04.04.2023 | 10:15

«Баҕарах» комплекс сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмниир уонна үүт сүүрдэр тэриллэри ылла

«Баҕарах» комплекс сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмниир уонна үүт сүүрдэр тэриллэри ылла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Баҕарах» сүөһү комплексыгар сүөһү эбии аһылыгын булкуйар анал тэрил кэлбит. Оборудование сүөһү аһылыга биир тэҥник булкулларын хааччыйарын таһынан, эбии компоненнары туттар кыаҕы биэриэхтээх. Саҥа тэрил СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин «Развитие кормопроизводства» бырагырааматынан атыылаһыллыбыт.

Оборудование Дьокуускайга кулун тутар ортотугар кэлбит, билигин бэрэбиэркэни бара турар. Тэрилтэ аны толору рационнаах эбии аһылыгы бэлэмниир кыаҕы биэрэр компоненнары күүтэр (жмых, зернофураж, премикс уо.д.а.). Бу компоненнар сүөһү эбии аһылыгын хаачыстыбатын, калорийнаһын үрдэтэр аналлаахтар. Иҥэмтэлээх эбии аһылык ынах сүөһү уопсай туругар уонна үүтүн хаачыстыбатыгар сабыдыаллыыра саарбахтаммат. 

«Горснаб» МУТ дириэктэрэ Петр Абрамов иһитиннэрэринэн, комплекс иккис блогугар 200 ынах турар миэстэтиттэн үүт сүүрдэр турбаны туруоруу саҕаламмыт, турбаны собуоттан кэлбит идэлээх исписэлиис таҥа сылдьар. Бэлиэтээн эттэххэ, бүгүҥҥү күҥҥэ пиэрмэ көһө сылдьар ыыр аппарааттары туһана турар. Саҥа оборудованиены кэлэр нэдиэлэҕэ, муус устар 11 күнүн эргин, үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. 
Петр Абрамов эбэн эппитинэн, үүт турбата ыанньыксыттар үлэлэрин лаппа чэпчэтэрин таһынан, бородууксуйа хаачыстыбатын биллэ үрдэтэр аналлаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...