Баһылык бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаларга сырытта
Бэҕэһээ күн иккис аҥаарыгар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев оробуочай бөлөҕү кытта куорат сиригэр-уотугар баар бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалары кэрийдэ, көһө сылдьар мунньаҕы ыытта. Оробуочай бөлөххө Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын, Сир сыһыаннаһыыларыгар агентство, Предпринимательство, ырыынак уонна туризм сайдыытын департаменын үлэһиттэрэ сырыттылар.
Былаан быһыытынан мунньах «Дьокуускайдааҕы үүт собуота» ХЭТ саҕаланна. Бу тэрилтэ уратыта диэн соҕотуопкалааччылартан үүтү хомуйан оҥорон таһаарар соҕотох тэрилтэнэн буолар. Манна биһиги үүттэн хайдах быһыылаахтык араас бородууксуйаны оҥорон таһааралларын илэ харахпытынан көрдүбүт, чинчийэр лабораторияҕа сырыттыбыт.
Дириэктэр Илья Самсонов собуоту батыһыннара сылдьан көрдөрдө. Баһылыкка туһаайан үлэҕэ сыһыаннаах баҕа санааларын эттэ. Ол курдук «Үс Хатыҥ» киин өттүгэр учаастак биэрдэхтэринэ, оҕолорго босхо аттракцион уонна собуот бородууксуйатын амсатыыны тэрийэр баҕалаах. Ону сэргэ бэйэтин тэрилтэтин баазатыгар куорат араас тэрээһиннэрин – конференциялары, мунньахтары, маастар-кылаастары ыытарга уонна Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын испииһэгинэн тэрилтэ бэтэрээннэрин кытта шефскэй үлэҕэ бэлэмин эттэ.
Салгыы Евгений Григорьев оробуочай бөлөҕө Челюскин уулуссатыгар баар төгүрүк сыл оҕурсу үүннэрэр бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаҕа сырытта. Салайааччы Ашот Карапетян 2020 сыл олунньу ыйыттан бэйэлэрин үптэринэн гидропоника ньыманан оҕурсу үүннэрбиттэрин кэпсээтэ. 2020 сыллаахха 3 сыл болдьоххо 3 мөлүйүөн солкуобайдаах кирэдьиит ылбыттар. Голландскай «Фитер» диэн уу кутар тэрилинэн тутталлар эбит. Нэдиэлэҕэ 2,5 туонна оҕурсууну хомуйан куорат маҕаһыыннарыгар туттараллар. Тэпилииссэ 700 кв.миэтэрэ сиргэ турар. Кэҥэттэр баҕалаахтарын этэн туран, Ашот Карапетян Евгений Николаевичтан куорат өттүттэн сабыылаах груҥҥа оҕуруот аһын үүннэрэр үлэһиттэри өйүүр бырагыраамаҕа киллэрэллэригэр уонна сирдэрин кэҥэттэр докумуоннарыгар көмөлөһөллөрүгэр көрдөстө.
Ити кэннэ оробуочай бөлөх Аччыгый Марха бөһүөлэгэр Наталья Семеновна Захарова кэтэх хаһаайыстыбатыгар сырытта. Захаровтар дьиэ кэргэн ынах сүөһүнэн дьарыктанар хаһаайыстыба быһыытынан 2000 сылтан үлэлиир. Билигин 13 төбө сүөһүттэн алтата ыанар ынах. Сылга биир ынахтан 3 туонна үүтү ылаллар эбит. Биир төбөҕө бэриллэр 35 тыһыынча солкуобай субсидияҕа тиксэннэр, Захаровтар үөрүүлэрэ улахан. Баһылыктан көрдөһүүлэрэ диэн оттуур сир ылалларыгар көмө эбит.
Мунньах түмүктүүр түһүмэҕэ Марха сэлиэнньэтигэр баар сибиинньэ иитиитинэн дьарыктанар «Сибирь» бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбаҕа буолла. Салайааччы Денис Савостин племенной үлэ сайдыытыгар уонна санитарнай өттүнэн харысхаллаах буолууга кэккэ кыһалҕаларын үллэһиннэ, учаастак докумуонун оҥорорго көмөлөһөргө көрдөстө.
«Биһиги бүгүн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларын кытта көрүстүбүт, наһаа кэрэхсэбиллээх бырайыактары көрдүбүт. Кинилэр бары куорат норуотун хаһаайыстыбатын тутаах үлэһиттэринэн буолаллар. Олохтоох бородууксуйанан хааччыйалларын сэргэ, үлэ миэстэтэ биэрэн дьону хамнастыыллар. Олохтоох оҥорон таһаарар хаһаайыстыбалар хааччыйар ырыынакка бигэ туруктаналларын курдук судаарыстыба уонна биһиги өттүбүтүттэн өйөбүл баар буолуохтаах», – диэн эттэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.