Бааһынай ырыынагар ас сыаната
Сир аһа
Сир аһыттан атыыга сугун тахсыбыт, киилэтин 500 солк. атыылыыллар, киилэ аҥаара – 250 солк. Атыыһыт кыыс сугун сыллата Алдан оройуонуттан кэлэрин, дьон-сэргэ хамаҕатык атыылаһарын кэпсиир.
Моонньоҕон кыратык ситэ илик да буоллар, остуолга эмиэ турар. Сыаната биир киилэтэ – 600 солк., киилэ аҥаара – 300 солк.
Ол быыһыгар былырыыҥҥы отону киилэтин 350 солк. атыылыы олороллор.
Барыанньа
Сугун барыанньатын киилэтин 600 – 1000 солк. атыылыыллар, моонньоҕон – 500 солк. (эмиэ Алдан оройуонуттан кэлбит). Биэ эмиийин барыанньата – киилэтэ 1500 солк.
Балык
Атыыһыттар этэллэринэн, сайыҥҥы кэмҥэ балык күн ахсын сибиэһэйдии кэлэр уонна сонно тута атыыга бүтэн иһэр эбит. Холобура, аатырар Кэбээйи собото киилэтэ 400 солк. атыыланар, муора уомула – 600 солк.
Эт ас
Эт сыаната үгэс курдук сайын үрдүүр, сорох хаһаастаах атыыһыттар былырыыҥҥы эттэрин атыылыы олороллор. Бурятияттан кэлбит эдэр ынах этэ ырыынак иһигэр ыһылла сытар: сыаната – 650-850 солк. Атыыһыт кыыстан олохтоох эт атыыга баарын-суоҕун сураспыппар: «Билигин барыта кэлии ас атыыланар, олохтоох бородууксуйа диэн тыаҕа эрэ атыыланар! Тыаттан баран атыылас. Кэлии аһы аһааҥҥыт киһи-хара буола сылдьаҕыт буолбатах дуо?» – диэн бэйэбитигэр хардары ыйытыы биэрдэ.
Эриллибит этэ сыаната (0,7 киилэ) – 500 солк.
Өлөөн улууһуттан кэлбит таба этэ 550-800 солк. тиийэ сыаналанан турар. Атыыһыт кэпсииринэн, олох сибиэһэй үһү. Атын бородууксуйаҕа сыана ортотунан маннык (киилэтэ):
Ынах туйаҕа – 350 солк.;
Миин этэ – 350 солк.;
Сибиинньэ этэ – 450-600 солк.
Сибиэһэй ынах этэ
Ырыынак сыанатын үөрэтэ сылдьан субу Намтан кэлбит, этэргэ дылы, буруолуу сылдьар сибиэһэй ынах этигэр түбэстибит. Сыанатын киилэтин 750 – 1000 солк. быстылар.
Ырыынак сыанатын хонтуруоллуур кыаллыбат дуо?
Сайын буолан, үүт дэлэйэн, ырыынак иһигэр ынах арыытын сүрэҕэ суох эрэ атыылаабат быһыылаах. Арай «Хайа дойду арыытай?» диэн ыйыттахха, бука бары, сүбэлэспит курдук, “Чурапчы уонна Амма” дэһэллэр. Онтон, сыанатын истээт, атахха бэрдэрэҕин: киилэтэ – 1 200 солк. Ол эрээри социальнай ситимнэргэ киилэтин 800-900 солк. атыылыыр хаһаайыстыбалары дэбигистик булуохха сөп эбит.
Оҕуруот аһа
Олохтоох оҕуруот аһа атыыга киэҥник тахса илик. Арай биирдиилээн атыыһыттарга сибиэһэй бөдөҥ хортуоппуйу киилэтин – 200 солк., орто кээмэйдээҕи 150 солк. булуохха сөп. Кыһыл хортуоппуй сыаната үгэс курдук балайда ыарахан – 230 солк., оҕурсу – 100 солк., кыһыл помидор – 250 солк.
Кэлии оҕуруот аһа кыһыннары-сайыннары дэлэй
Күһүн чугаһаан, соҕурууттан кэлэр оҕуруот аһа хардыы айыы анньыллан турар. Дьиҥэр, маны барытын кыһын эмиэ булуохха, атыылаһыахха сөп. Сыана бу сааскытааҕар намтыаҕынааҕар өссө үрдээбит (киилэтэ):
Хаппыыста – 100 солк.;
Моркуоп – 150 солк.;
Хортуоппуй – 90 солк.;
Помидор – 200 солк.;
Минньигэс биэрэс – 350 солк.