Баһылык Туймаада ыһыаҕар суруналыыстары кытта көрүстэ
Улуу Туймаада хочотун Үрүҥ Тунах ыһыаҕын бастакы күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев үгэс быһыытынан суруналыыстары кытта көрүстэ.
Баһылыгы кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһииттэн кылгастык билиһиннэрдэххэ, Евгений Григорьев ыһыах кэмигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар «Кыайыы пуондатыгар» 1 мөл. солк. тахса харчы киирбитин иһитиннэрдэ. Итиэннэ аһыы утаҕы атыылыыр «сымыйа кафелар» үлэлэрин балаҕан ыйын 1 күнүттэн тохтотуохпут диэн эрэннэрдэ.
Дьиэтэ-уота суох, олох араас ыараханыгар түбэһэн сылдьар дьон тула боппуруоска маннык хоруйдаата:
Хаамаайы дьон баһыйар өттө – арыгылааһын сиэртибэлэрэ. Хомойуох иһин, бу дьон үксэ үлэлиир кыахтаах эрээри үлэтэ суохтар ахсааннарыгар киирэллэр. Мин санаабар, маннык дьону эппиэккэ тардыахха наада. Ол иһигэр үлэнэн көннөрөр лааҕырдары төннөрүөхтээхпит.
Биир дойдулаахтар түмсүүлэрин кытта кэпсэтиэххэ наада, улуустар бэйэлэрин дьонноругар эппиэтинэһи сүгүөхтээхтэр.
Маны таһынан суруналыыстар суол оҥоһуутун хаачыстыбатын туһунан ыйытыыларыгар:
2024 сылга Үс Хатыҥҥа диэри саҥа түөрт балаһалаах суолунан айанныахпыт. Саҥа балаһа Орджоникидзе болуоссатыттан ууруллуоҕа. Үрүҥ Күөл учаастагар суолу кэҥэтии быйыл саҕаланна.
Дьиҥэ, бу суол өрөмүөнэ төрдүс сылын ыытыллар. Нэһилиэнньэ күүтэ сатаан эрэйдэнэрин өйдүүбүн, ол гынан баран бэйэбит күүспүтүнэн маннык киэҥ далааһыннаах өрөмүөнү ыытар кыахпыт суох. Ону бары өйдүөх тустаахпыт», - диэн Евгений Григорьев бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат суоллара төрдүс сылын Арассыыйа национальнай бырайыагар киирэн оҥоһулла сылдьаллар. Киин куоракка суоллары өрөмүөннээһиҥҥэ 2 млрд солк. тахса үп көрүллүбүтэ, ол иһигэр 520 мөл. солк. куорат бүддьүөтэ, онтон ордуга өрөспүүбүлүкэ хааһынатыттан уонна федеральнай киинтэн тыырыллыбыт үп.
Ленин проспегын быйыл арыйыахпыт. Түгэнинэн туһанан, куорат дьонуттан, массыыналаахтартан өрөмүөн кэмигэр суоллар сабыллан туралларынан араас уустуктар тахсалларын иһин бырастыы гыналларыгар көрдөһөбүн. Биһиги куораппыт төһө даҕаны ыраах сыттар, Арассыыйа уонна Уһук Илин үрдүнэн биир бастыҥ уонна түргэнник сайдар куораттар ахссааннарыгар киирсэр.
Маны сэргэ суруналыыстар Евгений Григорьевтан “Твиттер” социальнай ситимигэр баар мэр сымыйа аккаунугар хайдах сыһыаннаһарын сурастылар.
Миэхэ бэйэбэр “твиттерым” суох. Доҕотторум, чугас дьонум дөрүн-дөрүн туох тахсыбытын ыытааччылар. Дьону күллэрэр аккаунт быһыылаах, ыытар киһи сүрдээх юмордаах эбит диэн көрөбүн. Саамай кылаабыныйа, дьону эрэ атаҕастаабатын.
Ити курдук, куорат баһылыга чаас аҥаара куорат уонна тус бэйэтин тула ыйытыыларга чопчу уонна чуолкай хоруйдары биэрдэ. Куорат инники сайдыытыгар бары күүскэ турунан үлэлээтэхпитинэ, оҥоһуллар эбийиэктэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннастахпытына, куораппыт өссө сайдарын мэктиэлээтэ. Бэрт сэргэх, өрө көтөҕүллүүлээх көрсүһүү буолла диэн сурунаалыстар түмүккэ махтал тылларын эттилэр.