаммата буолуо ээ. Сэрэйиллибитин курдук, онно сөп буолары 156.80 м илдьээт, быраҕан кэбистэ. Ама да ньоҕойдоһорунан аатырдар, тугу эрэйдэниэй? Доруобуйатын да харыстыыр. Амматааҕы оонньуурга хаһааннаҕа дуу диэҕи, онно барбатын биллэрдэ. Таас көтөҕүүтүгэр төрдүс – Егор Филиппов, бэһис –Артем Варданян, алтыс – Леонид Филиппов. Кинилэр саастарынан, уҥуохтарынан, ыйааһыннарынан да араа-бараалар. Ити бэрээдэгинэн сэттэ көрүҥ сууматыгар үс бастакы миэстэҕэ таҕыстылар. Очукуолара: Егор – 27, Артем – 30, Леонид – 32.  Быйылгы фавориттартан Ноговицын – бэһис, таас көтөҕүүтүгэр кини кэнниттэн иккис буолбут Старостин төрдүс миэстэлэринэн түмүктээтилэр. Былырыын 19 сааһыгар үһүс буолан соһуппут Айсен Ботуев быйыл эрчиллиитэ табыллыбатах дуу, 11- с эрэ.

Онон Хаҥалас Хотойо ЕГОР ФИЛИППОВ төрдүс төгүлүн бастааһыныгар “Артиккапитал” хампаанньаттан (генеральнай дириэктэр Матвей Евсеев) биир мөлүйүөн солкуобайы ылар сертификаты тутта.

Сыл аайы бастыыр ыараан иһэр. Оттон бириис тупсарылыннаҕын аайы, кыттааччы эбиллэ турар. Эһиил сүрүн бириис туох буолар? Сынньана түһээт, бу уоллаттар онно бэлэмнэниилэрин салгыахтара. Ханна эрэ саҥа аат тахсарга оҥостон эрдэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...