Баһылык М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарын уонна үлэһиттэрин иннигэр отчуоттаата
Олунньу 26 күнүгэр куорат баһылыга 2023 сыл түмүгүнэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарын уонна үлэһиттэрин иннигэр отчуоттаата. Кини Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыахтаах маастар-былаанын бэрэсидьиэн Владимир Путин өйөөбүтүн туһунан кэпсээтэ.
Киин куоракка биэс национальнай бырайыак үлэлиир – «Үөрэхтээһин», «Култуура», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Демография», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ». Кэнники кэмҥэ Дьокуускайга нэһилиэнньэ ахсаана улааппыта бэлиэтэнэр – 5 сыл иһигэр олохтоохтор 47 тыһ. киһинэн эбиллибиттэр, куорат олохтооҕун орто сааһа – 34. Олохтоох бүддьүөт 2023 сылга 30 млрд солкуобайтан таҕыста. Куорат дохуота 31 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, ороскуот – 32 млрд солкуобай, итинтэн нолуоктан киирэр бэйэ дохуота 11 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Дьокуускайга дьоҕус уонна орто урбаанынан дьарыктанааччылар ахсааннара – 20 602 тыһ. субъект.
«Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн киин куоракка эргэ, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бырагыраамалар үлэлииллэр. 2019 сылтан саҕалаан 4692 киһи көһөрүлүннэ, 43 дьиэ көтүрүлүннэ. 2023 сылга хаарбах дьиэттэн 2160 киһи көһөрүлүннэ. Былырыыҥҥы сыл устата 339 тыһ. кв. м саҥа дьиэ үлэҕэ киирдэ.
Үс сыллаах тупсарыы сылын чэрчитинэн Дьокуускайга 128 тиэргэн өрөмүөннэннэ, «100 тиэргэн» федеральнай бырайыак көмөтүнэн тупсаран оҥоруу тэтимэ үрдээтэ уонна 13 уопсастыбаннай туона өрөмүөннэннэ.
«Тупсаҕай куорат эйгэтин оҥоруу» бырагырааманан 2023 сылга Р.М. Дмитриев аатынан кытыл, Сайсары күөл кытылын өрөмүөннэрэ, Ленин болуоссатын уонна Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын уларытан оҥоруу саҕаланна.
2024 сылга Дьокуускайга куорат баһылыга биллэрбит, 2026 сылга диэри ыытыллыахтаах Инфраструктура сайдыытын үс сыла саҕаланна. Бу сыллар тухары куоракка уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтэ саҥардыллара, сылаас тохтобуллары тутуу, социальнай гаастааһын салҕаналлара былааннанар, уулусса сырдатыыта куораты бүттүүнүн хабыахтаах, куорат ханаала харгыһа суох сүүрүүтэ хааччыллыахтаах.
Итирдэр утахтары утары охсуһар политика чэрчитинэн 26 алкотуочука сабылынна, 3 тэрилтэ үлэтин хайысхатын уларытта, 1647 лиитэрэ итирдэр утах былдьанна, ыстараап суумата 1949,5 тыһ. солкуобайга тэҥнэстэ.
ХИФУ үлэһиттэрэ Евгений Григорьевка Сайсары күөлгэ хайыһар уонна тыы киинин тутуутун, Пединститутка тус сыаллаах миэстэлэргэ үөрэнэр устудьуон ахсаанын, «100 магистр» бырагырааманы, Красильников уул., 4/3 дьиэтигэр кыбартыыраны бас билиигэ көһөрүү уонна «Харысхал» СОТ-ка уот ситимин холбуур туһунан ыйыталастылар. Итиэннэ сир аннынааҕы суолу туоруур сирдэри оҥоруу, үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннарын уопсастыбаннай тырааныспарга чэпчэтиилээх тарыыпка көһөрүү уонна тохтобуллар нууччалыы-сахалыы ааттарын туһунан ыйытыылар киирдилэр.
Көрсүһүү кыттыылаахтара кыһалҕалаах боппуруостары көтөхтүлэр: Строителлэр уулуссаларыгар баар алкомаркет уонна «Колобок» маҕаһыын үлэлэрин; оптуобус тохтобулларын уонна эргэ оптуобустары техническэй көрүү-истии, тохтобулларга баар электроннай табло үлэтэ; 14-с №-дээх оптуобус сырыытын «Стерх» дьоҕус оройуоҥҥа диэри тириэрдии; Сайсары оройуонугар ДЮСШ тутуута.