23.03.2023 | 15:52

Баһылык Евгений Григорьев анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ

Баһылык Евгений Григорьев  анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Евгений Григорьев бу күннэргэ Киин, Губинскай, Октябрьскай, Строительнай, Промышленнай уокуруктартан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөн, «Победа» аһымал пуонда нөҥүө, судаарыстыбаттан оҥоһуллар көмө, өйөбүл тула кэпсэттэ. 

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин ыйытыыларыгар куорат прокурора Антон Николенко, СӨ киһи быраабыгар боломуочуйалаах Сардана Гурьева, Дьокуускай куорат байыаннай хамыһаара Евгений Крупенков, Социальнай харалта уонна үлэ управлениетын салайааччыта Семен Матвеев, уокуруктар уонна Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр киин салайааччылара хоруйдаатылар.

Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, «Победа» аһымал пуонда сулууспаҕа сылдьааччылары гуманитарнай көмөнөн, тустаах экипировканан, анал тиэхиньиичэскэй тэрилинэн хааччыйар. Бүгүҥҥү күҥҥэ пуондаҕа 40 мөлүйүөн солкуобай курдук үп киирбит. 

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэргэттэрин демобилизация болдьоҕо, усулуобуйата, уоппуска, бырайыас төлөбүрэ, госпитальга медкөмөнү оҥоруу, реабилитация, чаастарга гуманитарнай көмөнү тиэрдии  кыһалҕалара долгутар. 

Евгений Григорьев куорат киирбит сайаапкаларынан байыастарга наадалаах малларын атыылаһан тиксэрэр гынан баран, полкалар хамандыырдара эмиэ, балаһыанньаттан көрөн, кэлбит көмөнү ордук кыһалҕалаахтарга үллэрэр балаһыанньата баарын бэлиэтээтэ. 

Чуолаан Дьокуускай куораттан ыҥырыллыбыт байыаннай сулууспалаахтарга оҥоһуллар өйөбүллэр тустарынан ыйытыыга байыаннай дьайыы кыттыылааҕа тыа сиригэр пропискалаах буолан баран куоракка олорор түгэнигэр, ону туоһулуур ыспараапка ирдэнэрэ бэлиэтэннэ. 

Маны сэргэ байыаннай сулууспалаахтар төрөппүттэригэр Арассыыйа территориятыгар санаторнай-курортнай эмтэниигэ үс сылга биирдэ 60 тыһыынча солкуобайга тиийэ суумаҕа путевка бэриллэрэ, оҕолор эбии босхо куруһуоктарга, спортивнай секцияларга сылдьаллара көрүллэрэ, байыаннай сулууспалаах уоппускаҕа кэлэн барарын судаарыстыба уйунара о.д.а. быһаарылынна. 

Киирбит ыйытыылар бары боротокуолга сурулуннулар, сорох ыйытыылары байыаннай прокурор, байыаннай хамыһаар тус хонтуруолларыгар ыллылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...